Хамнас аахсар урбаанньыт оҕолор

Ааптар: 
14.05.2019
Бөлөххө киир:

Чурапчыга командировкаҕа бара сылдьан, Дириҥ агро-оскуолатын биисинэс-инкубаторын үөрэнээччилэрэ улахан киһиттэн уратыта суох уһаналларын, иистэнэллэрин, оҕуруот олордоллорун көрөн сөҕөн эрэ кэбиспитим. Олох мас диэн туга кэлиэй, букатын үс атахтаах сахалыы сандалыга, ЛДСП миэбэлгэ тиийэ оҥорбуттар этэ.

edersaas.ru

Дириҥ агро-оскуолатын иһинэн биисинэс-инкубатор 2016 сыллаахха Урбаан министиэристибэтин гранын үбүнэн тэриллибит. “Биисинэс 9 дэгиттэр сатабыла” инновационнай бырайыак соругун ситиһээри, “Оскуола биисинэс-инкубаторын тэрийии” диэн хос бырайыак быһыытынан үлэлэрин саҕалаабыттар. Тустуу саалатын өрөмүөннээн, уларытан инкубаторга кубулуппуттар.

Инкубатор сүрүн хайысхатынан маһынан уһаныы, иис, үүнээйи араас көрүҥүн олордуу, сүөһү иитиитэ буолар. Маны таһынан, оҕолор биисинэс араас хайысхаларынан дьарыктаналлар (чааскыга араас бэчээти түһэрии, шеллак, илиинэн оҥоһук мастарыскыайа (HANDMADE), сувенир, о.д.а.). “Оҕолору биисинэс-былааны суруйарга үөрэтэбит, бородууксуйаларын оҥорон таһааран, суулаан, хахтаан, эрэкэлээмэлээн, атыылаһааччы илиитигэр тиийиэр диэри арыаллаан биэрэбит”, — диэн Биисинэс-инкубатор салайааччыта Егор Протодьяконов кэпсээнин саҕалыыр. Баара-суоҕа үс сыл иһигэр иитиллээччилэрэ номнуо Саха сиринээҕи, Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустарга, быыстапкаларга, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ, биисинэс-оонньууларга тиийэ кыттыбыттар, миэстэлэспиттэр.

 

Үөрэнээччини көҕүлээһин

Салайааччыттан оҕолор хамнас аахсаллар дуо, диэн туоһуласпыппар: «Оскуола төһө кыалларынан матырыйаалынан хааччыйар. Оҕо оҥорон таһаарбыт матырыйаала атыыга бардаҕына, дуогабар быһыытынан үлэтин иһин хамнас аахсар. Маҥнай утаа оҕолору көҕүлээри, киллэрбит үптэрин олоччу бэйэлэригэр биэрбиппит. Икки сыллааҕыта үптэрин хайдах дьаһаналларын туһунан ыйытык ыыппыппыт. Ол түмүгэр үгүс оҕо тутатына маҕаһыынтан минньигэс ыла сүүрбэт буолбута үөрдүбүтэ. Киллэрбит үптэрин салгыы эргитээри, матырыйаал булунарга ууруналлара биллибитэ. Сорох интэриэстээх оҕолор сүүстүү тыһыынчаҕа тиийэ үбү киллэрэллэр. Холобура, Егор Кирсанов ааспыт үөрэх дьылыгар “Океан” лааҕырга сынньанар путевка туппута. Биисинэс-инкубаторга үлэлэтэр полиграфиятын хапытаалынан айанын төлөбүрүн бэйэтэ уйуммута. Ама, итинтэн хайа төрөппүт үөрбэт буолуой. Ити курдук, элбэх холобуру аҕалыахха сөп», — диэн Егор Дмитриевич киэн тутта кэпсиир.

 

Дьарык арааһа

Сакаас нэһилиэнньэттэн киирэр. Уолаттар ытыктан саҕа­лаан, ЛДСП миэбэлгэ тиийэ уһаналлар. Онтон кыргыттар араас киэр­гэлтэн саҕалаан, утуйар таҥас, түннүк сабыытын кэмпилиэгэр тиийэ тигэллэр.

Мантан инньэ тыһыынчанан арассааданы атыылыахтара турдаҕа. Былырыын тэрилтэни кытта дуогабардаһан, 400 оҕурсуну, 400 помидору туттарбыттар. Быйыл 1000 оҕурсуга үлэхтээхтэр. Ону таһынан, сибэккилэрин батарар санаалаахтар. Иккис сылын дьэдьэн олордоллор. Ааспыт сайын лааҕырынан 120 оҕону хабан үлэлээбиттэр. Үчүгэйэ диэн, Нэһилиэнньэ үлэлээх буолуу Киинин кытта дуогабар түһэрсэн, 14-тэн үөһэ саастаах оҕолору хамнастыыллар эбит.

Оҕолор оҥорон таһаарбыт бородууксуйаларын өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ дьаарбаҥкаларга атыылыыллар. Ону таһынан улуус маҕаһыыннарын, “Алтык” норуот маастардарын киинин кытта дуогабар түһэрсэн атыыга туттараллар. “Дьаарбаҥкаларга сылдьан туох табаар хамаҕатык барарын, дьон туохха ордук наадыйарын кэтээн көрөллөр. Атыылаһааччыны кытта сирэй көрсөн кэпсэтэн, сыана быһан, табаарын эрэкэлээмэлээн, түһэрсэн, сакаас ылан, дуогабардаһан уопутурар. Профессиональнай үөрэх педагогтара Федор Марков, Альберт Сергеев, Марина Васильева, Тамара Эверстова, Ирина Васильева, Светлана Осипова, Анастасия Посельская, Анастасия Захарова, Петр Федосеев оҕолору кытта ыкса үлэлииллэр, бырайыактарын салайаллар.

Оскуола биисинэс-инкубатордарын иитиллээччилэрин туһугар туруулаһар өрөспүүбүлүкэтээҕи биисинэс-түмсүү тэрийээччитэ Семен Семенович Посельскай буолар. Киин куорат урбаанньыттара оҕолор оҥоһуктарын атыыга ылалларыгар, киэҥ эйгэҕэ таһааралларыгар үлэлэһэр”, — диэн быһаарар. Онон эдэр урбаанньыттар ыырдарын сыыйа кэҥэтэн иһэллэр.

Оҕолор айылҕа матырыйаалларын хото туһаналлар эбит. Эмтээх оттору, сир аһын хомуйаллар, хонуу луугун тууһаан атыылыыллар. Холобура, 10-с кылаас үөрэнээччитэ Соня Тарасова “Алаһа” бырайыагынан араас күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыт. Маҥнай наборугар үөрэ ото, туос уонна испиискэ эрэ баар эбит буоллаҕына, сайыннаран, сала­йааччытын кытта айылҕа отторунан сыт таһаарар набору толкуйдаабыт. Туох даҕаны эбилигэ суох, айылҕа бэлэҕиттэн таҥыллыбыт ыраас наборун ситэрэн-хоторон, суулаан атыыга таһаарар былааннаах.

Аны биир интэриэһинэйэ баар, табаар сыанатын төһө матырыйаал, уот-күөс ороскуоттаммытыттан, сыраларын ыыппыттарыттан суоттаан, бэйэлэрэ быһаллар эбит. Маныаха илии оҥоһуга ырыынакка ордук сыаналанарын, өрө тутулларын бэркэ өйдүүллэр.

Санкт-Петербурга — бэйэтин хамнаһынан

Дириҥ орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Егор Кирсанов доҕорун Кирилл Пестеревы кытта Санкт-Петербург куоракка ыытыллыбыт “Приоритеты роста” диэн ыччат Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруһугар баралларыгар айаннарын, туттар харчыларын ороскуотун барытын бэйэлэрэ уйуммуттар. Ити төһө суумаҕа тэҥнэһиэн, ааҕааччы, быһа холоон бэйэҥ суоттаан кэбис. Уолаттар улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ, быыстапкаларга, күрэхтэһиилэргэ үгүс ситиһиилэрдээхтэр.

Маска бастаан уһуйбут киһим аҕам буолар. Матырыйаалын барытын булан биэрэр этэ. 11 саас­таахпар ханнык баҕарар уол оҕо кэриэтэ аптамаат оҥостубутум. Биисинэс-инкубатор аһыллыан иннинэ, өссө кыракый мастарыскыайга учууталларым көмөлөрүнэн мас остуол, ыскаап оҥорон саҕалаабыппыт. Инкубатор аһыллыаҕыттан, онно дьарыктанабын. Быйыл оскуолабын бүтэрэр сылым буолан, сүрүннээн, эксээмэннэрбэр бэлэмнэнэбин. Миэбэл оҥорон харчы киллэрэрим аҕыйах. Сүрүннээн хаартыска бэчээттээн, куруускаҕа, таҥаска уруһуйдары түһэрэн балачча үбү оҥоробун. Быйыл 50-ча тыһыынчаны киллэрдим. Киллэрбит үппүтүттэн 40 бырыһыанын инкубаторбытыгар матырыйаал ыларга биэрэбит. Ордугун бэйэбитигэр хаалларабыт. Быйыл үөрэххэ туттарсар кэммэр наада буолуо диэн мунньунабын. Медицинскэй кэллиэскэ киирэр баҕалаахпын. Дьоммуттан харчы көрдөөбөппүн. Наадыйдахпына үлэлээн булунабын, — диэн Егор санаатын үллэстэр.

 

Түмүк

Ити курдук, Дириҥ агро-оскуола уруккулуу көрүүнэн олорбокко, аныгы кэм ирдэбилинэн, биисинэс-инкубатор тэрийэн, оҕону харчыны ааҕарга-суоттуурга үөрэтэрин таһынан, бэйэтэ оҥорон таһаарарга уһуйар, урбаан эйгэтин маҥнайгы хардыытыгар бэлэмниир. Кэнэҕэски урбаанньыттарга ситиһиини баҕарабыт. Биисинэс-инкубатор оҕолорун үлэлэрин diringschoolbi инстаграмҥа страницаларыгар көрүөххүтүн, сакаастыаххытын сөп.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0