Хаҥалас ыччата «Дархан саха манна баар» диэн ырыаҕа килиип таһаарда. Бу ырыа улуус ыччатын өрөгөй ырыата буолар.
Ырыа тылларын Христофор Горохов — Элгэстэй суруйда, оттон ырыаһыт, ырыа айааччы Милена Борисова матыыптаан биэрдэ. Килиипкэ Хаҥалас улууһун талааннаах, киэн туттар дьоно — суруйааччы Павел Харитонов — Ойуку, спортсменнар Леонид Спиридонов, Егор Филиппов, кырасаабыссалар Наталья Строева, Айыына Пудова, ырыаһыт Сайсары Куо, киинэ эйгэтигэр биллэр-көстөр Дмитрий Шадрин, Эдуард Новиков уо.д.а. уһулуннулар.
Милена Борисова, ырыаһыт, ырыа айааччы:
— Бу ырыа матыыбын былырыын айбытым. Балаҕан ыйыттан алтынньыга диэри килииби уһуллубут. Видеограф — Ион Иванов. Ырыаны Хаҥалас ыччата толордо. Улуус дьаһалтатын, култуура уонна ыччат управлениеларын салайааччылара көмөлөстүлэр. Бары күүс-көмө буолбут дьоҥҥо махтанабын!
Килииби манна көрүҥ:
Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru