Хапытаалынай өрөмүөнү ыытыахтара  

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дьааҥыга Суордаахха халаан уутуттан төлөрүйэн, ыраастанар,  чөлүгэр түһэрэр үлэни кыахтара тиийэринэн тэрийэллэр, үгүс көмө да оҥоһуллан эрэр. Ол туһунан манна ааҕыҥ.

Халааҥҥа түбэспит Дьааҥы Суордааҕар чөлүгэр түһэринии үлэтэ барар. Суордаахха 409 бырапыыскалаах киһи баар, дьиҥнээҕинэн 336 киһи олорор. Олохтоох оскуолаҕа 52 оҕо үөрэнэр, дьыссаакка 35 оҕо сылдьар. Сай ортото кыһалҕаҕа түбэспиттэргэ олус былдьаһыктаах күннэр (кыстыкка этэҥҥэ киирэргэ) тураллар. Аҕыйах хонуктааҕыта улуус баһылыгын кытта  ОДьКХ филиалын дириэктэрэ Владимир  Семенов, Арктика миниистирэ Владимир Черноградскай, тутуу министиэристибэтиттэн кэлэн бардылар.

Баһылык Владимир Стручков этэринэн, бары социальнай эбийиэктэр хапытаалынай өрөмүөҥҥэ наадыйаллар. Бөһүөлэк иһинээҕи суолу-ииһи уу суурайбытын, алдьаппытын оҥоруохтаахтар. Халаан таһаарбыт хоромньута улахан. Онон сибээстээн, олохтоох дьаһалта Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко, улуус баһылыга Гаврил Чириков ааттарыгар төһө хоромньу тахсыбытын, туох үлэни ыытыахха сөбүгэр, туох көмө оҥоһуллара ирдэнэригэр суһаллык сайаапка суруйан түһэрбитэ.

Онно этиллэринэн, 2018 сылтан Дулҕалаах үрэххэ дириҥэтэр үлэни ыытыы ирдэнэр. Суордаахха олорор инбэлииттэргэ, дьарҕа ыарыылаахтарга, кырдьаҕастарга санаторийга эмтэнэргэ путевканан көмөлөһөллөрүгэр көрдөспүттэр. Ону тэҥэ халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэньэни чинчийтэриигэ эмчиттэри ыытары туруорсаллар. Халаан уутун содулун туоратыыга тыраахтар, бульдозер курдук тиэхиньикэлэрэ суох табыллыбатын ыйбыттар.

                                                                                                                                                                                     

Суруктан көрдөххө, социальнай эбийиэктэргэ үгүс үлэ ыытыллара ирдэнэр. Холобура, “Васильев Д.П.” ИП бэкээринэтигэр хатыйсыы  тахсан, тэрилин барытын толору уларытыы ирдэнэр. Үүт тутар пууҥҥа хапытаалынай өрөмүөн, 1-кы уонна 2-с нүөмэрдээх хотоннорго хапытаалынай уона быстах өрөмүөн оҥоһуллуохтаах. Дьаһалта саҥа дьиэтэ тутулларыгар баҕалаахтар. Суордаахха инфраструктураны чөлүгэр түһэриигэ, биллэн турар, уматыкка наадыйаллар (2 т). Ону тэҥэ ууга барбыт дьиэлэргэ ыытыллар үлэлэргэ хаптаһынтан саҕалаан линолеумугар тиийэ сакаастаабыттар. Холобура, 200 устуука муоста кырааскатын, 3 дьааһык түннүк тааһын уо.д.а.

Олохтоохторго суунар тэрил, оҕо аһылыга, утуйар таҥас (100 устуука), үөрэнээччилэргэ оскуолаҕа кэтэр форма, о.д.а. наадата сурукка ыйыллыбыт.

Бу үгүс наадыйыыларынан мал-сал, тэрил кэлэн эрэрин, сорох кырдьаҕастар санаторийга тиийэн эмтэнэн эрэллэрин туһунан иһиттибит.  Нэһилиэк түөрт эдэр ыччата кырдьаҕастарга волонтердаан, көмөлөһөллөр. Үчүгэйэ диэн Суордаахха устудьуоннар этэрээттэрэ көмө-ньыма буола кэлбитэ нэдиэлэ буолбут. Кинилэргэ олохтоох дьаһалта асчыты анаабыт. Онон хамсааһын тахсан эрэр. Айылҕа иэдээнин бастакынан көрсүбүт нэһилиэккэ хамсатыылаах көмө оҥоһуллан, кыстыкка этэҥҥэ киирдэллэр.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова
хаартысканы: олохтоох дьаһалта ыытта

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0