Ханнык балык сааҥсыйаттан сылтаан сыаната ыарыан сөбүй?

Ааптар: 
07.06.2022
Бөлөххө киир:

2022 сылга муора балыгын тас дойдулартан киллэрии биллэрдик кыччыыра сабаҕаланар. Сүрүн биричиинэнэн Арассыыйаны кытта эйэтэ суох дойдулар сааҥсыйа чэрчитинэн экэнэмиичэскэй хааччахтары киллэриилэрэ буолар. Росрыболовство кэтээн көрүүтүнэн олунньуга балыгы тас дойдулартан атыылаһыы 84,32 тыс. туоннаҕа тэҥнэспит, бу ааспыт сыллааҕы көрдөрүүлэртэн 10,5 % кыра. Балыгынан хааччыйыыны кэтиир тэрилтэ этэринэн, Арассыыйаҕа сыллата, ортотунан, 3,2 мөл. туонна балык сиэнэр. Быйыл балыгы тутуу уонна иитэн таһаарыы үчүгэй көрдөрүүлээх, онон сүрүн балык суортарынан атыылаһааччылар толору хааччыллыахтара”, — диир Росрыболовство салайааччыта Илья Шестаков.

Эрэстэрээннэр билигин Норвегияттан, Чилиттэн уонна кэккэ дойдулартан кэлэр лосось, форель курдук сыаналаах балыктарынан эргинии уустугурбутун бэлиэтииллэр. Сааҥсыйалартан эрэ буолбакка, валюта кууруһа халбаҥнааһыныттан эмиэ тутулуктанар эбит.
«Мясо & Рыба» эрэстэрээннэр ситимнэрин хаһаайына Сергей Миронов этэринэн,  балык бу көрүҥнэрин Уһук Илиҥҥи эрэгийиэн киэннэринэн солбуйуохха сөп эрээри, саҥа логистика ситимнэрин таҥыахха наада. “Билигин  стейк оҥоруохха сөптөөх 
кижуч, чавыча, нерка курдук балыктар сезоҥҥа биир кэмҥэ эрэ бултаныллар буолан, быйылгы тутуу олоччу кэриэтэ Азия дойдуларыгар атыыланан турар. Кэлэр сезоҥҥа эрдэттэн ити эрэгийиэҥҥэ тиийэн хантараак түһэрсиэхтээхпит”, — диир биллэр урбаанньыт.

Креветка, атлантическай селедка, скумбрия курдук бородуукталарынан Арассыыйаны хааччыйыы бэйэ күүһүнэн ситиһиллиэн сөп. Оттон сибас, тунец, омар курдук ас көрүҥнэринэн хааччыллыы кэлэр сылларга лаппа уустугуруон сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0