Уһун ардахтар түһэннэр, бүгүн «Халыма» федеральнай суол 512 — 542 км быстах кэмҥэ сабылынна.
Тый Сынаҕа үрэх халааннаан, муостаҕа киирэр суолу алдьаппыт. Онон бу учаастагынан массыыналар сырыылара быстах кэмҥэ тохтотулунна. Билигин манна Хаандыгаттан аҕыс киһилээх өрөмүөннүүр биригээдэ суһаллык айаннаата.
Аны бу учаастагынан айаннаан испит биир массыына туман быыһыгар алдьаммыт муостаны көрбөккө. ууга түспүт.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, «Эдэр саас» сайт.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1