Хамнаһы СБП нөҥүө түһэриэхтэрэ

Бөлөххө киир:

Бааннар мобильнай сыһыарыыларыгар Түргэн төлөбүр систиэмэтэ (СБП) диэн баарын билэҕит. Сотору кэминэн бааннар хамнаһы бу систиэмэ нөҥүө түһэрэр буолуохтарын сөп. Ол туһунан “Известия” хаһыат суруйар.

Биллэрин курдук, бу Түргэн төлөбүр систиэмэтинэн атын бааннарга харчыны ыытарга бырыһыана суох барар. Ону тэҥэ, түргэн уонна табыгастаах. Холобур, ханнык баҕарар киһиэхэ реквизиттэринэн (ол иһигэр төлөпүөнүн нүөмэринэн уонна ИНН нүөмэринэн) булан ылан, ыытыахха сөп. Үлэһит тэрилтэтигэр иһитиннэрбэккэ эрэ, ханнык бааҥҥа хамнаһа түһэрин бэйэтэ быһаарыахтаах. Билиҥҥитэ СБП систиэмэтинэн 20 мөлүйүөнтэн тахса киһи туһанар. Пилотнай бырайыакка 5 улахан баан кыттара чопчу биллибит. Ону тэҥэ, атын да бааннар кыттыһыахтарын сөп.

Бу иннинэ Түргэн төлөбүр систиэмэтин (СБП) нөҥүө нолуогу, ыстарааптары төлүөххэ сөп буолла диэн иһитиннэрбиттэрэ. Оччотугар, төлөбүр олус түргэн уонна судургу буолар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: iz.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0