СӨ Идэҕэ урутаан бэлэмниир киинэ үөрэх үлэһиттэрин Тохсунньутааҕы мунньаҕын иитинэн, “Саҥа идэлэр атластарын” салайааччытын кытта идэҕэ салайыы (профориентация), саҥа идэлэр тула куйаар ситиминэн бэрт интэриэһинэй кэпсэтиини тэрийдэ. Аны 10-20 сылынан ханнык идэлэр ирдэниэхтэрэй? Ханнык идэлэр сүтүөхтэрэй?
Оҕону идэҕэ салайыы
“Саҥа идэлэр атластарын” салайааччыта Дмитрий Судаков быһаарарынан, оҕону идэҕэ салайыы (профориентация) үлэтэ кэһиллибит. Ол аата тугуй? Үрдүк үөрэҕи бүтэрээччи үс гыммыт иккитин кэриэтэ талан ылбыт идэтинэн үлэлээбэт, 15-20 бырыһыана үйэлэрин тухары идэлэринэн үлэлээн көрбөттөр диэн этэр. Идэҕэ салайыы Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, холобура, АХШ эмиэ маныаха майгынныыр түгэн бэлиэтэнэрин, бу улахан кыһалҕа буоларын ыйар. Үп-харчы, болҕомто ууруллар эрээри, тоҕо эрэ өрүттүбэт. Устудьуон иккис-үһүс куурустарга үөрэнэ сылдьан букатын сүрэҕэ сыппат идэтигэр үөрэнэ сылдьара биллэн тахсар. Сорохтор салгыы үөрэнэн бүтэрэллэр эрээри, идэлэринэн үлэлээбэттэр, сорохтор быраҕан бараллар. Тоҕо маннык буолла?
“Саҥа идэлэр атластара” бырайыак салайааччыта: “Бастатан туран, каадыр улахан сакаасчыта сүттэ. Билигин, урукку курдук судаарыстыба да, бөдөҥ биисинэс тэрилтэтэ даҕаны аны 10 сылынан хас исписэлиис ирдэниэҕин чопчу этэр кыаҕа суох.
Иккиһинэн, инникибит хайдах буолуон билбэппит. ССРС саҕана быһа холоон даҕаны буоллар, олох хайа диэки салаллыан сэрэйэр этибит. Билигин ханна баран иһэрбитин билбэппит. 2020 сыл маны дьэҥкэтик көрдөрдө.
Үсүһүнэн, итинтэн сиэттэрэн ытырыктата саныыбыт, дьаахханабыт.
Төрдүһүнэн, ол иһин төрдүн-төбөтүн булаары, профориентатордар көмөлөрүгэр наадыйар төрөппүт үксээтэ. Ол эрээри, профориентатордар эппиэтинэстэрэ сүттэ. Хаан группатынан, тарбах суолунан, камера нөҥүө аураны бэрэбиэркэлиир шарлатан-профориентатордар үөдүйдүлэр. Бу барыта сымыйа. Оннооҕор профориентацияҕа эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһабыт дии саныыр, “Климов тиэһин” чиэһинэйдик ыытар, мэтиэдикэни ааҕар дьон даҕаны сорохторо үйэ аҥаардааҕы “лекалонан” үлэлииллэр. Бу улахан кыһалҕа буолар”, — диэн этэр.
“Саҥа идэлэр атластара” манна көмөлөһөр кыахтаах диэн ыйар. Кырдьык, биир кэмҥэ “тарбаҕынан идэни талаллар үһү” диэн сурах киэҥник тарҕана сылдьыбыта, бэрт сотору кэминэн сонуна сойбута.
Идэлэр уларыйаллар
Идэлэри сайдыыларынан үс сүрүн бөлөххө наардаабыта өйдүүргэ судургу. Бастакытынан, саҥа идэлэр. Манна экэниэмикэ 28 салаатыгар 350-тан тахса сити-фермер, виртуальнай эйгэ архитектора, эмоция дизайнера, космобиолог, о.д.а. курдук кэлэр кэм саҥа идэлэрэ үөдүйүөхтэрин ыйар.
Иккиһинэн, хаалан эрэр идэлэр буолалларын ыйар. Бэйэтэ маны “биэнсийэлээх-идэлэр” диэн ааттыыр. Ол эрээри, биир үтүө күн утуйан турбуппут, аан дойдуга биир даҕаны буҕаалтыр суох буолуо диэн саныыр сыыһатын ыйар. Бу исписээлинэстэргэ ирдэбил сыыйа намтыырын бэлиэтиир.
Үсүһүнэн, сорох идэлэр технология киирэн, ааттара баар эрээри, ис хоһоонноро олоччу уларыйаллар диэн этэр. Бу үөрэх систиэмэтигэр улахан кыһалҕа буоларын этэр. “Холобура, уон-сүүрбэ сыллааҕыта токарь-фрезеровщик быччыҥнаах, анал таҥастаах, арыыга умньаммыт, ыстаныакка үлэлиир эр киһи эбит буоллаҕына, бүгүн бу хатыҥыр, мааны таҥастаах кыыс буолуон сөп. Тоҕо диэтэххэ, бу – ыстаныагы бырагыраамалыыр үлэһит”, — диэн бэрт судургутук эрээри өйдөнүмтүөтүк холобурдаата. Ити курдук, аата биир идэ эрээри, толорор эбээһинэстэрэ уларыйар.
Үлэ эйгэтэ эмиэ уларыйар
Аны сыыппараҕа, автоматизацияҕа, экологияҕа сибээстээх идэлэр идэни уларыталлар диир. “2020 сыл атыннык үлэлиир кыах баарын көрдөрдө. Үлэ күнэ сарсыарда 10 чаастан киэһэ 7 чааска диэри буолбакка, уларыйыан сөп эбит. Аны ыраахтан олорон (удаленно) үлэлиир кыахтаахпыт эбит”, — диэн салайааччы этэр.
Ханнык эйгэ сайдыаҕай?
Инникини тымтыктанан көрбүт суох эрээри, хас биирдии киһи олоххо бэйэтин миэстэтин булан, табыгастаах, бигэ үлэҕэ киирэн, оннун булуон баҕарар. Дмитрий Судаков маныаха биэс олус сайдыан, ордук элбэх үлэ миэстэтэ тахсыан сөптөөх салааны билиһиннэрдэ. Ханныктарый?
— Бастакытынан, аныгы технологическай сектор. Өйгө тута киирэр “умный дом”, “виртуальная реальность”, “нейронет”, “генетика” эйгэтигэр хамнас үрдүк, үлэһит тиийбэт. Ол эрээри, бу эйгэ олус уустук. Бастыҥтан бастыҥнар эрэ үлэлиир кыахтаахтар.
Иккиһинэн, айар индустрия. Бэйэбит айар дьоҕурбутун харчыга кубулутабыт. Холобура, дизайнер, муусукаан, суруйааччы, рэп-толорооччу… Биллэн турар, төлөбүрэ араас.
Үсүһүнэн, киһиэхэ туһаайыллыбыт салаа (человеко-центрированные сервисы). Бу көннөрү өҥө салаата буолбатах. Биһиги онно өҥө эрэ туһугар буолбакка, киһиэхэ туһаайыллыбыт болҕомто туһугар тиийэбит. Холобура, сөбүлүүр кофейнябытыгар. “Онно саамай минньигэс кофе этэ” дии саныыбыт эрээри, дьиҥэр, онно эйгэтэ үчүгэй. Оттон кофе ханна баҕарар амтана биир. Дьоҥҥо сөптөөх усулуобуйаны, эйгэни (атмосфера) тэрийэллэр. Дьахталлар үс чааһы быһа парикмахерскайга тугу гыналларый? Баттахтарын кырыйтара, кырааскалата эрэ буолбакка сынньана, кэпсэтэ-ипсэтэ бараллар.
Төрдүһүнэн, виртуальнай экэниэмикэ. Онно тик-токердар, стримердэр, инстаграм-блогердар, телеграмм-ханаал үлэһиттэрэ, уо.д.а. киирэллэр. Туох даҕаны эт-сиин хамсаныытын оҥорботтор, ол гынан баран, дьиҥнээхтик үлэлииллэр.
Бэсиһинэн, “күөх экэниэмикэ” (экономика эко-восстановления). Арассыыйаҕа саҥа үөдүйэн эрэр, ордук арҕааҥҥы дойдуларга күүскэ сайдыбыт. Манна 2021-2030-с сылларга киэҥник тарҕаныаҕа. Атын сатабылы эрэйэр.
Улахан киһи саҥа сатабылга үөрэниэн сөп дуо?
Куйаар ситиминэн холбоммут педагогтар Дмитрий Судаковтан “Улахан киһи үөрэниэн сөп дуо?” диэн ыйыталлар. “Медиктэр уонна педагогтар өрүү үөрэнэллэр. Хаһан баҕарар үөрэниэхпитин сөп. 1990-с сылларга уларыта тутуу сылларыгар элбэх киһи идэтин хайысхатын уларыппыта, былырыын пандемия кэлэн, эмиэ элбэх киһи сатабылын (навык) уларытта. Онон үөрэниэххэ сөп, үөрэниэххэ наада. Ол эрээри, оҕону уонна улахан киһини үөрэтэр уратылаах. Улахан киһи үөрэнэн баран онтун олоххо киллэриэн куттанар. Арай туох эмэ улахан истириэскэ киирдэҕинэ эбэтэр үлэтин сүтэрдэҕинэ, кыһалҕаттан тугу барытын кыайыан сөп”, — диэн хоруйдуур.
Ханнык идэ сүтүөҕэй?
Аны хас биирдии төрөппүтү, оскуоланы бүтэрээччини ханнык идэлэр сүтүөхтэрэй диэн ыйытыы өрүү долгутар. Тустаах ыйытыыга: “Саайтпытыгар “биэнсийэлээх-идэлэр” диэн салаа баар. Онно 50-ча идэ киирэр. Ол эрээри, балары сүтэн эрэр идэлэр диэн этэр кыаллыбат. Бу “Кыһыл кинигэҕэ” киирбит кыыллар буолбатахтар.
Бүтүн Арассыыйатааҕы дьарыктар классификатордарыгар
7 000 идэ баар. Буҕаалтыр идэтин “биэнсийэлээх-идэлэргэ” киллэрэбит эрээри, күн сарсын сүтүө диэн толкуйдуур сыыһа, буҕаалтыр идэлээхтэр сыыйа аҕыйаан иһиэхтэрэ. Отучча саастаах буҕаалтыр өссө 30-ча сыл үлэлиэн сөп. Биир тэрилтэҕэ үлэлиэҕэ, уонча сылынан ол тэрилтэҕэ буҕаалтыры солбуйар технологияны киллэрдэхтэринэ, атын тэрилтэҕэ көһөн биэриэҕэ”, — диэн хоруйдаата.
Күүстээх программистар
Аҕыйах сылтан бэттэх “АйТи” диэн тылы үгүстүк истэр буоллубут. Бүгүн устудьуон оҕолор аны уонча сылынан бары үлэ булуохтара дуо? “Билигин программистар хото ирдэнэллэр. Онон оннооҕор гуманитарнай хайысхалаах үөрэх тэрилтэлэрэ программист идэлэрин арыйан үөрэтэр буоллулар. Салгыы хайдах буолуой? Аҕыйах сылынан ырыынакка олус элбэх мөлтөх программистар тахсыахтара. Оттон ырыынакка күүстээх программистар ирдэнэллэр. Элбэхтэн үчүгэйдэрин эрэ талыахтара”, — диэн бүгүн таһыччы билиилээх, таһымнаах юристар ирдэнэллэрин курдук эмиэ киэҥ билиилээх, сатабыллаах программистарга наадыйыахтарын туһунан санаатын үллэстэр.
Түмүк
Түмүктээн эттэххэ, бүгүн баар идэлэр сарсын олоччу суох буолан хаалыахтара диэн этэр уустук. Ол эбэтэр, сыыйа, хас даҕаны сыл аҕыйаан баран симэлийиэхтэрин сөп. Эбэтэр ааттара оннунан хаалбыт эрээри, технология көмөтүнэн ис хоһоонноро уларыйан биэриэн сөп.
Иккиһинэн, ханнык баҕарар идэҕэ сүүс киһиттэн сатабыллааҕын, ордугун, күүстээҕин талан ылаллар. Онон олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсыахтаахпыт, сайдыахтаахпыт, үөрэниэхтээхпит.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru