Ийэ хапытаалын 15 күнүнэн ылыахха сөп

21.11.2018
Бөлөххө киир:

Ийэ хапытаалын сертификатын ылыы болдьоҕо 15 күҥҥэ диэри кылгаата. Урут биир ый диэн этэ. 2018 сыл алтынньы 30 күнүнээҕи  390 №-дээх федеральнай сокуон итинник уларыйыыны киллэрдэ. 15 күннээх болдьох Биэнсийэ пуондатыгар сайабылыанньа киллэрбит күнтэн ааҕыллар.

Бу болдьох кылгааһына Биэнсийэ пуондата автоматизированнай-информационнай систиэмэтэ сайдыбытынан, кыаллар буолла. Атын тэрилтэлэргэ баар наадалаах информацияны пуонда үлэһиттэрэ кылгас кэм иһигэр электроннай ханаалларынан бэйэлэрэ ылар кыахтаннылар.

Онон Ийэ хапытаалын ылар дьиэ кэргэттэр сайабылыанньаларын Биэнсийэ пуондатыгар бэйэлэрэ баран, эбэтэр электроннай сервис көмөтүнэн “Госуслуги” портал уонна ПФР саайтын нөҥүө биэриэхтэрин сөп. Билиҥҥи туругунан, сертификаты ылар ыаллар аҥаардарын кэриҥэ Биэнсийэ пуондатын саайтын нөҥүө оҥортороллор.

2018 сыл балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, 2007-2018 сылларга дойду үрдүнэн 8,8 мөлүйүөн дьиэ кэргэн Ийэ хапытаалын сертификатын ылбыта. Итинтэн 5,4 мөлүйүөн ыал номнуо ылан туһанна. Биллэн турар, сүрүннээн, олорор усулуобуйаларын тупсарыыга туһаналлар.

Оттон Саха сиригэр Ийэ хапытаалын бырагыраамата саҕаланыаҕыттан, барыта 18 млрд солк. кэриҥэ суумалаах 80 тыһыынчаттан тахса сертификат бэриллибит.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0