Хамнас алын кээмэйэ төһө үрдээтэ?

Бөлөххө киир:

Арассыыйаҕа 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн хамнас алын кээмэйэ (МРОТ) 8,6% үрдээн, 13 890 солкуобайга тэҥнэспитэ. Оттон Саха сиригэр төһө буоларый?

Оройуоннааҕы коэффициены уонна хотугу эбиликтэри учуоттаан, Саха сиригэр МРОТ кээмэйэ ыйга 34 725 солкуобайга (1.7 оройуоннай коэффициеннаах сирдэргэ) уонна 38 892 солкуобайга (2.0 оройуоннай коэффициеннаах сирдэргэ) тэҥнэстэ. Ол эбэтэр, үлэһиттэр хамнастара бу сууматтан намыһах буолуо суохтаах.

Хаһаайыстыбаннай субъектарга (бүддьүөт тэрилтэлэригэр буолбатах) хамнас алын кээмэйэ (МРОТ) чопчу бу тэрилтэҕэ дьайыылаах оройуоннааҕы коэффициентан (1.4, 1.6, 1.7, эбэтэр, 2.0 буолуон сөп) тутулуктаах диэн СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэ иһитиннэрэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: gazeta.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0