«Хараҥа хоһу» өҥөйөн көрдөххө… (ТЭТТИК КЭПСЭЭННЭР)

Ааптар: 
20.01.2017
Бөлөххө киир:

УБАЙЫМ ЫҤЫРАР

2009 сыллаахха этэ. Ийэлээх аҕабыттан көҥүллэтэн, аан бастакыбын таҥхалыы барар буоллум. «Төлкө» кинигэбин кууспутунан, эргэ бэкээринэҕэ доҕотторбун кыыта мустуох буолан үлэспиппит. Ыаллыы олорор уолум онно харабылынан үлэлиирэ. Болдьоспут кэммитигэр, дьэ, таҕыстым (хата, дьиэбиттэн чугас турара). Бэкээринэбэр тиийбитим табаарыстарым бааллара, бастаан кэпсэтэ түстүбүт. Онтон кинигэбитин «ааҕыахха» диэн буолла… Бары хайдах эрэ солуута суох күлэ — сала олордубут, өссө атын оҕолор кэлитэлээтилэр, онно аралдьыйан ыҥырбыт «киһибитин» кытары быраһаайдаспакка эрэ кинигэбитин сабан кэбистибит. Устунан төрүт даҕаны арыгылааһын буолан барда, мачайданыы бөҕөтө буолла. Саҥа кэлбит оҕолор быыстарыгар биир саҥа аармыйаттан кэлбит уол баара, олох өлөр ип-итирик этэ, дьаллараҥнааһын бөҕөтө буолла. «Чэ, айа, ньаҕайдаһан бүтүө суохтар», — диэн баран дьиэбэр таҕыстым, дьиэбэр тиийэн утуйан хааллым. «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
Сарсыныгар чэйдээн бүтэн, иһит сууйа турдум. Түннүгүнэн көрбүтүм били ыалым уол ийэтэ биһиги диэки кэлэн иһэр эбит. Дьиэҕэ киирэн баран: «Сүрэх эмтээххит дуо? » — диэтэ. ийэм ылан биэрдэ. Аны миигиттэн ыйытта: «Бэҕэһээ эн эмиэ баарыҥ дуо?», мин: «Баарым» диэтим. Онтон чочумча буолаат кэпсээтэ: «Бэкээринэҕэ бҕэһээ түүнү быһа охсуһуу бөҕөтө буолбуттар, аармыйаттан кэлбит уол ыйанан кэбиспит үһү» — диэн кэпсээннээх буолла. Мин ону истэн соһуйдум аҕай, этим тымныйталаата, бу маарыын эрэ көрбүт, кэпсэппит киһим ыйанан кэбиспит!.. Сарсыарданан биир дьүөгэм таһырдьа табахтыы турдаҕына уп-уһун хара күлүк курдук киһи сылдьарын көрбүт, онтон куттанан төттөрү бэкээринэҕэ куотан киирбит. Аармыйаттан кэлбит уолбут түүн биэс саҕана сыгыньахтанан баран киһи уҥуохтарын диэки сүүрэ турбут. Арай иһиттэхтэринэ «убайым ыҥырар» диэ да диэ буолар үһү (ол убайа кини аармыйаттан кэлиэн аҕай эрэ иннинэ өлбүтэ, сүрэҕэ тохтоон). «Ол быа эҥин суох этэ, хантан булбутуй?» — диэн ыйытааччы буоллум, онуоха ыал дьахтарым: «Тимир борубулуоханан», — диэн хоруйдаата. Кырдьык, аан аттыгар тимир борубулуоха сытар этэ, биһиги онтон иҥнэн охто сыһа — сыһа бэкээринэҕэ киирбиппит диэн саныы биэрдим. Өлбүт уол бэкээринэ түннүгүн барытын тоҕута сынньыбыт уонна хабарҕатын хайа сотто сатаабыт үһү, ону тохтоппуттарын: «Син биир өлөбүн, миигин убайым хаһыс да күнүн ыҥырар, түүнүн утуппаттар, илэ кэлэллэр, аргылаатахпына эрэ биирдэ суох курдуктар» — диэхтээбит үһү…

САЛГЫН ХААРТЫСКАТА

Урут оҕо сылдьан аҕабынаан убайбытыгар окко көмөлөhөрбүт. Киэhэ алааспытыгар, үүтээн таhыгар утуйаары сылдьан бары остуолга чэй иhэ олорбуппут. Ол олордохпутуна чуумпуга ыраахтан тыраахтар айаннаан иhэрэ иhилиннэ. Сүүрбэччэ мүнүүтэнэн сабыыс-саҥа «Беларусь» тыраахтар алааска киирэн, КДП охсорун түhэрэн, охсуллубут сиргэ оҕустарар курдук арыылаан барда. Дьонум соhуйан: «Хайдах буолбут киhиний?» — диэт, убайдаах аҕам күөлү эргийэ ол тыраахтарга бардылар. Мин эhэм, быраатым уонна икки убайым буолан балык сии хааллыбыт, убайдарым: «Туох дьикти киhитэй, чугас алаастарга маннык саҥа тыраахтардаах киhи суох буолуохтаах этэ», — эҥин диэн кэпсэтэ олордулар. Барбыт дьоммут сирдэрин аҥарыгар ситэ тиийбэккэлэр эрэ төттөрү эргийэн иһэллэр эбит. «Хайа, хайалара эбитий?» -диэн ыйыта тоhуйдубут, дьоммут саҥата суох олорон, табахтаан эҥин баран, аҕам убайа эттэ: «Бааска сылдьар», — диэтэ (мин аҕам аата Бааска диэн). Чугаhаан иhэн көрбүттэрэ, саҥа тыраахтарга аҕам эдэр эрдэҕинээҕитинэн олорор үhү, адьас дьон кэлбитигэр наадыйбат, хайыспат, охсорун көрөн баран олорор үhү. Биhиги куттанан барбыппытыгар аҕам: «Чэ, наhаа куттанымаҥ, салгыҥҥа олорон хаалбыта көстөрө буолуо», — диэбитэ (урут сопхуос саҕана аҕам тырахтарыыстыыр этэ). Ити түбэлтэ кэнниттэн 3-4 хонон баран күтүөппүт  уолун илдьэ от кэбиһэргэ көмөлөһө кэллибит диэн кэлбиттэрэ. Эбиэттии олорон күтүөппүт кэпсиир:  «Бэҕэhээ күнүс от бугуллуу сырыттахпытына биир матасыыкыллаах киhи бугуллары быыhынан айан суолунан түргэн баҕайытык элээрдэн иһэр эбит», — диир. «Бу үлүгэр куйааска итиччэ түргэнник көтүтэн иhэр киhи буора бурҕайбатый диэн муодарҕыы турдахпытына, олох чугаhаан аттыбытынан эрэ, сүүрбэ миэтэрэлээх сиринэн кэлэн ааста, көрбүппүт Бааска олох эдэр эрдэҕинээҕитинэн олорор», — диэн кэпсээннээх буолла. Күтүөтүм аах ыҥыран эҥин көрбүттэр даҕаны олох наадыйбат, көрбөт курдук туттан, кэлэн ааhа турбут үhү. Ону дьоммут туох эрэ буолтар быhыылаах диэн, билэ-көрө таарыйа, көмөлөhө кэлбиттэр эбит. Киэhэтигэр аhыы олорон убайым аах: «Мээнэҕэ инник салгыҥҥа көстүбэтэҕин буолуо, онон арчылан», —  диэннэр, нөҥүө күнүгэр биир алгысчыт эдьиийигэр баран арчыланан кэлбитэ. Ол кэнниттэн этэҥҥэ, хата, туох даҕаны буолбатаҕа. Айылҕаҕа салгыҥҥа олорон хаалбыт көстүүлэр, ханнык эмит бириэмэҕэ көстөн ааhаллар эбит.

ХАТЫҤ ИЧЧИЛЭРЭ

Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына төрөппүттэрим миигин мэлдьи лааҕырга сырытыннарар этилэр. Бэйэм даҕаны, улуус киинигэр олорор буолан дьиэбэр тэһийбэт этим. Арай, биир сайын дьонум Аллараа Бэстээххэ баар «Сосновкаҕа» сынньата ыыттылар. Онно илин эҥээр бары кэриэтэ улуустарыттан оҕолор кэлэн сынньаналлара. Хоспутугар кыргыттар сэттиэ буолан олорорбут. Уһун сайыҥҥы киэһэлэргэ тугу гыныахпытый? Утуйуохпут иннинэ ону-маны, абааһылааҕы ыаһахтаһабыт. Биир оннук киэһэ, аттыбар сытар кыыһым «мин дьон санаатын сатаан ааҕабын ээ» диэн кэпсээн соһуталаата. Биһиги бүтүннүү кулгаах, харах иччитэ буола түстүбүт. Кыыспыт оту-маһы кытта кэпсэтэбин, иччилэри көрөбүн уонна айылҕаттан бэриллибит күүспүн атын дьоҥҥо бэрсиэхпин сөп эҥин диэтэлээтэ. Дьэ, оччолооҕу истибит дьон күүс бэриһиннэрэ охсон айылҕаны кытта кэпсэтээри буолан — хаалан турдубут. Кыыспыт бэккэ боччумнанан олорон аҥаар кырыытыттан ытыспытыгар ытыһын даҕайан, кырдьык-хордьук тугу саныы олорорбутун таайан, «күүһүн бэрсэн», алҕаан барда. Санаабытын олус таба таайар буолан тута итэҕэйдибит. Мантан антах ити дьарык биһиги сүрүн сыалбыт-сорукпут буолла. Күнү быһа оту-маһы кытта кэпсэтэ сатыыбыт, сир иччилэрин ыҥыран күндүлүүбүт, араас куһаҕан тыынтан харыстанар талисманнары оҥостобут. Оҕо-оҕо курдук үлүһүйбүппүт ис сүрэхпититтэн тахсар буолан, бэйэбит даҕаны онно-манна итэҕэйэр буолан бардыбыт. Биирдэ таһырдьа баар убуорунайга тахсан иһэн, соһуйуу бөҕөтүн соһуйан төттөрү сүүрэн киирдим. Арай көрдөхпүнэ, хатыҥнар быыстарынан үп-үрүҥ ырбаахылаах кыргыттар дьиэрэҥкэйдээн тэбэ сылдьаллар. Сахалыы наһаа үчүгэй ырыаны ыллыы-ыллыы, күлэн чачыгыраһаллар. Мин тута «кыргыттарым дьээбэлэнэ сылдьаллар» дии санаан кыргыттарым ороннорун тиийэн кэрийэ көрбүтүм, бука бары эйэ дэмнээхтик утуйа сыталлар эбит. Дьиибэргии түһэн баран утуйан хааллым.
Дьэ, дьиибэ дии? Кырдьык, хатыҥ иччилэрин көрбүтүм дуу, эбэтэр били оонньуубутун олус чугастык ылынан, аһара итэҕэйэн, оҥорон көрөр дьоҕурум күүскэ аһыллан кэлбитэ дуу?

«ВКонтакте» сайт «Иччилээх кэпсээннэр» бөлөҕүттэн.

Ааптар арпагырааппыйата уларыйбата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0