Мэҥэ Хаҥалас улууһугар соҕотох ийэ соҕотох кыыһа оҕолоноору өлбүт. Биир да эр киһи өттүттэн табаарыһа суох, сүрдээх сэмэй, үлэһит кыыс кимтэн хат буолбутун төрөппүт ийэтэ да билбэккэ хаалбыт. Буолаары буолан, соҕотох оҕотун санаан, аһыйан, ытаан-соҥоон, ыҥыран, суланан тахсаахтыыр эбит…
Биирдэ ийэ күнүскү түүлүгэр кыыһа чараас туман буолан хоско киирэн кэлбитэ. «Ийээ, эн тоҕо миигин куруук ыҥыраҕын. Антах ийэҥ эйиигин ыҥырар диэн сөбүлээбэттэр ээ. Тоҕо эн куруук айманаҕын. Мин үчүгэйдик сылдьабын ээ. Ыанньыксыттыы сылдьабын. Антах син биир маннааҕы курдук хотоннор бааллар, уратылара диэн түннүгэ суохтар. Өлбүт сүөһүлэр, сылгылар бары онно бааллар ээ. Ийээ, эн мин туохха түбэспиппин билбэккин… Итиннэ, таҥас ыйыыр ыскаап төрдүс долбууругар сибэккилээх былаакка «Аммаҕа» диэн аадырыстаммыт суругу ылан ааҕаар. Чэ, үчүгэйдик олор уонна миигин хаһан да ыҥырыма, мин туспар долгуйума. Быраһаай!», — диэбит уонна чараас туман буолан тахсан барбыт. Олох илэ киирэн тахсыбытын курдук үһү. Ийэ түүлүн санаатыгар ыга баттатан олорон, кыыһа сурук туһунан эппитин өйдүү биэрэн, шифоньер төрдүс долбууруттан былаакка сууламмыт суругу таҥастар быыстарыттан булан ылбыт. Кэмбиэр таһыгар «Аммаҕа» эрэ диэн суруллубут эбит. Сурукка: «Сайын дьүөгэбинээн кинотеатрга киинэҕэ барбыппыт. Киэһэ киинэ кэнниттэн дьиэбитигэр төннөн истэхитинэ дьоннор эккирэппиттэрэ. Мин сүүрэн иһэн, ачыкым сиргэ түһэн хаалан (бу кыыс сүрдээх халыҥ таастаах ачыкы кэтэр эбит), ону ылаары булумахтана сырыттахпына, биир киһи ситэн ыбыта. Мин сордооҕу...», — диэн суруллубут эбит.
Дьэ ити. Сымыйа диэҕи бокуонньук кыыс суруга ханна баарын бэйэтэ оруобуна ыйан биэрээхтээбит эбит.
Валентина Бочонина, «Эдэр саас» хаһыаттан, 1998 сыл
Хаартыска https://news.noteru.com