Хаппыыстата хаһааныаҕыҥ

Ааптар: 
15.10.2021
Бөлөххө киир:

Билигин хаппыыста хаһаанарга, таһырдьа тоҥорорго саамай тоҕоостоох кэм. Урут ийэлэрбит, эбэлэрбит хаппыыстаны үксүгэр судургутук аһытар эбит буоллахтарына, билигин араастаан хаһааныахха сөп. Аныгы хаһаайкалар сылтан-сыл аайы хаппыыстаттан араас бүлүүдэни бэлэмнээн, астаан тоҥороллор.

edersaas.ru

АҺЫЙБЫТ ХАППЫЫСТА

Туох ирдэнэрий: хаппыыста – 1 улахан, моркуоп – 2 устуука, сүбүөкүлэ – 1 устуука, укуруоп – ытыс аҥаара, туус.

Хайдах бэлэмниибит: хаппыыстаны уһун синньигэс, моркуобу, сүбүөкүлэни түөрт муннуктуу кырбыыбыт, укуруобу бөдөҥ гына бысталыыбыт. Барытын эмалированнай иһиккэ кутан баран туус эбэн уута-хаара тахсыар диэри буккуйабыт. Онтон хаппахтаан баран ыарахан ыйааһынынан баттатабыт. Сылаас сиргэ 3 күн туруорабыт. Хаппыыстабыт бэлэм буолбутун хаппаҕын үрдүгэр бычылыйан тахсыбыт уутун амсайан бэрэбиэркэлиибит. Аһыйбыт (кислай) амтаннаах буоллаҕына — ол аата бэлэм. Уутун ыган, биирдии кутууга сөп буолар төгүрүктэри оҥорон тоҥортуубут.

ТҮРГЭН ХАППЫЫСТА

Туох ирдэнэрий: хаппыыста – 2 киилэ, бөдөҥ моркуоп – 2-3 устуука, уу – 700 мл, саахар – ыстакаан 2/3, туус – 2 остолобуой ньуоска, 6 %-наах уксус – ыстакаан аҥаара, мас арыыта – ыстакаан аҥаара, укуруоп.

Ороссуол: иһиккэ ууну, саахары, мас арыытын, тууһу кутан баран уокка холбуубут. Оргуйаатын кытта араараат уксус эбэбит.

Хайдах бэлэмниибит: хаппыыстаны бытархай гына кырбыыбыт, моркуобу теркалыыбыт, укуруоп эбэбит, иһиккэ кутан уута тахсан сымныар диэри буккуйабыт. Үрдүгэр итии ороссуолу кутабыт. Ороссуола сабар буолуохтаах.

Тэрилкэнэн баттатан баран үрдүгэр ыйааһыннаах тугу эмэ уурабыт. Алта-сэттэ чааһынан хаппыыста бэлэм. Тута сиэххэ эбэтэр иһиккэ кутан хаһааныахха сөп.

МЕКСИКАНСКАЙ ХАППЫЫСТА

Туох ирдэнэрий: хаппыыста – 3 киилэ, моркуоп – 3 устуука, сыта суох мас арыыта – 150 мл., чеснок – 3-4 өлүү, укуруоп – биир кыра тутум, кориандр сиэмэтэ – кыра ньуоска аҥаара, аһыы биэрэс эбэтэр кыһыл мээккэлэммит биэрэс – төһө сөбүлүүргүтүнэн.

Маринад: уу – 1,5 лиитирэ, 6-8 бырыһыаннаах уксус – 150 мл, саахар – 1 ыстакаан, туус – 1 остолобуой ньуоска. Барытын бииргэ кутан оргутабыт, уксус эбэбит.

Хайдах бэлэмниибит: хаппыыстаны түөрт муннуктуу, моркуобу төгүрүктүү чараастык, чесногу бытархай гына кырбыыбыт.

Барытын иһиккэ кутан сэрэнэн буккуйабыт уонна үрдүгэр итии маринады кутан баран өссө буккуйабыт. Икки-үс күн сылаас сиргэ туруоран баран, тымныы сиргэ көһөрөбүт.

МИННЬИГЭС ПЕЛЮСТКА

Туох ирдэнэрий: хаппыыста – 1,5 киилэ, сүбүөкүлэ – 1 устуука, чеснок – 1 төбө, туус – 3 остолобуой ньуоска, саахар – 6 остолобуой ньуоска, лавровай лиис – 7-8 устуука, хара төгүрүк (горошек) биэрэс – 10 устуука, 9 %-наах уксус – 150 мл, мас арыыта – 150 мл, уу – 1,5 лиитирэ.

Ороссуол: ууга туус, саахар кутан баран оргутабыт.

Хайдах бэлэмниибит: хаппыыстаны бөдөҥ гына кыбадырааттыы, сүбүөкүлэни чараастык бысталыыбыт. Үс лиитирэлээх бааҥкаҕа араҥанан олус күүскэ баттаабакка уурталыыбыт. Маҥнай түгэҕэр аҕыйах устуука чеснок, бөдөҥ гына бытарытыллыбыт лавровай лиис, биэрэс таммалатабыт, сүбүөкүлэ кутабыт. Онтон хаппыыста кутабыт. Ол үрдүгэр эмиэ — чеснок, биэрэс, лавровай лиис, сүбүөкүлэ. Онтон эмиэ хаппыыста уурабыт. Бүтэһигэр — сүбүөкүлэ, чеснок, лавровай лиис, биэрэс. Бу үрдүгэр уксус, мас арыыта, оргуйбут ороссуол кутабыт. Сойбутун кэннэ холодильникка угабыт. Үс күнүнэн минньигэс хаппыыста бэлэм.

БАКЫАККА АҺЫТЫЛЛЫБЫТ ХАППЫЫСТА

Туох ирдэнэрий: хаппыыста – биир орто, моркуоп – биир улахан, саахар, туус – биирдии остолобуой ньуоска.

Хайдах бэлэмниибит: Хаппыыстаны төһө кыалларынан синньигэс уһун гына кырбыыбыт, моркуобу бөдөҥнүк теркалыыбыт, барытын тааска кутабыт, саахар, туус эбэн баран кичэйэн илиибитинэн буккуйабыт. Ханан даҕаны быыһа суох үс бакыакка үллэрэн кутан баран ыга баайабыт итиэннэ холодильникка икки-үс сууккаҕа угабыт. Алталыы чаас буола-буола таһааран бакыаттаах хаппыыстаны сахсыйан биэрэбит. Маннык хаппыыстаны сылы эргиччи оҥостон сиэххэ сөп. Сииргитигэр хара биэрэһи уонна кыра мас арыытын кутуҥ, оччоҕо өссө минньигэс буолуо.

ДЬААБЫЛЫКАЛААХ УКСУҺА СУОХ ХАППЫЫСТА

Туох ирдэнэрий: хаппыыста – 400 кыраам, моркуоп – 200 кыраам, дьаабылыка – 200 кыраам, уу – 500 мл, лимон кислотата – кыра ньуоска аҥаара, саахар – 3 кыра ньуоска, туус – 2 кыра ньуоска.

Маринад: ууга саахар, туус, лимон кислотатын кутан оргутабыт.

Хайдах бэлэмниибит: хаппыыстаны уһун синньигэс гына бысталыыбыт, моркуобу теркалыыбыт, уулаах минньигэс дьаабылыканы сууйан баран хахтыы бөдөҥнүк теркалыыбыт, барытын буккуйабыт уонна оргутуллубут бааҥкаҕа кутабыт. Итии маринады бааҥкалаах оҕуруот аһыгар толору кутабыт, хаппахтыыбыт уонна сылаас уулаах (анныгар таҥас уурар ордук) иһиккэ уган салгыы уонча мүнүүтэ оргута түһэбит. Таһааран баран хаппаҕын ыга эрийэбит, сойуор диэри таҥнары уурабыт, онтон холодильникка көһөрөбүт.

СУДУРГУ НЬЫМА

Хаппыыстаны хаһааныы саамай судургу ньымата эмиэ баар. Хаппыыстаны аһытан, тууһаан, салааттаан сөп буоллахха, ордубут хаппыыстаны бу курдук кыһыҥҥыга ууруохха сөп. Ол курдук, тоҥмотох хаппыыстаны уһун синньигэс гына кырбаан өлүүлэринэн салапааҥҥа уурталаан тоҥоруохха сөп.

Кыһын мииҥҥэ, ыһаарыга кутаары гыннахха, сөп буолары ытыһынан баһан ылан ириэрбэккэ тоҥнуу буһа турар аһылыкка кутуллар.

Бэчээккэ бэлэмнээтэ Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: karamellka.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0