Хараҥа хос. Былыргы дьон уҥуоҕа.

12.04.2018
Бөлөххө киир:
Билигин абааһылаах киинэ эрэ дэлэй. Омуктар араас абааһыны толкуйдаан, дьон болҕомтоту тардаллар. Сахалар даҕаны хаалсыбаппыт. Хас даҕаны абааһылаах киинэ таҕыста.

Арай биһиги оҕо эрдэхпитинэ абааһылаах кэпсээннэр бааллара. Көмүлүөк оһох сырдыгар тула олорон дьулаантан-дьулаан, ардыгар сымыйа-кырдьык икки ардынан кэпсээннэри истэрбит. Ким тугу көрбүтүн, туохха түбэспитин туустаан-тумалаан, күүркэтэн кэпсииллэрэ. Билигин сааһыран олорон саныырга астык.

Оттон мин биир түгэни кэпсиэхпин баҕарабын. Сандал сааһы уруйдаан сандааран тахсыбыт маҥнайгы күн саһарҕатын кытары тэҥҥэ тураммын, ыраах эргин кустуу бардым. Саас, аҕыс ыйдаах аам-даам тымныылаах кырыа кыһын кэнниттэн уһуктубут айылҕа устун хаамартан, сибиэһэй салгынынан тыынартан ордук үчүгэй туох баар буолуой. Ыам ыйыгар эр киһи барыта кустуу сылдьар кэмэ. Мин даҕаны олортон хаалсымаары бу кэрийэ бардаҕым.
Ыппын батыһыннаран, аппын миинэн, саабын туора сүгэн, ыһыкпын кыбынан дэриэбинэттэн тахсан бардым. Дэриэбинэттэн алта көстөн ордук тэйиччи сытар улахан, номоххо киирбит кэпсээннэрдээх үрэххэ тиийэрдии айаннаан иһэбин. Онно билэр кырдьаҕас оҕонньорум үүтээнэ баар буолуохтаах. Аҕыйах хонук онно олохсуйар санаалаахпын.
Байанайым барахсан аара суолга биэс куһу бэристэ. Санаам көтөҕүллэн, иһим түгэҕэр киҥинэйэн ыллыы истим.
Оннук баран истэхпинэ атым эмискэ биир сиргэ турунан кэбистэ. Таһыйа сатаан көр, иннинэн да кэннинэн да баран бэрт. Хайдах эрэ ытырыктата санаатым. Бу тухары испэр ытым баҕайы хайа наадалаахха ханна дьөлө түстэҕэй диэн үөхсэбин. Атым биир сири тонолуппакка көрөн турар. Көрөр сирин хоту көрбүтүм, талахтар быыстарыгар туох эрэ тутуу баара көстөр. Тугун билэр баҕам баһыйан ол диэки хаамтым. Сүүрбэччэ хардыыны оҥорооппун кытары атым икки атаҕар туран тэбиэлэнээт, тула холоруктаан баран кэлбит сирин диэки түһүнэ турда. Кэлин тиһэҕэр соҕотох хаалбыппыттан кыһыйа, абара санаатым. Хайыахпын да билбэккэ турдахпына били тутуулар баар сирдэрин диэкиттэн киһи кулгааҕын чуҥкутар (ультразвук) тыас иһилиннэ. Тыас хоту эргиллибитим били талахтарынан хаххаланан турбут тутууларым төрүт даҕаны былыргы өлбүт дьону көмпүт сирдэрин сарайдара эбит. Өйбөр бачча ыраах, буолаары буолан сис ойуур ортотугар кимнээҕи көмтөхтөрөй диэн санаа охсуллан ааста. Соҕотоҕун дьон уҥуоҕун ортотугар буола түспүппүн санаан, сиһим уҥуоҕунан тымныы сүүрээн устан ааста. Төттөрү эргилэн барыах курдук гынан истэхпинэ, тыас эмиэ иһилиннэ. Хандалынан кэлгийтэрбит курдук биир сиргэ хам бааччы туран хааллым.
Дьон уҥуоҕун диэки хайыспытым, ортотугар түөрт атахтаах өрдөтөөҥҥү араҥас турар эбит. Тыас ол араҥас диэкиттэн кэлэргэ дылы. Киһи кулгааҕын чуҥкунатар тыас тохтообот. Устунан өйбүн сүтэрэн охтон түстүм.
Арай түһээтэхпинэ ол араҥастан аарыма кырдьаас ойуун тахсан: “Нохоо, эн кэлиэ суохтаах сиргэр кэлэн тураҕын. Билигин мантан бар. Аны кэлимэ. Бу сир туһунан кимҥэ даҕаны кэпсээмэ. Кэпсиир күннээх буоллаххына син биир билиэхпит. Кэнэҕэски ыччаккын эһиэхпит. Былыр бу эргин улахан ыарыы турбутугар биһигини балыйан сидьиҥник өлөртөөн, дьон сылдьыбат сирэ диэн кистээн көмпүттэрэ. Кэлин аймахтарбыт кэлэн араҥастаабыттара, киһилии көмпүттэрэ. Эйиигин сонно суох гыныахпытын илиибит барбата, санаабыт сиппэтэ. Онон бу суолу умун. Дьоҥҥун-сэргэҕин санаа” – диэт сүтэн симэлийэн хаалла. Сонно уһуктан кэлээт, дьон уҥуоҕун диэки хайыстым. Кырдьык, араҥас хаппаҕа оннуттан хамсаан сиргэ түһэн сытар эбит. Үгүһү толкуйдуу барбакка кэлбит сирим диэки сүүрэ турдум. Атым хата ырааппакка аттынааҕы алааска тиийэн мэччийэ сылдьарн тутан мииннэн, дэриэбинэм диэки салайан сүүрдэ турдум.

Хаһан даҕаны түбэспэтэхпэр түбэһэн уолуйан, дьиэбэр тиийэн ыалдьан хас даҕаны күн ороммор сыппытым. Ый устата түүлбэр били аарыма кырдьаҕас ойуун оҕонньор уҥуох-тирии буолбут сирэйэ көстөн бэрт эрэйинэн утуйар буола сылдьыбытым. Дьоммор кус ылаары муустаах ууга түһэн чугастааҕы үүтээҥҥэ куурдунан баран кэллим, ол иһин тымныйдым диэн албыннаабытым. Кэлин бу кырдьан олорон эрэ эһиэхэ хаһыат нөҥүө тиэрдэн суруйдум.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0