Статистика көрдөрөрүнэн, киһи доруобуйатын туругун 20 бырыһыана утумнуур ыарыыттан тутулуктаах. Өссө 20 бырыһыан экологияҕа, 8,5 бырыһыан доруобуйа харыстабылыгар тиксэр, 51,5 бырыһыаны киһи бэйэтин олоҕун укулаата ылар. Ол аата, доруобуйабыт сүрүннээн бэйэбититтэн быһаччы тутулуктаах.
edersaas.ru
Онуоха, биллэн турар, киһи доруобуйатыгар куһаҕан дьаллыктар олус улахан оруоллаахтар.
Чуолаан, искэн ыарыытыгар ханнык дьаллыктар саамай буортулаахтарый?
Бастатан туран, саамай күүстээх өлөрүөхсүт – наркотиктар.
Иккиһинэн, табаах. Табахтааһын инсуллуур кутталы түөрт төгүл үрдэтэр. Табахтааһын – искэн (бронха, тыҥа, куртах искэннэрин) ыарыытын уо.д.а. кэһиллиилэри сайыннарар төрүөттэртэн биир сүрүннэрэ.
Үсүһүнэн, кыраадыстаах утахтар. Нэдиэлэҕэ 100 кыраам арыгыны иһии, доруобуйаҕа буортуну тута оҥорбутунан барар.
Төрдүһүнэн, аҕыйахтык хамсаныы. Исписэлиистэр этэллэринэн, киһи күн аайы сэттис этээскэ тахсыахтаах уонна түһүөхтээх.
Бэсиһинэн, сыыһа аһааһын. Күҥҥэ кыра-кыратык өлүүлээн, хаста да аһаныллыахтаах. Ону таһынан, күннээҕи аһылыкка хайаан да фрукта уонна оҕуруот аһа баар буолуохтаах. Сыалаах уонна белоктаах бородууктаны нэдиэлэҕэ иккиттэн ордук аһаныллыа суохтаах.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru