Хапытаалтан 30000 солкуобайы ылан туһаныахха сөп

Бөлөххө киир:

2022 сыл ыам ыйын 17 күнүттэн 2023 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри “100 сыл оҕолоро” хапытаалтан дьиэ кэргэн харчыга наадыйдаҕына, 30 тыһыынча солкуобайы ылан, ханнык баҕарар сыалга туһанар кыахтаах. Хапытаал суумата — 100 тыһыынча солкуобай. Оччотугар, хапытаал суумата 30 тыһыынча солкуобайынан көҕүрүүр.

Хаалбыт сууманы (70 тыһыынча солкуобайы) тустаах сыалга (олорор усулуобуйаны тупсарыыга, тырааныспары атыылаһыыга, оҕоҕо уурунуу харчы кылаатын арыйыыга, о.д.а.) ыытыахтаахтар. Бу төлөбүрү биирдэ эрэ ылан туһаныллар.

Төлөбүрү ыларга маннык докумуоннар ирдэнэллэр:

  1. Сайабылыанньа.
  2. Пааспар.
  3. Нотариус дэбиэринэһэ (дэбиэрэннэй киһи ылар буоллаҕына).
  4. Дэбиэрэннэй киһи пааспара.
  5. Сайабылыанньаны биэрэр киһи дааннайдара уларыйбыт буоллаҕына, ону бигэргэтэр докумуон.
  6. Тус счет реквизиттэрэ.

Сайабылыанньаны “Мин докумуоннарым” кииҥҥэ биэриэххэ сөп, көрүллэр болдьоҕо – 13 үлэ күнэ. Төлөбүр бэриллэрэ бигэргэммитин кэннэ, 8 үлэ күнүнэн харчы счекка түһэр.

Маны тэҥэ, сайабылыанньаны e-yakutia.ru порталга электроннай көрүҥүнэн эмиэ биэриэххэ сөп. Портал нөҥүө сайабылыанньаны биэрэргэ дэбиэринэстэн ураты, атын докумуоннары биэрии ирдэммэт.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, 

Хаартыска: моидокументы.рф

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0