Хапытаалынай өрөмүөн төлөбүрэ үрдүөҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хапытаалынай өрөмүөн төлөбүрэ эһиилгиттэн эмиэ үрдээри турар.

Ол курдук, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үрдэтиллибит сыананан төлүөхпүт.  СӨ Олох-дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыба уонна энэргиэтикэ министиэристибэтэ сэтинньи 24 күнүгэр таһаарбыт бирикээһинэн, 2024 сыллааҕы усуонус кээмэйэ олохтоммут. Кэлэр сыл саҥатыттан мас дьиэҕэ олорооччулар 1 кв миэтэрэ иһин 8 солкуобай 21 харчыны, оттон лиибэ суох таас дьиэҕэ олорооччулар 11 солкуобай 55 харчыны, лииптээх  таас дьиэҕэ олорооччулар 15 солкуобай 35 харчыны төлүөхтэрэ.

Сиһилии https://fondkr.ru/page/?id=2463 киирэн ааҕыҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0