Хараҥа хос
Эргэ оскуола абааһыта
Аҕыйах сыллаахха дылы биһиги нэһилиэкпит оҕолоро (нэһилиэк аата биллэр биричиинэнэн суруллубата) өрдөөҥҥүтэ тутуллубут, хаарбах туруктаах оскуолаҕа үөрэнэллэрэ. Үөрэхпэр мөлтөх буолан, оскуолам кэнниттэн үөрэххэ кыайан киирбэккэбин, аармыйа кэлээт быстах кэмҥэ оскуолаҕа харабылынан үлэлии киирбитим. Урут даҕаны бу оскуола абааһытын туһунан дьулаан сурахтары кэпсииллэрэ. Санаабар нэһилиэк олохтоохтор бары бу оскуола абааһытын көрбүт курдуктара.
Маҥнайгы күммэр саха төрүт үгэһин тутуһан үс муннукка арыылаах алаадьы ууран аһыппытым. Санаалыын чэпчээбит, куттанарым ааспыкка, абааһы сүппүккэ дылы буолбута. Үс ый курдук туох даҕаны биллибэтэҕэ. Үөрэнэн да хаалбытым. Ардыгар, итирик дьон оскуола уоттаах турарын көрдөхтөрүнэ кэлэн тоҥсуйаллара. Ону сөбүлээбэт буоламмын уоппун умуруоран, хараҥаҕа тэлэбиисэр эрэ сырдыгар олорорум. Олорор хоһум киирэр аан таһыгар сон ыйыыр сирдэрин (раздевалка) кытары кэккэлэһэ турара. Утары уһун көрүдүөр.
Биирдэ хоспор идэбинэн тэлэбиисэр көрө олорон нухарыйан ылыбытым. Арй түүлүм быыһынан иһиттэхпинэ көрүдүөр устун ким эрэ хаамар тыаһа иһилиннэ. Сонно соһуйан уһуктан кэлэн тыас диэки хайыспытым салгыҥҥа утары чүмэчи уота умайара көстөр. Испэр түннүгүнэн массыына ута тэйэн киирэр буолуо диэн ойун туран истэхпинэ уотум ким эрэ үрбүтүн курдук эмискэ умуллан хаалла. Соһуйбут омуммар аҕыйах сөкүүндэ дөйөн турдум. Онтон аны тэлэбиисэрим умулунна. Маҥнайгыбын манныкка түбэһэн, кутталбыттан салыбырас буолбут илиибинэн уоту холбоору истэнэни харбыалаһан, кунуопкабын нэһиилэ булан баттаабытым лаампам умайбата. Дьэ, ыксал буолла. Хайыырбын билбэккэ хараҥаҕа харбыалаһан аны панаарбын буллум. Атаҕым-илиим босхо баран хаалбыт курдук. Сэрэнэ-сэрэнэ панаарбын тыктардым. Уу-чуумпу. Туох да суох. Тахсар аан диэки хардыылаан истэхпинэ чүмэчи уота эмиэ умайда. Бу сырыыга биир сиргэ турбат. Утары оргууй устан иһэр. Ким эрэ тута сылдьар. Төһө да куттаннарбын ааным диэки баран иһэбин. Кутталбыттан атаҕым истибэт. Туора-маары үктээммин охто сыһабын. Бэрт эрэйинэн ааммар тиийэн, (дьиҥэр олорор сирбиттэн уонча хардыы) арыйа сатаан хатыыр күрүчүөгүн тардыалаан ырычаахтаһа турдахпына доҕоор, кэннибэр хаамар тыас чугаһаатар чугаһаан, чүмэчитин уота сандааран абааһы субу барыйан кэллэ. Кэннибин хайыһыахпын куттанабын эрээри, эргиллэн көрбүтүм доҕоор… маҥан былааттаах, баттаҕын сирэйин саба түһэрбит дьахтар кубарыйан хаалбыт, бүтүннүү уҥуох-тирии буолбут хаҥас илиитигэр чүмэчитин туппутунан, уҥа илиитин миигин харбаары сараппытынан бу кэлэн иһэр эбит. Ааны хатыыр күрүчүөк төлө бараатын кытары панаарбын сиргэ бырахпытынан таһырдьа ыстанан кэбистим. Кэннибэр киһи куйахата күүрэр сүрдээх куһаҕан дьахтар хаһыыта иһилиннэ. Сонно ойон тураат инним хоту сүүрэ турдум. Түбэспэтэхпэр түбэһэн, кутталбыттан уолуйан хаалан нэһиилэ дьиэбэр тиийэн муостаҕа сууллан түһэн өйбүн сүтэрэн үс күн сыппыт этим. Өйбүн булан да баран, ыйы ыйдаан суорҕан-тэллэх киһитэ буолан ороммор сыппытым. Ол тухары хас эмэ түүнү быһа ол көрбүт дьахтарым киирэн сордообута.
Кэлин саҥа оскуола туппуттара. Оттон ол эргэ оскуола билигин да турар. Биир биригээдэ (барыта нууччалар) көтүрэ сатаабыттара даҕаны да, кыайбатахтара. Биир киһилэрэ улаханнык эчэйэн, икки киһилэрэ төбөтүнэн бырахтаран, куотан кэриэтэ барбыттара. Ол оскуола таһынан даҕаны ааспат буолбутум. Санаабар били дьахтар хараҥа түннүгүнэн көрөн турар курдук.
Куока.