Хаптаҕайга оҕону иитиигэ санаа атастастылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕайыгар «Кэлэр кэскили иитии – нэһилиэк бүттүүнүн соруга» диэн төрөппүт уонна учуутал кыттыылаах «төгүрүк остуол» буолан ааста.

edersaas.ru

Тэрээһини «Үйэ» сурунаал эрэдээктэрин солбуйааччы, Хаптаҕай оскуолатын выпускницата Александра Кривошапкина салайан ыытта.

Дьокуускай куораттан философскай наука доктора, профессор, ХИФУ философияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ Андрей Саввинов, «Саха» НКИХ бырагырааманы таҥар дириэксийэ салайааччытын солбуйааччы Елизавета Егорова  уонна мин, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, кыттыыны ыллыбыт.

«Арчы» дьиэтигэр нэһилиэк уопсастыбаннаһын кытта көрүстүбүт. Баһылык Екатерина Гаврильева нэһилиэк олоҕун чопчу сыыппаралары холобурдаан билиһиннэрдэ. Манна итирдэр утах атыыламмат эбит. Онон Хаптаҕай өрөспүүбүлүкэҕэ чөл туруктаах нэһилиэктэртэн биирдэстэринэн буолар. Бу кэскиллээх хамсааһын, биллэн турар, эдэр ыччакка, үүнэр көлүөнэҕэ үтүөнэн эрэ дьайара саарбаҕа суох. Улууска ыытыллар араас таһымнаах үлэҕэ, күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ нэһилиэк көхтөөхтүк кыттар эбит. Биир бэйэм ыал үксэ гаас ситимигэр холбонон, оһох оттор кыһалҕаны билбэккэ сынньалаҥнык олорорун ордугургуу да, ымсыыра да иһиттим.

Герой Кеша Алексеев аатынан оскуола үлэтин дириэктэр Альберт Терентьев сырдатта.

Хаптаҕай нэһилиэгэ уруккуттан өлгөм үүнээйини ылар оҕуруотчуттарынан аатырар эбит. Онон орто оскуола 2012 сылтан агрооскуола хайысхатынан үлэлиир.

Хаппыыста, хортуоппуй  олордор буолан, оҕолор сайын сыыс оту хомуйууга, күһүн хомуурга үлэлииллэр. Барытыгар — илии үлэтэ. Оскуолаҕа  «Сатабыл күнэ» диэн дириҥ ис хоһоонноох, туһалаах тэрээһин ыытылларын истэн биһирээтибит.

Биллэн турар, оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ барыта эриэ-дэхси буолбатах. Кэлиҥҥи кэмҥэ ханна баҕарар оҕо бэрээдэги кэһэр төрүөтүн оскуолаҕа көрдүүр буоллулар. Оҕо иитиитигэр төрөппүт эппиэтинэһэ мөлтөөтө.

Ыччаты кытта үлэлэһэр, ытыктанар профессор Андрей Саввинов дьиэ кэргэн эйгэтигэр оҕону саастарынан арааран иитии тосхоллорун сиһилии кэпсээтэ. Кини: «Иитии боппуруоһун оҕо уһуйааныгар, оскуолаҕа, үрдүк үөрэх кыһатыгар соҥнуур сатаммат. Аан бастаан эппиэтинэһи төрөппүт сүгэр. Киһини киһи оҥорор  сүдү күүһүнэн дьиэ кэргэн буолар. Төрөппүт оруолун ким да солбуйбат. Оҕо ситиһиилээх киһи буолан тахсарыгар төрөппүт кыһаллыахтаах. Бу хайысхаҕа киниэхэ аҕа ууһун уопутун үөрэтии, туһаныы көмөлөһүөхтээх», — диэн санаатын үллэһиннэ.

Оттон Елизавета Егорова кыыһа Саха гимназиятыгар үөрэнэрин тухары (11 сыл устата!) төрөппүт сүбэтин салайан үлэлэппит. Кини ол баай уопутун кэпсээбитин учууталлар да, төрөппүттэр да олус биһирээтилэр.

Бу маннык олус туһалаах тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт олохтоохтор иитэр-үөрэтэр ис хоһоонноох, истиҥ көрсүһүүлэр инникитин даҕаны буола туралларыгар баҕа санааларын эттилэр.

Тамара ВИНОКУРОВА,

педагогическай үлэ бэтэрээнэ

Дьокуускай к.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0