Хамнаһыҥ татым буоллаҕына, коммунальнай өҥө субсидиятын оҥортор
2005 сыллаахха тахсыбыт 761-с №-дээх РФ Правительствотын Уурааҕынан нэһилиэнньэҕэ коммунальнай хаһаайыстыба субсидиятын биэриинэн «Агентство субсидий» ГКУ дьарыктанар. Тэрилтэ сүрүн соруга – коммунальнай өҥөнү төлөөһүҥҥэ тиийиммэт-түгэммэт дьоҥҥо субсидия харчытынан көмөлөһүү.
Субсидияҕа элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ техническэй көрүү-истии, тэлгэһэни ыраастааһын, подъеһы уотунан сырдатыы, бөҕү-сыыһы сыбаалкаҕа таһыы киирэллэр. Коммунальнай өҥө диэҥҥэ ититии, тымныы, итии ууларынан хааччыйыы уонна ситими тардыы үлэлэрэ хабыллаллар. Гаһынан, уотунан, маһынан уонна таас чоҕунан ититиллэр чааһынай дьиэҕэ субсидия эмиэ баар.
Субсидияны ылыыга сүрүн ирдэбиллэр. Бастакытынан, сайабылыанньалаах киһи дьиэ хаһаайына буоларын эбэтэр куортамнаан олорорун туоһулуур докумуоннаах буолуохтаах. Иккиһинэн, субсидия ылыахтаах киһи дьиэҕэ бастайааннай регистрациялаах уонна коммунальнай өҥөҕө иэһэ суох буолуохтаах.
«Агенство субсидий» ГКУ биирдиилээн киһини кытары үлэлиир отделын начаалынньыга Оксана Васильева «Коммунальнай өҥө субсидиятын болдьоҕо алта ый. Анал докумуон ый 1 күнүттэн 15 күнүгэр диэри туттарылыннаҕына, субсидия харчыта ити ыйга бэриллиэхтээх. Өскөтүн, докумуон ый 16 күнүттэн бэрилиннэҕинэ, харчыта кэлэр ыйга төлөнөр.
Холобур, докумуон ыам ыйын 3 күнүгэр бэрилиннэҕинэ, ыам ыйыттан саҕалаан алтынньыга диэри, оттон докумуон ыам ыйын 18 күнүттэн туттарылыннаҕына, бэс ыйыттан сэтинньигэ диэри төлөнөр», – диэн быһаарар.
Тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра хамнастаах дьиэ кэргэҥҥэ, биэстэн элбэх оҕолоохторго уонна үлэлээбэт пенсионердарга 15 бырыһыаннаах стандартнай субсидия кыра буолуон сөп. Холобур, дьиэ кэргэн ыйдааҕы бүддьүөтэ 35 тыһ. солк. буоллаҕына, ыйдааҕы коммунальнай өҥө төлөбүрэ 4500 солк. үрдүө суохтаах. Өскөтүн, ыал ити суумматтан элбэҕи төлүүр буоллаҕына, холобур, 5000 солкуобайы,маннык балаһыанньаҕа 500 солк. субсидия үбэ бэриллиэхтээх.
Өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар дьон оһоҕунан оттуллар дьиэлэргэ (уунан уонна уокка оттуллар маһынан ыаллар бэйэлэрэ хааччыналлар) олороллорун СӨ Ил Түмэнин депутаттара учуоттаан, СӨ бырабыыталыстыбатын кытта бииргэ үлэлэлээн, быйыл ыам ыйын 31 күнүгэр «О социальной поддержке отдельных категорий граждан, проживающих в неблагоустроенных жилых домах» диэн сокуон ылыныллыбыта. Манна ыйылларынан, маһын, уутун, мууһун бэйэтэ бэлэмнэнэр ыалга субсидия көрүллэр. Онуоха дьиэ кэргэн коммунальнай өҥөҕө ороскуотурбутун туһунан докумуон киллэриэхтээх. Нэһилиэнньэлээх пуун салалтата дьиэ техническэй пааспарын, оһох маһынан оттулларын уонна киин ититэр ситимҥэ холбонуута суоҕун туһунан ыспыраапкалары тустаах тэрилтэҕэ биэриэхтээх.
Александр ТАРАСОВ