Былырыын Томпоҕо буолбут Ыччат ыһыаҕын боотурдарын оонньууларыгар саха кулгааҕыгар уратытык иһиллэр араспаанньалаах уол кыайбытын бары сонургуу истибиппит. Быйыл ол уолбут «Эҥсиэли Боотурга» кыайан «УАЗ» массыына хаһаайына буолаат, аны, «Дыгын оонньууларыгар» үһүс буолары ситистэ!
Бүгүҥҥү ыалдьыппыт Артем Варданян эриэккэс араспаанньатын, олоҕун, спорка тапталын, кыыска идеалын туһунан кэпсиир:
- Нам улууһун Түбэтиттэн төрүттээхпин, кэлин Нам киинигэр көһөн кэлэн үөрэммитим. Оскуола кэнниттэн ДьГИТИ (ЯГИТИ) орто үөрэҕин бүтэрэн, 2012 сыллаахха ХИФУ горнай факультетыгар быыһааччы идэтигэр туттарсан киирбитим. Ол үөрэнэ сылдьан, 2013 сыллаахха бэйэм баҕаран туран аармыйаҕа сулууспалыы барбытым. Владивосток куоракка 155-с муора пехотатын биригээдэтигэр сулууспалаабытым. Онтон аармыйаттан кэлэммин, үөрэхпэр салгыы үөрэнэ сылдьабын. Эһиил бүтэрэбин.
- Варданян диэн хантан кэлбит араспаанньаный?
- Варданян диэн аҕам араспаанньата. Кини сэттэ саастаахпар күн сириттэн туораабыта. Урут оҕо сылдьан ийэм араспаанньатынан Дьяконов диэн этим, кэлин аҕам араспаанньатын ылан, кини аатын үйэтитэргэ санаммытым. Икки убайдаахпын уонна эдьиийдээхпин, кинилэр улаханнык спордунан дьарыктамматтар. Арай, эдьиийим Екатерина идэтинэн фитнесс-инструктор.
- Хаһааҥҥыттан «улахан» спордунан дьарыктанаҕын?
- Многоборьеҕа 2012 сыллаахха бастакы улахан ситиһиим — Намҥа «Эҥсиэли Боотур» күрэхтэһиигэ кыайан, «Синтай» тыраахтар хаһаайына буолбутум. Онтон ыла кыралаан бу көрүҥүнэн убайбар Николай Дьяконовка, Юрий Эверстовка дьарыктанан саҕалаабытым. Тастыҥ убайдарбын – өрөспүүбүлүкэ инники күөҥҥэ сылдьар спортсменнарын – «Дыгын оонньууларын» хас да төгүллээх кыайыылааҕын Николай Дьяконовы уонна мас тардыһыыга Россия, Саха сирин, «Манчаары оонньууларын» чөмпүйүөнүн Анатолий Гладкову батыһан спордунан дьарыктанан саҕалаабытым. Билигин сайыҥҥы кэмҥэ Анатолий хонтуруолунан анал былаанынан эрчиллэ сылдьабын. Бэйэм сүрүн дьарыктанар көрүҥүм – мас тардыһыыта.
- Бастакы улахан кыайыыҥ хаһан, ханнык күрэхтэһиигэ этэй?
- 2013 сыллаахха Чурапчыга буолбут «Манчаары оонньууларыгар» мас тардыһыыга убайым Анатолий Гладковтуун 74 киилэҕэ бастакы миэстэни былдьаспыппыт. Онно хотторбутум, ол эрээри убайым таһымыгар тиийэн, кинилиин бииргэ маннык улахан таһымнаах күрэхтэһиигэ илин-кэлин түһүспүппүттэн олус үөрбүтүм. Анатолий мас тардыһыыга бастакы тренерим, көрсө түстүм даҕаны сүбэ-ама биэрэн, куруук көмөлөһөр.
- Оттон быйылгы «Дыгын оонньууларыгар» 100% кыахпын туһанным дии саныыгын дуо? Ханнык көрүҥҥэ ыарырҕаттыҥ? Туох тиийбэтэ дии саныыгын?
- Хас биирдии күрэхтэһээччи кыайардыы сананан кыттар буоллаҕа. Бэйэм кыахпар эрэнэр эрэ буоллахпына күрэхтэһэбин. Кыайыахтаахпын диэн эрдэттэн оҥостон киирэн күрэхтэстэххэ эрэ туох эмит табыллар, эрдэ «тостубут» киһиттэн туох туһа тахсыай? Быйыл ыстаҥаҕа уонна оҕунан ытыыга хааллым, бу көрүҥнэргэ биир сыл иһигэр күүскэ эрчиллиэм. Мас былдьаһар, күрэхтэһэр дьонум элбэх буоллаҕа дии, ол эрээри кими даҕаны чопчу “бу кини мин утарсааччым, кинини кыайыахтаахпын” диэн турунан туран дьарыктаммаппын. Спортсмен бэйэтин туһугар, бэйэтин кыайаары күрэхтэһэр дии саныыбын.
- Спортсмен быһыытынан бэйэҥ чыпчаалгын ханнык күрэхтэһиигэ көрөҕүн?
- Спордунан дьарыктанарым тухарым «Дыгын оонньууларыгар», «Манчаары оонньууларыгар» уонна мас тардыһыыга аан дойду түһүлгэтигэр кыайыахпын баҕарабын. Тугун-ханныгын бириэмэ көрдөрүө.
- Үгүс кыыс интэриэһиргиирэ буолуо, кыыстааххын дуо? Хайдах кыыһы кэргэн ылыаҥ этэй?
- Көнө майгылаах, чөл олоҕу тутуһар, сырдыкка тардыһар кыыһы убаастыыбын. Билигин билсэр кыыстаахпын.
- Иллэҥ кэмҥэр спортан уратын тугунан дьарыктанаҕын? Бултуугун эҥин дуо?
- Компьютерынан футболлуубун, гитараҕа оонньуубун уонна ардыгар балыктааччыбын…
Айтана АММОСОВА,
Максим ТИХОНОВ хаартыскаҕа түһэриитэ
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1