Хамнаһы, аны, атыннык төлүөхтэрэ

28.08.2017
Бөлөххө киир:

“Хамнас 60 % хайаатар да төлөнүөхтээх кээмэй ылыахтаах”, — диэн бүгүн бырабыыталыстыба мунньаҕар Үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Александр Михеев бэлиэтээн эттэ. Бүгүн миниистирдэр кабинеттара хамнаһы уларытыыга бырабыыталыстыба уурааҕын ылыннылар.

 edersaas.ru


Миниистир Александр Павлович иһитиннэрбитинэн, бу уларыйыы хамнас структуратыгар сыһыаннаах. Ол курдук, гарантиялаах хамнас (ол эбэтэр хамнас хайаатар да төлөнүөхтээх кээмэйэ, ставката) 60 % кырата суох буолуохтаах. Оттон 40 % — үлэни көҕүлээһин уонна компенсация быһыытынан төлөнүөхтээх. Бу уларыйыы бүддьүөттэн төлөнөр биэдэмистибэлэргэ, тэрилтэлэргэ барыларыгар барыаҕа.
Санатан эттэххэ, 2008-2009 сс. хамнаһы төлөөһүҥҥэ саҥа систиэмэ киирбитэ. Бу уларыйыы систиэмэни өссө чуолкайдаан биэриэҕэ. Даҕатан эттэххэ, үөрэх, доруобуйа харыстабылын, култуура үлэһиттэрин хамнастара биир кэлим мэктиэлэммит систиэмэнэн төлөнөр.
Миниистир Александр Михеев хамнас үрдээһинин туһунан этэригэр: “Бу уларыйыы хамнас структуратын эрэ таарыйар. Хамнас үрдээһинэ РФ президенин ыам ыйынааҕы ыйаахтарынан баран иһэр”, — диэн бэлиэтээтэ.
Ити боппуруоһу сэргэ мунньахха тиийинэн олоруу алын кээмэйин көрдүлэр. “Иккис кыбаартал түмүгүнэн, аска-үөлгэ, промышленнай табаарга сыана тахсыытын үөрэтии кэнниттэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 1,1 % үрдээтэ”, — диэн этэр кини.

Аграфена КУЗЬМИНА,“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0