Хараҥа хос. Абааһы моһуоктаабыта.

02.04.2018
Бөлөххө киир:
Быйыл саас Хаҥалас Төхтүрүгэр арыыга күтүөтүм убайыныын Сэмэнниин кустуу киирдибит. Киирбиппит арыыга уу суох. Арай биир сиргэ үчүгэй баҕайы уу тахсыбыт, онно саҥа дурда турар эбит.Эрдэ биһиги иннибитинэ киирбит уолаттар онно дурдаламмыттарын истибиппит. Ол гынан баран, ыраахтан көрдөхпүтүнэ, дьоммут онтон мончууктарын эһэн, атын сиргэ көһөрдүү хомуна сылдьаллар эбит. Тиийиэхпитигэр дылы көһөн баран хааллылар. Онон кэпсэппэккэ хааллыбыт.Биһиги хата бэлэм дурдаҕа бэйэбит уубут ириэр дылы сытыахха диэн быһаарынныбыт. Халлааммыт тымныыта тыала сүрдээх. Онно манна дөрүн-дөрүн саа тыаһыыра иһиллэр. Дьэ, мончууктарбытын анньан, сирбитин аһатан,бэйэбит эмиэ аһаан-сиэн бүтэн, дурдабытыгар киирэн олордубут. Син балайда олордубут.
Халлааммыт сыыйа хараҥаран, туох да көстүбэт буолла. Биһиги сырдыар дылы утуйан ыларга быһаарынныбыт. Өр баҕайы уум кэлбэтэ. Эргичиҥнии сыта түһэн баран сылайбытым таайан нухарыйан бардым. Ол сыттахпына доҕоор, киһим “ый да хай” буола түстэ. Дурдабыт иһэ тип-тилигирэс, Киһим: “Ыыт диибин!” – дии-дии аҥаар атаҕынан тэбиэлэнии да тэбиэлэнии. Мин олоро түстүм. Өйдөөн көрбүтүм киһибин аҥаар атаҕыттан туох эрэ көстүбэт таһырдьа соһор. Мин уолуйдарбын да киһибин иһирдьэ тардан көмөлөһөөччү буоллум. Дьэ, онно эрэ мүлчү туттардыбыт. Улаханнык куттанныбыт. Сирэй-сирэйбитин көрүстүбүт уонна: “Ити аата хайдах-хайдаҕый” дэстибит. Арааһа харахпыт иирдэ быһыылаах диэн быһаардыбыт.
Халлааммыт билигин даҕаны хабыс хараҥа. Эмиэ утуйуох диэн буолла. Арай түһээтэхпинэ дурдабыт хаҥас өттүгэр икки куба кэлэн түстэ. Дьиктитэ, биирэ хара, биирэ маҥан олоноохтор. Сыыйа туман курдук буолан холбоһон, кыраһыабай да кыраһыабай кыыс буолан хаалла. Күөлбүт уута ып-ыраас муора уутун курдук курдат көстөр, араас балык уста сылдьара кытары курдат көстөр буолан хаалла. Олору көрө олордохпуна биир балык дьэ кэллэ ээ, киһи курдук атахтаах, сордоҥ курдук төбөлөөх устан кэлээт да саппыкыбыттан ытыран аллараа соспутунан барда. Ону кытары охсуһа сырыттахпына били кыыһым кэллэ да уолукпуттан таһырдьа соспутунан барда. Онно өйдөөн көрбүтүм кыыһым сирэйэ кубарыйан хаалбыт. Аһыылара килбэйэн олороллор, хабарҕабар түһээри аны ол дьирээтэ буолла. Ол быыһыгар: “Мин маннааҕыбын, өрдөөҕүтэ ити кэннигитигэр баар бадарааннаах ууга түспүтүм, бэйэм баҕабынан эн миэнэ буолуоҥ!” – диэн саҥалаах буолла. Мин испэр ыллаххына-ылыаҥ, баспын таах мээнэ биэриэм суоҕа диэн сантым уонна туох-баар күүспүн, өйбүн-санаабын түмэммин мөхсүү-да мөхсүү. Киһибин: “Ити абааһылары ыт, саанан ыт, көмөлөс” – диэн хаһыытыы сатыыбын да саҥам кыайан тахсыбат.Онтон, дьэ, уһукта биэрбитим киһим синньигэс биилбиттэн кууһан баран миигин иһирдьэ тардыһа сылдьар эбит. Били баҕайы уһугтаҕаспар көстүбэт эбит. Онтон хайдах эрэ гынан мүлчү туттардыбыт. Иккиэн саҥата-иҥэтэ суох балайда олордубут.
Көхсүбүт арыый кэҥээн, маннык буоллаҕына табыллыбат, арааһа анараа уолаттары эмиэ ити баҕайы моһуоктаан куоппуттар быһыылаах диэн быһаардыбыт. Аны утуйумуох, утуйдахпытына кэлэр эбит дэстибит. Халлааммыт да сырдаан эрэрэ.
Сарсыарда атын сиргэ көстүбүт. Күнүс кыттыгастарбыт кэллилэр. Олорго туохха түбэспиппитин кэпсээбиппитигэр: “Ол иһин даҕаны. Ити хоммут сиргитин урут кырдьаҕастар абааһылаах сир диэн кэпсииллэрэ.” – дэстилэр. Мин биир бэйэм абааһы диэни соччо итэҕэйбэт этим да билигин илэ тардыалаһан баран кырдьык баар эбит диэн быйыл сааскыттан дьэ, итэҕэйдим…
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0