Кэлиҥҥи кэмҥэ уопсастыба ортотугар дьон хамнаһа улаханнык араастаһар буолла. Бырамыысыланнас тэрилтэтин, уот ситимин тардар хампаанньалар топ-менеджердэрэ ыйга хастыы да мөлүйүөн хамнастаахтар, оттон 2018 сыл бастакы аҥаарыгар өрөспүүбүлүкэҕэ орто хамнас 62 000 солк. тэҥнэстэ.
edersaas.ru
Ол эрэн, ис дьиҥэр куоракка уонна тыа сиригэр итиччэ хамнаһы ылар киһи аҕыйах буолуохтаах. Сахабыт сиригэр нэһилиэнньэ улахан аҥаара ити этиллибит орто хамнастан лаппа кыраны ылар.
Былырыын бүддьүөт үлэһиттэрин, ол иһигэр, быраастар, учууталлар хамнастара биллэрдик үрдээбитэ. Холобур, «терапевт быраас 100 -120 000 солк. хамнастаах, оннооҕор санитаркалар 60 000 солк. ылаллар» диэн кэпсээн киэҥник тарҕаммыта. Күннэтэ араас ыарыһаҕы көрөр-истэр үлэ ыарахан, улахан эппиэтинэстээх. Быраастар өссө аадырыстарынан сылдьан ыарыһахтары көрөллөр.
Кэлии хампаанньалар сирбитин дьөлө үүттээн, ойуур маһын солоон, кирдээх ууларын өрүстэрбитигэр тоҕон, иһэр уубутун, балыкпытын сүһүрдэн баран, тус хармааннарын эрэ хаҥатталлар, сылга сүүрбэлии-отуттуу мөлүйүөннээх хамнастарын отчуоттаабыттарын олохтоох нэһилиэнньэ саҥата суох истэн эрэ кэбиһэр. Тулалыыр айылҕаны киртитэллэрин иһин олохтоох бүддьүөккэ харчы быраҕан биэрэллэрэ муораҕа хааппыла дии саныыбын.
Менеджердэрэ санаатахтарын аайы сыаналаах массыыналарын уларыталлар, куорат аайы, омук сиригэр кытта дьиэлээхтэр, үтүмэн үптээх буолан байан-тайан олороллор. Оттон алмаас, ньиэп-гаас хостуур сиртэн аҕыйах биэрэстэлээх тыа сиригэр саха дьоно үлэ суох буолан, ынахтарын-сүөһүлэрин бэрийэн, мас хайытан, оһох оттон, муус ириэрэн, ол уутун иһэн олороллор.
Хамнастаах баахтанан үлэҕэ барарга үчүгэй доруобуйа, ыарахан үлэни кыайар-хотор эдэр буолуоххун наада. Аны дьахталларга бырамыысыланнаска үлэ суох. Ыарахан кыамталаах улахан тиэхиньикэни: бульдозеры, экскаваторы, самосвалы ыытар эр дьоҥҥо эрэ наадыйаллар. Олохтоох дьону оробуочай хара ыарахан үлэҕэ ылаллар, хонтуора үлэтигэр чугаһаппаттар. Уонна сахалар сүрэҕэ суохтар, үлэни кыайбаттар диэн кэпсииллэр. Биллэн турар, суукканан атастаһа сылдьар, ардыгар өрөбүлэ суох, биир да бырааһынньыгы, көрү-нары билиммэт баахта кытаанах үлэтин эдэр да киһи барыта тулуйбат.
Дьиҥэр, олох араас эйгэтигэр үлэлии сылдьар дьон хара көлөһүннэрин тоҕон, сыралаһан туран хамнас аахсаллар. Ону «целевой-целевойа суох» диэн араарбакка, хамнас үрдээтэ да барыларын хабаллара ордук буолуо этэ. Мөлүйүөнүнэн үбү эргитэр сир баайын хостуур хампаанньалар кыра хамнастаах дьону кытта үллэстэр кэмнэрэ кэллэ.
Киһи сөҕүөх, Туркменистаҥҥа дьиэ атыылаһалларыгар судаарыстыба аҥаарын төлүүр уонна 30 сылга диэри болдьохтоон чэпчэтиллибит 1% кирэдьиит биэрэр. Биһиэхэ бу курдук олохтоох дьон олоҕун тупсарар, уйгутун улаатыннарар тустаах бырагыраамалар хаһан олоххо киириэхтэрэй?
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru