ХАРАҤА ХОС: Абааһы моһуоктаабыта

Ааптар:  Хара Бэкир
15.06.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Түүн куукунаҕа ким эрэ иһити тыаһатарыттан уһуктан кэллим. Эмиэ кэллэ, баарын биллэрдэ. Номнуо үөрэнэн да эрэр курдукпун. Бу түүн аайы хатыланар хартыына. Мин бу дэриэбинэҕэ ананан учууталлыы кэлбитим үһүс ыйыгар барда. Дьаһалта саҥатык соҕус дьиэни биэрбитэ. Дьиэ төһө да сэнэх туруктааҕын, көстүүлээҕин иһин, хара маҥнайгыттан кутум-сүрүм тохтообот. Биллибэт дьукаах, ким эрэ баар диэн курдаттыы сэрэйэбин. Тутуу тыа саҕатыттан чугас булгунньах курдукка турара.

Бастаан кэлбитим утаа баарын биллэрэн дэлби тыаһаан, ону-маны хамнатан үс-түөрт күн сүгүн утуппатаҕа. Дьоҥҥо тыллыахпын кыбыстабын. Хомуньуус эрээри соҕотох олороруттан куттанар дии саныахтара. Кэлин, “ыкса билсиспит” киһи быһыытынан дьукааҕым мээнэ биллибэт буолбута. Хата илэ дьүһүнүн көрдөрө илик. Көрдөрбөтөр эрэ ханнык.

Үөрүйэх киһи быһыытынан баарбын биллэрэн улаханнык сөтөлүннүм, ороммор мөхсөн тыаһаатым. Чуумпурда. Харахпын симэ сытабын. Чочумча буолаат хоһум аана оргууй арылларын истэн харахпын астым. Кырдьык, саала түннүгүнэн киирэр сырдык хһум аанынан көстөр. Онтон эмискэ дьиэ таһыгар кэтэр хаатыҥкам аанынан көтөн киирэн хос ортотугар түстэ. Олус соһуйдум, хаһан даҕаны маннык моһуоктаабатаҕа ээ. Туох буоллаҕай? Туруох буолан эрдэхпинэ аны иккис хаатыҥка элээрэн кэлэн адьас иннибэр түстэ. Хаһытаан ылбыппын билбэккэ да хааллым. Уоту холбуохпун ыраах, аан таһыгар турар. Тугу гыныахпын билбэккэ дөйөн олордум.

Төһө өр оннук олорбуппун билбэппин, арыый уоскуйаммын туран уоппун холбоотум. “Киһим” баар сибикитэ биллибэт. Саалаҕа тахсыахпын саллабын. Хаатыҥкалары ылаттаары көрбүтүм доҕоор, ыскаап таһыгар иккиэн кэккэлэһэн тураллар эбит. Санаабар ким эрэ кэтэн турарын курдук. Төбөбөр “ама бэйэм уурдаҕым дуу?” диэн санаа охсуллан ааста. Таһырдьа куотан тахсаары таҥаспын ылан түбэһиэх кэтэн киирэн бардым. Оннук мчумааннана турдахпына аны уотум барда, хоһум аана сабыллан хаалла. Сонно ыас хараҥа ортотугар биирдэ баар буола түстүм.

Аан быыһынан киирэр сырдыкка ким эрэ күлүгэ устан ааста. Сүһүөхпэр кыайан турбат буолуохпар диэри куттанным. Илиибинэн истиэнэни сууралаан уот холбууру баттаталаан көрдүм да туһа суох. Күлүк төттөрү таары хаамыталаат көстүбэт буолла. Хайа диэки барар да онно тыас иһиллэр. Аны муннубар бэрт куһаҕан сытыйбыт сыт билиннэ. Хайдах эрэ гынан таһырдьа куотан тахсар киһи. Санаабар ааны арыйдым да үрдүбэр саба түһүөх курдук. Туран иһиллии түһэн баран хоһум аанын оргууй арыйан чуҥнаан көрдүм. Туох да суохха дылы. Хорсуммун киллэрэн өрө тыынаат, сымыһахпын быһа ытыран баран тахсар аан диэки дьулустум. Ааммар чугаһаан иһэн хараҕым утары турар сиэркилэҕэ хатанна. Көрбүтүм хабыс хараҥаттан уҥуох-тирии буолуор диэри куура хаппыт, төбөтүгэр аҕыйах салаа баттаҕа арбайбытынан, көҕөрө кубарыйбыт “киһи” сүүрэн тахсан үрдүбэр саба барыйан эрэрэ баара…

Кутталбыттан өйбүн сүтэрэн кэбиспиппин. Биирдэ өйдөммүтүм таһырдьа тоҥуу хаары кэһэн аттынааҕы ыалга баран иһэр эбиппин. Тоҥмуппуттан сэрэйдэххэ таһырдьа балайда сылдьыбыппын быһыылаах. Хаарга дэлби буккуллубуппун. Хоонньум иһэ бүтүннүү хаар. Ыалбар бэрт эрэйинэн тиийэн ааннарын тоҥсуйдум. Хаһаайыттар бастаан утаа итирик дии санаабыттара. Онтон арыгы сыта суоҕуттан сэрэйдилэр быһыылаах. Ол эрээри тугу да токкоолоспотулар.

Сарсыныгар этим бүтүннүү көһүйэн хаалбыт, хамсанарбар ыбыс-ыарахан. Этим ип-итии, сатаан турар кыаҕым суох этэ. Көхсүбэр тыҥыраҕынан хайа тардыы суола хаалбыт этэ. Тэлэгириэйкэм көхсүнэн хайдыбыт. Ыйтан ордук кэм ыалдьан орон-тэллэх киһитэ буолан сыппытым. Били бааһым ааһыаҕынааҕар улаатан испитэ. Ол дэриэбинэҕэ хата эмчит эмээхин баара. Кини ыраастаан, эмтээн аһардыбыта. Ол да буоллар суола үйэ тухары хаалбыта. Абааһым хойукка диэри түүлбэр киирэн сордоон аҕай биэрэрэ.

Үтүөрэн баран малбын хомунаары дьиэбэр тиийэ сылдьыбытым. Ааны таһыттан ким эрэ олуйбут этэ. Арыйан киирбитим малым бүтүннүү ыһыллан хаалбыт. Таҥастарым муостаны биир гына тэлгэммит. Төттөрүн тахсан икки доҕорбун ыҥыран малбын хомунаат, улуус киинигэр киирбитим.

Билигин санаатахха ити быһылаан буолуон иннинэ биир доҕорум: “Дьиэҕэр туох да биллибэт дуо? Былыргы киһи уҥуоҕун таһыгар тутуллубут дьиэ үһү диэн кэпсээбиттэрэ.” – диэн ыйыталаспытыгар киһиргээн: “Ээ, суох. Бастаан утаа мээнэ тыас иһиллэрэ. Билигин тыаһаабат. Ардыгар суохтуубун ээ. Кэллэҕинэ дьиҥ хаһаайынныын билсэ таарыйа чээй иһиэм этэ” – диэн күлүү-элэк быһыытынан эппиэттээбитим. Баҕар, онно өһүргэнэн баарын лаппа биллэрэн ааспыта буолуо диэн түмүк оҥостубутум.

Кэлин ол дьиэ биир түүн туран эрэ күлэ эрэ хаалыар диэри умайбыт сурахтааҕа. Дьиктитэ диэн, баһаарга дьиэ эрэ буолбакка, олбуор күрүөтэ, тэлгэһэ иһигэр турбут тутуулар бүтүннүү уокка былдьаммыттар үһү. Баҕар күүркэтэн кэпсээбиттэрэ буолуо эрээри, ити дьикти сир этэ.

Хара Бэкир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
0
+1
0