Бу хаартыскаҕа көрөр тииккит үтүмэн сылларга хатан турбут. Мээндиги иккистээн тиллиитигэр тыллыбыт. Ол иһин, олохтоохтор, бу тииттэрин улаханнык ытыктыыллар, сүгүрүйэллэр.
—1920-с сыллар диэки ойууттар иирсэннэр охсуһа сылдьан алдьаппыттара эбитэ үһү. Ол тиит үтүмэн сыллар усталарыгар кууран, хатан турбут. Ол кэннэ, кырыс сири туһаҕа таһаарыы бырагырааматынан күүстээх үлэлэр саҕаланыыларыгар, Мээндигигэ дьон-сэргэ бөҕө кэлэн олохсуйан, үлэлээн-хамсаан барыытыгар, нэһилиэк ортотугар хатан турбут тиит үөрбүт-көппүт курдук иккистээн тыллыбыт. Онтон ылата сылын аайы күөх киистэ мутукчатынан симэнэн, минньигэс сытынан дыргыйан, сылтан сыл ситэн, силигилээн бар дьонун үөрдэ, сөхтөрө турар.
Нэһилиэк дьоно-сэргэтэ: “Олоххо дьулууру көрдөрөр”, — диэн сүгүрүйэллэр, киэн тутта этэллэр. Оҕолор манна сөбүлээн мусталлар, оонньууллар. Улахан дьон, ыччаттар күлүгэр олорон сөрүүкүүллэр, — диир нэһилиэк баһылыга Илья Семенов.
Кини үчүгэй тыыннаах тиит турар сиригэр-уотугар Мээндиги түҥ былыргы устуоруйатын кэпсиир сквер оҥорон киллэриэхтээхтэрин этэр.
Биһиги корр., “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru