Хаппыыста кэмэ чугаһаата

Ааптар: 
12.09.2020
Бөлөххө киир:

Хаһыаппыт ааспыт нүөмэригэр оҕуруот аһыттан араас салааттар ырысыаптарын түмэн таһаарбыппыт. Аны сотору хаппыыста кэмэ кэлиэ турдаҕа. Онон бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр ааҕааччыларбытыгар анаан хаппыыстаҕа сыһыаннаах чахчылары, хаппыыстаттан салаат ырысыаптарын үллэстэбит.

edersaas.ru

 

Олохтоох хаппыыстаны атыылаһыҥ

Тыа сирин олохтоохторо, киинтэн ыраах олорор дьон хаппыыстаны күһүн атыылаһан хаһаанар эбит буоллахтарына, куорат эргин олохтоохтор кыһыннары маҕаһыынтан атыылаһан сиибит. Хантан кэлбитэ, хайдах үүннэриллибитэ, төһө битэмииннээҕэ биллибэт хаппыыстаны кэбийиэх кэриэтэ, күһүн атыылаһан хаһааммыт, аһыппыт, тууһаабыт ордук.

— Хаппыыста хантан төрүттээҕин күн бүгүҥҥэ диэри чопчутун быһаара иликтэр. Аһыйбыт хаппыыстаны былыр кытайдар арыгыга (вино) сытыаран бэлэмниир буолбуттар. Биһиги эрабыт III үйэтин иннинэ хаппыыстаны ириистэн оҥоһуллубут виноҕа аһытан, Улуу Кытай истиэнэтин тутааччылары аһаталлара үһү диэн үһүйээн баар.

— Хаппыыста былыргы гректии “капутум” (төбө) диэн тылтан тахсыбыт эбит. Чахчы даҕаны төбөҕө майгынныыр эбээт.

— Хаппыыста 91 бырыһыана ууттан турар. Холобура, оҕурсу 95-97 бырыһыана уу дииллэр. Онон хаппыыста эмиэ балачча уулаах эбит.

— 100 кыраам сибиэһэй хаппыыста киһи этэ-­сиинэ күҥҥэ ирдиир С битэмиинин 60 бырыһыанын хааччыйар дииллэр.

— Кыһыл сүрэхтээх хаппыыста маҥан сүрэхтээх хаппыыста бииһин ууһа буолар. Ол эрээри, көннөрү хаппыыстатааҕар каротина түөрт, клетчатката икки төгүл элбэх.

— Тууһаммыт (квашеная) хаппыыста сибиэһэй хаппыыстатааҕар туһалаах. Маннык хаппыыста битэмиинин 10 ый устата сүтэрбэт диэн этэллэр. Онон сылы эргиччи сиэххэ сөп. Ол эрээри, куртах ыарыһах дьоҥҥо тууһаммыт хаппыыста көҥүллэммэт дииллэр.

— Оҕо аймах хаппыыста төрдүгэһин (кочерыжка) сөбүлээн сиир. Ол гынан баран, учуонайдар хаппыыста саамай элбэх нитрата төрдүгэһигэр баар диэн дакаастаабыттар.

— Аан дойдуга хаппыыста хас даҕаны көрүҥэ баар. Оннооҕор кэлин саадтары, уулуссалары киэргэтэргэ аналлаах декоративнай хаппыыста бииһин ууһа элбээтэ.

Маринуйдаммыт хаппыыста

Туох ирдэнэрий: хаппыыста – 5 киилэ, эриэппэ луук – 1 киилэ, моркуоп – 1 киилэ, минньигэс биэрэс – 1 киилэ.

Маринад: уу – 3 лиитирэ, саахар – 1,5 ыстакаан, мас арыыта – 0,5 лиитирэ, туус – 7 остолобуой ньуоска.

Хайдах бэлэмниибит: Хаппыыстаны бытархай гына кырбыыбыт, тууһа суох булкуйабыт. Минньигэс биэрэһи кыра гына кырбыыбыт уонна хаппыыстаҕа кутабыт, өссө булкуйабыт. Ол кэнниттэн маассаны оргуйбут лиитирэлээх бааҥкаларга кутаттыыбыт. Оргуйбут маринадка 5 остолобуой ньуоска 70%-наах уксус эбэн баран бааҥкаларбытыгар кутаттыыбыт.

Хаппыыстаттан битэмииннээх салаат

Туох ирдэнэрий: хаппыыста – 5 киилэ, моркуоп – 1 киилэ, минньигэс биэрэс – 1 киилэ, эриэппэ луук – 1 киилэ, мас арыыта – 0,5 лиитирэ, туус – 4 остолобуой ньуоска, 9 %-наах уксус – 0,5 лиитирэ, саахар – 300 кыраам.

Хайдах бэлэмниибит: Оҕуруот аһын бытархай гына кырбыыбыт, састаабын барытын булкуйан баран (хаппыыстаны кыратык) 3 лиитирэлээх оргутуллубут бааҥкаларга ыга кутабыт. Биир суукка устата дьиэҕэ туруорабыт. Хаппахтаан баран балкоҥҥа дуу, холодильникка дуу уурабыт.

Хал буолбат хаппыыста

Туох ирдэнэрий: Хаппыыста – 1 киилэ, моркуоп – 1 киилэ, эриэппэ луук – 1 киилэ, минньигэс биэрэс – 1 киилэ, помидор – 1 киилэ, оҕурсу – 1 киилэ, туус – 5 кыра ньуоска, саахар – 5 остолобуой ньуоска, мас арыыта – 1 ыстакаан, 9 %-наах уксус – 1 ыстакаан, чеснок – ким төһөнү баҕарарынан.

Хайдах бэлэмниибит: оҕуруот аһын барытын уһун синньигэс гына кырбыыбыт. Арыы, уксус, саахар, туус кутан баран булкуйабыт уонна 1 чаас устата туруора түһэбит. Онтон уокка холбуубут уонна оргуйбутун кэннэ 7-8 мүнүүтэ тэптэрэн ылабыт (уһуннук буһарыллыбат). Сууйуллубут бааҥкаларга кутабыт.

Кириэмил хаппыыстата

Туох ирдэнэрий: хаппыыста – 1 киилэ, сүбүөкүлэ – 2 устуука, моркуоп – 2 устуука, эриэппэ луук – 2 устуука.

Маринад: уу – 3 ыстакаан, 9%-наах уксус – ыстакаан аҥаара, мас арыыта – ыстакаан ¾, бөдөҥ туус – 1 остолобуой ньуоска, саахар – 15 кыра ньуоска.

Хайдах бэлэмниибит: Оҕуруот аһын барытын быһаҕынан уһун синньигэс гына кырбыыбыт. Төһөнөн синньигэс, соччонон үчүгэй. Комбайны, терканы туһаныллыбат.

Оргуйбут маринады итиилии оҕуруот аһыгар кутабыт. Сойбутун кэннэ бааҥкаларга кутан холодильникка уурабыт. Хаппыыстабыт икки-үс хонугунан бэлэм буолар.

Грузинныы хаппыыста

Туох ирдэнэрий: Хаппыыста – 1 устуука, сүбүөкүлэ – 1 устуука, моркуоп – 1 устуука, чеснок – 1 төбө, аһыы биэрэс – 1 устуука эбэтэр аҥаара (ким төһө аһыыны сөбүлүүрүнэн).

Ороссуол: Уу – 1 лиитирэ, саахар – ыстакаан аҥаара, 9%-наах уксус – 1 ыстакаан, туус – 2 остолобуой ньуоска.

Хайдах бэлэмниибит: хаппыыстаны бөдөҥ гына түөрт муннуктуу кырбыыбыт, сүбүөкүлэни улахан гына теркалыыбыт. Аһыы биэрэһи, чесногу бытархай гына кырбыыбыт. Маассаны барытын булкуйан баран оргутуллубут бааҥкаларга кутабыт.

Ууга туус, саахар кутан оргутабыт уонна тута уксус эбэбит. Итии ороссуолу оҕуруот аһыгар кутабыт уонна бааҥкаларга кутуталаан хаппахтыыбыт. Бу салаат сарсыҥҥы күнүгэр бэлэм буолар.

Судургу салаат

Туох ирдэнэрий: Хаппыыста – 2 киилэ, моркуоп – 400 кыраам, чеснок – 4 өлүү, кыра сүбүөкүлэ – 1 устуука, дьаабылыка – 1 устуука.

Маринад: уу – 0,5 лиитирэ, мас арыыта – 150 мл, 9%-наах уксус – 150 мл, саахар – 100 кыраам, туус – 2 остолобуой ньуоска, лавровай лиис – 3 устуука, төгүрүк хара биэрэс – 5 устуука.

Хайдах бэлэмниибит: Оҕуруот аһын барытын уһун синньигэс гына кырбыыбыт, моркуобу теркалыыбыт, чесногу бытархай гына кырбыыбыт. Барытын булкуйан баран бааҥкаларга ыга симэбит. Маринадпытын итиилии бааҥкаҕа кутабыт. Салааппытын хоннорон баран сиибит.

Бэлэмнээтэ Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0