Хамсыкпыт намырыыр, хааччахпыт сыыйа сымныыр

Ааптар: 
20.02.2022
Бөлөххө киир:

Олунньу 20 күнүнээҕи көрдөрүүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ 1089 киһи хамсыкка хаптарбыт. Тэҥнээн көрдөххө, олунньу 17 күнүгэр ыалдьааччы ахсаана 1354 этэ. Сууккатааҕы көрдөрүүнэн 55 киһи балыыһаҕа киирбит.  3 899 киһи үтүөрбүт.

Дьокуускайга ыалдьааччы ахсаана – 303 киһи. Мэҥэ Хаҥалас – 144, Алдан – 100, Бүлүү — 93, Нерюнгри — 77, Сунтаар — 43, , Аллайыаха -35, Таатта -34, Уус Алдан – 27, Амма -26, Ленскэй, Томпо — 25-тии, Ньурба — 22, Мииринэй – 20, Анаабыр, Эдьигээн — 15-тии, Өлүөхүмэ — 13, Дьааҥы — 11, Усуйаана, Хаҥалас — 10-нуу, Абый — 9, Муома, Чурапчы — 7-лии, Үөһээ Бүлүү 6, Горнай, Нам — 5-тии, Эбээн Бытантай — 2.

Бүтэһик сууккаҕа лабораториялар 4 136 анаалыһы оҥордулар. Пандемия саҕаланыаҕыттан уопсайа 2 106 298 анаалыс бэрэбиэркэлэммит.

Манна даҕатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев бэҕэһээ хааччахтыыр миэрэлэри сымнатар туһунан ыйаахха илии баттаата. Кини социальнай ситимнэргэ быһа эпииригэр ол туһунан кэпсээбитэ.

Дьиэтиттэн үлэлиир үлэһит ахсаана тэрилтэттэн аны 50 % буолара ирдэммэт, 30% тиийиэн сөп. Нэдиэлэ саҥатыгар хайаан да хатанан баран сууйары-сотору аны ирдээбэттэр. Дьокуускайга баар ырыныыктар, атыы-эргиэн кииннэрэ сабыллыбакка аны сууйа-сото сылдьыахтарын сөп.

Аны туран, көрөөччүтэ суох спортивнай күрэхтэһиини ыытарга Роспотребнадзор сөбүлэҥэ аны ирдэниллибэт.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0