Хамнас үрдүөҕэ

17.01.2017
Бөлөххө киир:

«Хамнас үрдүөҕэ», — диэн РФ Үлэ, социальнай көмүскэл миниистирэ Максим Топилин “Российская газета” хаһыакка cоторутааҕыта биэрбит интервьютугар эттэ. 

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

«Атырдьах ыйыттан хамнас үрдүүрүгэр сөптөөх балаһыанньа үөскээтэ. Дойду бэрэсидьиэнэ бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтэр туһунан ыйааҕын толоруохпут. Итиннэ үп-харчы көстүөҕэ уонна регионнары кытары үлэ бара турар”, — диэн миниистир бэлиэтээтэ.

Топилин этэринэн, үлэтэ суохтар ахсааннара бу сылга элбиэ суоҕа, былырыыҥҥы көрдөрүүнэн хаалыаҕа. Арассыыйаҕа сыл түмүгүнэн 4 мөлүйүөн кэриҥэ үлэтэ суох киһи баара бэлиэтэммит. Ити 2015 сыллааҕар кыра көрдөрүү.
Миниистир биэнсийэҕэ тахсар сааһы быйыл үрдэппэппит диэн этэр. Ону тэҥэ, үлэлии сылдьар биэнсийэлээхтэргэ индексациялааһын боппуруоһа көтөҕүллүбэт. Кинилэр биэнсийэлэрэ билигин бэрт кыратык эбиллэр, инфляцияны сиппэт. Үлэлээн бүттэхтэринэ эрэ үрдүк индексация ааҕыллар.
Промышленниктар уонна предпринимателлэр Арассыыйатааҕы сойуустарын салайааччы Александр Шохин бөдөҥ тэрилтэлэр салайааччылара 2017 сылга хамнаһы сыыйа үрдэтэн барыахтара диэн этэр. Бу үрдээһин инфляцияны син биир ситиэ суоҕа.
2014 сыл алтынньытын кытта тэҥнээн көрдөххө, дойду үрдүнэн орто хамнас 8% намтаабыт.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0