Быйыл Саха сирин орто анал үөрэхтэригэр 6 422 бүддьүөт миэстэтэ көрүллүбүт. Төлөбүрдээх үөрэххэ барыллаан 2 000 миэстэни былаанныыллар. Күн бүгүн сорох кэллиэскэ, тиэхиньикумҥа аҕыйах миэстэ баар.
edersaas.ru
Балаҕан ыйын саҥатынааҕы туругунан:
Алданнааҕы политиэхиньиическэй тиэхиньикум “машинист на открытых горных работах” (11-с кылаас кэнниттэн);
Хайа-геологическай тиэхиньикума (Томпо) “сварщик ручной и частично механизированной сварки” (9-с кылаас кэнниттэн), “обогатитель полезных ископаемых” (11-с кылаас кэнниттэн);
Сангардааҕы элбэх хайысхалаах лиссиэй “наладчик компьютерных сетей”, “мастер по ремонту и обслуживанию автомобилей” (9-с кылаас кэнниттэн);
Ньурбатааҕы тиэхиньикум “продавец, контролер кассир”, “мастер общестроительных работ” (11-с кылаас кэнниттэн);
Харбалаахтааҕы үөрэх комплекса (Таатта) “электромонтер по ремонту и обслуживанию электрооборудования, 10 ыйдаах” (11-с кылаас кэнниттэн);
Өлүөхүмэтээҕи тиэхиньикум “монтажник трубопроводов”, “слесарь по ремонту оборудования электростанций” (11-с кылаас кэнниттэн);
Эрэгийиэннээҕи тиэхиньиическэй кэллиэс (Миринэй) “ремонтник горного оборудования”, “станочник (металлообработка)”, “электромонтер по ремонту и обслуживанию электрооборудования (по отраслям)”, “электрические станции, сети и системы”, “электроснабжение промышленных предприятий” (9-с кылаас кэнниттэн), “теплоснабжение и теплотехническое оборудование”, “монтажник технологического оборудования” (11-с кылаас кэнниттэн);
Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһэ “теория музыки” (9-с кылаас кэнниттэн);
Дьокуускайдаҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумун Төҥүлүтээҕи филиала “мастер производства молочной продукции”, “тракторист-машинист сельскохозяйственного производства” (11-с кылаас кэнниттэн).
Сэҥээрбит дьон сиһилии 50-60-44 төлөпүөнүнэн билсиэххитин сөп.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru