Хамнас алын кээмэйэ 23 тыһыынчаҕа тэҥнэстэ

26.01.2018
Бөлөххө киир:

Хамнас алын кээмэйэ (МРОТ) үрдээн 23 723 солкуобайга (бу мантан нолуок көҕүрүүр) тэҥнэстэ. Ыам ыйын 1 күнүттэн өссө үрдээн, 27 900 солкуобайга тэҥнэһиэхтээх. Бу туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьячковскай пресс-конференция кэмигэр иһитиннэрдэ. edersaas.ru

Владимир Путин ыам ыйынааҕы укааһын чэрчитинэн,  тус сыаллаах категориянан ааҕыллар 57 тыһыынча бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара үрдээтэ. Бу категорияҕа медиктэр, наука, социальнай эйгэ, култуура үлэһиттэрэ, уо.д.а. киирэллэр. Оттон бүддьүөт үлэһиттэрин уопсай ахсаана – 120 тыһыынча киһи. Орто хамнас 60 тыһ. солк.  тэҥнэһиэхтээх. Бу сууматтан НДФЛ нолуок суумата тутуллар.

2014 сыллаахха хамнас алын кээмэйин өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥнээбиттэрэ. Арассыыйа үрдүнэн бу маннык тэҥнэһии аҕыйах региоҥҥа буолбута. Оттон дойду бэрэсидьиэнэ былырыын бары регионнарга тэҥнииргэ сорудахтаабыта.

Тохсунньу 1 күнүттэн хамнас алын кээмэйэ үрдээн, 23 723 солкуобайга тэҥнэстэ. Ыам ыйыттан 27 900 солк. диэри үрдүөхтээх. Хотугу улуустарга бу суума өссө үрдүүр.

Онон бүддьүөт үлэһиттэригэр эрэ буолбакка, ханнык баҕарар эйгэҕэ хамнас бу сууматтан кыра буолуо суохтаах. Бу предпринимателлэргэ, чааһынай тэрилтэлэргэ эмиэ сыһыаннаах. Хас биирдии киһи бу быраабын билиэхтээх, үлэни биэрээччиттэн ирдиэхтээх”, — диэн Александр Дьячковскай тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Үлэ төлөбүрүн үрдээһинэ кыра хамнаһы ыла сылдьыбыт 10 700 киһини таарыйар. Бу сыалга бүддьүөттэн 4,5 млрд. солк. ыытылынна. Оттон категорияҕа хабыллыбатах дьон хамнаһа 4% үрдүөхтээх. Ол аата дьон дохуотун үрдэтиигэ барыта 11 млрд. солк. хамнаска ыытыллыа. Дьадайыыны утары охсуһууга бу миэрэ көдьүүһэ сотору кэминэн көстүөҕэ.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0