„ХапСаай“ саха Боотур үөрэҕин уораҕайыгар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Амма улууһун Мээндиги нэһилиэгэр хас сыл аайы дьон болҕомтотун тардар сонун, саҥа бырайыактар үлэлииллэр. Быйыл сайын Саха АССР 100 сылыгар анаан уол оҕону иитиигэ туһуламмыт „Боотур үөрэҕэ“ туристическай маршрут үлэлээтэ. Бу бырайыагы Николай Захаров-Сахаачча аатынан оҕо спортивнай оскуолатын бокска тренерэ, ССРС кикбоксиҥҥа чөмпүйүөнэ, „Мохсоҕол“ спортивнай кулууп салайааччыта Алексей Уваров салайда. Атырдьах ыйын саҥатыгар Ампаардаах алааска Боотур уораҕайыгар иккис сезону үөрүүлээхтик түмүктүүр тэрээһин буолла. Манна Мээндиги нэһилиэгин баһылыга Илья Семенов, улуустааҕы экэниэмикэ управлениетын начаалынньыга Роман Алексеев, оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэрэ Дмитрий Неустроев уонна оҕолор, төрөппүттэрэ кытыннылар.

edersaas.ru

Алексей Уваров курдук энтузиаст дьон баар буолан, биһиги Аммабытыгар, чуолаан Мээндиги нэһилиэгэр Саха сиригэр аан бастакытын Боотур уораҕайа арыллан, ыччаттар ХапСаай диэн сахалар төрүт бойобуой көрүҥмүтүгэр үөрэҕи аастылар.

— 2018 сыллаахха манна Никита Аржаков режиссердаах „Тыгын Дархан“ киинэ уһуллубута. Онно саха кикбоксиҥҥа киэҥник сураҕырбыт спортсмена Алексей Уваров бойобуой сценалары туруортаабыта, каскадердары бэлэмнээбитэ. Кини Мээндиги Боотур дойдута эбит, Боотур тыына баар диэн манна 2019 сыллаахха үлэлии кэлбитэ уонна оҕо эрдэҕиттэн ыра санаа оҥостубут сахалар төрүт бойобуой искусствобытын Боотур үөрэҕин сөргүтэргэ, онно оҕолору уһуйан дьарыктыырга баҕа санаатын эппитэ. Ол иһин 2019 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Граныгар кыттан кыайан, бу „Тыгын Дархан“ киинэҕэ анаан тутуллубут декорацияны 2020 сыллаахха бөҕөргөтөн, хапытаалынай өрөмүөн ыытан дьиҥнээх кириэппэс тутан таһаардыбыт. Итиэннэ ХапСаай уонна Боотур үөрэҕэ бырайыак ааптара Алексей Юрьевич Уваров буоларын туоһулуур суругу Боотур уораҕайыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга иҥэрдибит, — диэн Мээндиги нэһилиэгин баһылыга Илья Владимирович Семенов эҕэрдэ тылыгар иһитиннэрдэ. Улуустааҕы экэниэмикэ управлениетын начаалынньыга Роман Александрович Мээндиги нэһилиэгин дьаһалтатыгар Боотур үөрэҕин спортивнай инвентарынан хааччыйарга диэн 10000 солк. суумалаах туоһу суругу итиэннэ Алексей Юрьевичка улуус баһылыга Николай Архипов махтал суругун үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.

Боотур үөрэҕин тарҕатааччы, ХапСаай көрүҥүн ааптара Алексей Уваров бу үөрэх сүрүн сыалын туһунан маннык кэпсээтэ:

— 1990 сылларга маннык идея киирбитэ. Киһи олоҕор тугу эрэ ситистэҕинэ, кыайдаҕына-хоттоҕуна кимтэн кииннээх, хантан хааннаах омук буоларын эргитэ саныыр. Мин бэйэм Хаҥаластан төрүттээх буолан, кыра эрдэхпиттэн төрөөбүт норуотум историятын, Боотурдар тустарынан интэриэһиргиибин. Боотур үөрэҕин сөргүтэр, сиһилии үөрэтэр санаа омук сиригэр Таилаҥҥа олорор, эрчиллэр сылларбар киирбитэ. Онно сылдьан биһиги төрүттэрбит, кырдьык, күүстээх дьон эбиттэр, ол иһин биһиги маннык улахан күрэхтэһиилэргэ ситиһиилэнэр эбиппит диэн чопчу өйдөөбүтүм. ХапСаай диэн илии сыгынньах эрэ буолбакка батаһынан, саха быһаҕынан бэйэни көмүскэнэр, хапсаҕай албастардаах, ат үрдүгэр ох саанан ытар үөрэх буолар. Киһи оҕо сааһыгар төрөөбүт алаастарынан сүүрэн-көтөн, оонньоон, хапсаҕайдаһан улаатар, онно кытаатар, өбүгэлэрин хаана онно киирэр. Саха уол оҕото аты мииниэхтээх, батаһынан туттуохтаах, ох саанан ытыахтаах уонна бэйэтин көмүскэниэхтээх дии саныыбын. Манна биһиги охсуһууга эрэ буолбакка, бэйэбит төрөөбүт сирбитин ытыктыырга, харыстыырга, саха омуга буоларбытынан киэн туттарга уонна кырдьаҕастары убаастыырга үөрэнэбит. Боотур үөрэҕин сүрүн сыала итиннэ сытар. Илья Владимирович миигин өйөөн, усулуобуйа оҥорон, бииргэ үлэлэһэ сылдьарыгар махтанабын уонна „Мохсоҕол“ кулуубум манна иккис тыынын ылбытыттан олус үөрдүм. Биһиги бырайыакпытын өйөөбүт төрөппүттэргэ, Мээндиги олохтоохторугар махталбын биллэрбин.

Уон күн устата оҕолор айылҕалыын алтыһан, Амма историческай суолталаах ытык, кэрэ сирдэригэр экскурсиялаан, эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдан сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык атаардылар. Бу күн оҕолор Боотур үөрэҕэр ХапСаай көрүҥэр тургутууну аастылар. Күрэхтэһии түмүгэр Дьокуускай куорат „Айыы кыһатын“ 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Дохсун уола Хатан Үөдүгэй кыайыылааҕынан тахсан анал бэлиэнэн, туоһу суругунан наҕараадаланна.

Бастакыбын маннык лааҕырга дьарыктанным. Үчүгэй, элбэххэ үөрэнним. Аныгыскыга эмиэ кэлиэҕим. Алексей Юрьевичка аҕам урут дьарыктаммыта, онон боксанан аҕабын кытта бэйэбит эрчиллэбит. Чөмпүйүөн буолар сыаллаахпын, — диэн санаатын үллэһиннэ.

Онтон иккис, үһүс миэстэни араа-бараа, эгил-тэгил тэҥ күүстээх убайдыы быраат курдук Мээндиги оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Ваня Неустроев уонна Ньургун Старостин ыллылар, кинилэр бэдэр уонна саарба бэлиэлээх значоктары туттулар.

— Боксанан иккис сылбытын дьарыктанабыт. Бастаан уон күн дьарыктанан баран, Майаҕа барбыппыт. Онно мин, Ваня уонна Айаал Деляев, бары иккис миэстэ буолбуппут. Аан бастаан рингаҕа тахсар олус долгутуулаах этэ. Бу лааҕырга сарсыарда аайы күҥҥэ сүгүрүйдүбүт, ол кэннэ атах сыгынньах алаас устун сүүрдүбүт. Батаһынан туттарга, бэйэбитин көмүскэнэргэ, күрэхтэһиигэ куттаммакка үчүгэйдик киирсэргэ үөрэннибит.

Ити курдук оҕолор тургутууну ситиһиилээхтик ааһаннар, харысхал бэлиэлээх туоһу суруктары туттулар.

Александра Киренская, төрөппүт:

— Оҕом кыра эрдэҕиттэн баҕарбыт баҕата туолан эрэриттэн олус үөрэбин. Ол иһин маннык тур тэриллэрин истэммит наһаа үөрбүппүт. Оҕом боксаны сэҥээрэр буолан тута сөбүлэммитэ. Аҕыйах да хонукка сылдьаары сирэйэ-хараҕа уларыйбыт, астыммыта тута көстөр. Тренер Алексей Юрьевичка махтанабыт, оҕолорбутун маннык салгыы дьарыктаан күрэхтэһиилэргэ кытыннаран, илдьэ сылдьарыгар баҕарабыт.

Анна Матвеева, төрөппүт:

— Билиҥҥи дистанционнай үөрэх кэмигэр оҕолорбут куруук дьиэҕэ олороллор, сэргэхсийбэттэр. Бу сайын Мээндиги нэһилиэгэр „Боотур үөрэҕэ“ диэн наһаа үчүгэй тур үлэлээн, оҕолорбут онно биллиилээх тренер Алексей Юрьевич Уваровка дьарыктанан элбэх билиини, үөрэҕи аастылар. Оҕолорбут аҕыйах да хонукка айылҕалыын алтыһан күүс-уох ылан, хайдахтаах курдук эттэрэ-сииннэрэ сайдыбытын, араас элбэх албастарга үөрэммиттэрин көрөн үөрдүбүт. Уол оҕо бэйэтин кыанар, күүстээх санаалаах буолан тахсарыгар маннык үөрэх хайаан да наада. Инникитин биһиги оҕолорбут бу лааҕырга кэлиэхтэрэ. Онон тэрийээччилэргэ, үлэһиттэргэ, нэһилиэк дьаһалтатыгар махтанабыт.

Дьэ, ити курдук уол оҕону иитиигэ, эт-хаан өттүнэн эрчийэргэ туһуламмыт Боотур үөрэҕэ сайдан, Боотур уораҕайыгар өссө элбэх оҕо, ыччат Саха сириттэн эрэ буолбакка, атын омук сириттэн кэлэн эрчиллэн, уопут атастаһалларыгар баҕарабыт. Алексей Юрьевич эппитинии, саха бойобуой көрүҥэр үөрэниэн баҕалаах омук дьоно элбэх. Кэнэҕэһин кэнэҕэс манна норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах бойобуой искусство улахан бэстибээлин тэрийэр былаана туоларыгар баҕарабын.

Вера ИВАНОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0