И.Н.Барахов аатынан судаарыстыбаннас түмэлин үлэтин биир хайысхата пуонданы хаҥатыы. Оттон пуондаҕа киирбит хас биирдии мал туһунан устуоруйалаахтар, ким эрэ олоҕун кытары сибээстээхтэр, кэпсиирдээх буолаллар. Түмэл үлэһиттэрин ордук сэдэх маллар сэҥээрдэллэр.
Биһиэхэ Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгиттэн түмэл дириэктэрэ Светлана Копыленко сүрэх кириэс, күлүүс, оноҕос кылыыта, дьахтар симэҕин тиһилигэ, о.д.а. көстүбүтүн туһунан суруйда.
— Улууспут устуоруйатын кэрэһэлиир пуондабытыгар суох маллары көрдүү, нэһилиэктэр устуоруйаларын үөрэтэр, чинчийэр сыаллаах эспэдииссийэлэр сайын ахсын араас хайысханан баран үлэлииллэр.
Соторутааҕыта түмэл пуондатын тутан сылдьааччы, эппиэтинэстээх Сахая Алексеевна Тоскина салайааччылаах эспэдииссийэ Ороһу арыытынан, Элгээйи алааһын өтөхтөрүнэн сылдьан кэллэ. Эспэдииссийэбитигэр биир сүрүн киһинэн Евгений Тоскин буолар. Кини сири-уоту билэрэ, кэрэхсэбиллээх кэпсээннэрэ айаҥҥа улаханнык сэргэхситэллэр.
Элгээйи алаас ороһулар уутуйан үөскээбит алаастара. Ону хас да өтөх, ордон хаалбыт сэргэлэр туоһулууллар. Биир оннук, оһон эрэр быыкаа өтөх оннуттан төбөтө аһаҕас, ортотунан иннэ төрдө халтарыйбатын диэн дьөлөҕөстөрдөөх курдаах алтан сүүтүк көһүннэ. Сүүтүк пуондабытыгар суох этэ. Ким эрэ харысхаллаах, наһаа наадалаах мала этэ буоллаҕа…
Өссө биир өтөхтөн тимир оноҕос кылыыта уонна улахан, халыҥ тимиртэн оҥоһуллубут былыргы күлүүс көһүннүлэр. Оноҕос кылыыта эмиэ саҥа көһүннэ. Маныаха бэлиэтээн эттэххэ, бу уопсайынан, археологическай хаһыыларга эрэ көстөр тэрил.
Эспэдииссийэ иккис күнүгэр былыр аата-суола Бүлүү эргин бэркэ биллибит киһи — Ханханта Борукуоппай диэн, Хатарча аҕатын ууһун киһитэ олорбут өтөҕүн чинчийэр сыаллаах тиийдэ. Бу киһи кэлбит-барбыт, сырыыны да сылдьыбыт, кыанар, сытыы киһи эбит. Кини элбэх да буолбатар сүөһүлээх эбит. Түөкүнүнэн биллэр эбит да, оҕуруктаах өйүнэн сыыһа-халты туттара сылдьара үһү. Уоран аҕалбыт сылгытын хотонунан киллэрэн түүннэри астыыр эбит. Оттон көлөһүн аллыбыт атын хатыс быанан кэлин атахтарын холбуу баайталаан баран, тоҥуу хаарга түҥнэри анньара үһү. Икки ойоҕоһунан үҥкүрүтэн, бүтүннүү хаар буолбут атын атахтарын сүөрэн кэбистэҕинэ, ата ойон туран өрө дьигиһийэн хаардаах көлөһүнүн тоҕо тэбээн кэбиһэр эбит. Ат хаһан да тириппэтэх, өтөр-наар ыраах сылдьыбатах буола түһэрэ үһү.
Ханханта өтөҕөр үрдэ сууллубут балаҕана турар. Манна дьиэ таһын чинчийии түмүгэр, хаҥас түннүк анныттан дьахтар симэҕин тиһилигэ көһүннэ. Бу тоҕо ким да илиитигэр киирбэтэҕэ буолла, эбэтэр кистэнэн буорга көмүллүбүт симэх эбитэ дуу…
Салгыы хаһа сылдьан Евгений: «Ыарахан баҕайы буор кэллэ! Туох эрэ баар быһыылаах!», — дии-дии буору эмтэритэ туппутугар, кириэс көстөн кэллэ. Онуоха соһуйан: «Кириэс!» — диэт киэр эспитин билбэккэ да хаалла. Бу сүрэх кириэс эбит. Сарбынньахтара барыта баар. Салгыы көрдөөһүн түмүгэр тус-туһунан сылдьар тиһиликтэр уонна бөдөҥ дьэҥкир оҕуруолар көһүннүлэр. Биир тиһилиги сууйбут, ыраастаабыт кэннэ, кылбайан үрүҥ көмүс буолара билиннэ. Маны сэргэ, дьиэ айаҕыттан 1 кэппиэйкэлээх, 1906 сыллааҕы манньыат көһүннэ. Дьиэттэн чугас баар сиҥнибит булуус айаҕыттан ойуулаах, I Х T буукубалардаах кыра тимир күлүүс сирэйэ көһүннэ. Эспэдииссийэ айана-сырыыта итинник түмүктээх буолла.
Музей сэбиэдиссэйэ Светлана Копыленко,
Үөһээ Бүлүү, Харбалаах.
Хаартыскалар С.Копыленко тиксэриилэрэ