Хаптаҕай оҕуруотчуттара 10 тыһыынча арассааданы үүннэрдилэр

Ааптар: 
05.04.2020
Бөлөххө киир:

Коронавирустан сылтаан үгүс тэрилтэ уһун өрөбүлгэ барда эрээри, былаас уорганнара, олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар итиэннэ оҥорон таһаарар, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ, үлэлэрин тохтоппоттор.

edersaas.ru.

— Коронавирус дьаҥа билиҥҥитэ биһиэхэ биллибэт эрээри, сэрэхтээх буолуу дьаһалларын күүһүртүбүт, хааччахтааһын миэрэлэрин киллэрдибит, – диир Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгэр оҕуруокка идэтийэр «Дириҥ» кэпэрэтиип салайааччыта Екатерина Дмитриева. – Аны саас ыһар култуураларбыт (помидор, биэрэс, сибэкки, хаппыыста уонна дьэдьэн ) арассаадаларын, барыта 10 тыһыынча кэриҥэ атаҕы бары үллэстэн, дьиэбитигэр көрөн-истэн олоробут. Быйыл былаан быһыытынан, сүүрбэлии гектарга хортуоппуйу, хаппыыстаны, 1 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх тэпилииссэҕэ оҕурсуну, оттон помидору уонна атын оҕуруот аһын аһаҕас буорга олордор былааннааахпыт. Субсидиябыт харчыта хайа да дьыллааҕар эрдэ уонна 100 % кэлбитэ. Ол үпкэ тирэҕирэн оттукпутун-уматыкпытын итиэннэ тэпилииссэни бүрүйэр салапааммытын ылыныахпыт. Харантыынынан сибээстээн ханна да барар-кэлэр кыах суох буолан, ону барытын төлөпүөнүнэн кэпсэтэ, быһаарса олоробут. 

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0