Сарсын, олунньу 11 күнүгэр 17 чаастан П.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын солуонугар “Туой Хайа ахтылҕана” диэн поэтическай биэчэр буолуоҕа.
edersaas.ru
Бу күн Саха тыйаатырын араас көлүөнэ артыыстара бэйиэт, тылбаасчыт, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ үтүөлээх юриһа, РФ суутун систиэмэтин бочуоттаах үлэһитэ Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ хоһооннорун ааҕыахтара.
Поэзия биэчэрэ Бүлүү өрүскэ ГЭС тутуллуутунан сибээстээн көһөрүллүбүт Туой Хайа сэлиэнньэтин олохтоохторугар ананар.
ххх
Михаил Егорович күндү ийэтэ Анисия Егоровна Оргулова сырдык кэриэһигэр анаабыт “Ситтэрбэти ситээри…” диэн кинигэтин аан тылыгар бэйиэт, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Галина Фролова Туой Хайа олохтоохторун алдьархайын бэйиэти кытта тэҥҥэ үллэстибитэ, Туой Хайа бэйиэт поэзиятын биир сүрүн тиэмэтэ буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.
Ситтэрбэти ситээри, тыл оһуорунан симээри
(Галина Фролова)
– “Хас биирдии киһини дойдута,
Төрөөбүт түөлбэтэ күүтүөхтээх,
Үс кута үөскээбит уйата
Күүс-күдэх киниэхэ биэриэхтээх” –
диэн поэт бэйэтэ эппитин курдук, киһи төрөөбүт түөлбэтиттэн күүс-күдэх ылар, тирэхтэнэр, кынаттанар. Оттон төрөөбүт түөлбэтэ “сайдыыга” суураллан сүппүтүн да иһин, поэт Чуона Мэхээлэ поэзия күүһүнэн тилиннэрэн, “хагдарыйбыт ньургуһуну иккистээн тылыннарбытын” курдук, дьон сүрэҕэр тыыннаах тылларынан кутар.
… Дойдутун дьоно, хоту дойду дьонун үөрүнньэҥ майгытынан, маҥнай алмаас таас көстүбүт сураҕын истэн үөрбүттэр, “алдьархай ааҥнаан кэлиэхтээҕин түүллэригэр да көрбөтөхтөр”:
Арҕааттан халҕаһа былыттар
Алдьархай илдьитэ буоланнар,
Сир-дойду үрдүнэн ааҥнааннар
Сабардыы халыйан тахсаллар.
Туой Хайа ыаһыран, уордайан
Тыйыстык хаастара түрдэстэр,
Чуонабыт өрүтэ түллэҥнээн
Балысхан бааллара ынчыктыыр.
Этэллэр эҥсиллэр этиҥнэр,
Лиһигир, лүһүгүр сүүрээннэр,
Чуонаны далайга тимирдэр –
Хомолто сураҕа тарҕанар…”
Муҥутуур сайдыы киһи дьылҕатын аахсыбакка, дьулуруйа турара трагедияҕа тириэрдэр. Ааптар бу аан дойдуга буолар быһыыны-майгыны, таһыттан көрдөххө, сахалыы холкутук, дьиппиэнник, киһи өссө көмүскэнэр кыахтаах туругун тутан олорон суруйар. Ол хоһоон формалаах поэма, ханнык да риторическай ыйытыылара суоҕуттан, маннык түбэлтэлэргэ литературнай айымньыларга үксүн туттуллар норуот тылынан уус-уран айымньыларын тыла-өһө кэлимсэнэн киирбэтэхтэриттэн көстөр.
… Төрөөбүт буор ахтылҕана, дойдуга таптал кини хоһоонноругар мэлдьи сүрүн миэстэни ылаллар. Дойдутун сандаарбыт бөһүөлэгэ, долгуйар сибэкки муората, лиҥкир тиит ойуура, хатыҥнаах чараҥа, дьоно-сэргэтэ тоҕуоруспута түүлүгэр көстөллөр, онтон кэрэ түүл, олох кырдьыга буолан, хаһан да хоруй ылбат сүрэх кыланыытыгар кубулуйар:
“Күүһүрэр ахтылҕан ыарыыта
Сыл-хонук аастаҕын аайытын:
Ханнаный, мин дойдум – Туой Хайа?!
Ханнаный, хаарыаннаах мин Чуонам?!”
Бу даҕаны түбэлтэҕэ поэт трагедията бэйэтин иһигэр хаалар, буруйдааҕы көрдөөн, ситиһэ сатаан түмүк оҥорбот, хоһоонунан этиллэр санаа аһаҕас хаалар. Онон өссө ордук итэҕэтиилээх, ааҕааччыны соруйан туох эмэ санааҕа аҕала сатааһын суоҕа көстөр. Ол аата – дьиҥнээх поэзия”.
ЫСПЫРААПКА:
ЧУОНА МЭХЭЭЛЭ
Сунтаар оройуонун Туой Хайа сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.
1974 с. Саха судаарыстыбаннай университетын историко-филологическай факультетын бүтэрбитэ.
1981 с. Хабаровскайдааҕы институт Бүтүн Сойуустааҕы юридическай факультетын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ.
1974-1984 сс. Өлүөхүмэ, Сунтаар, Мииринэй оскуолаларын учуутала, Арыылаах орто оскуолатын дириэктэрэ, Мииринэй оройуонун Сүлдьүкээр с. Садыннааҕы сэбиэтин ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ.
1984-1987 сс. “Якуталмаз” (АЛРОСА) производственнай-научнай холбоһук ыстаарсай юрисконсультана.
1987-2012 сс. Өлөөн, Сунтаар, Мииринэй оройуоннарын суутун бэрэссэдээтэлэ, СӨ Үрдүкү суутун судьуйата.
“Сүрэхтэн тахсар тылларым” (2014 с.), “Иккиһин тыллыаҥ дуо, ньургуһун…” (2014 с), “Ситтэрбэти ситээри…” (2016 с.), “Ыра санаам кынаттара” (2017 с.) хоһоон хомуурунньуктарын ааптара.
Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа Дьокуускай к. олорор.
Кинигэлэрин аан тылларын П.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Николай Винокуров-Урсун, СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин, бэйиэт Галина Фролова, филологическай наука доктора Варвара Окорокова суруйбуттара.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru