«Халыма» суолугар сэрэхтээх буолуҥ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл саас эрдэлээн, аны, хайа хотооллорунан айанныыр суоппардарга ыарахаттары үөскэттэ.

edersaas.ru


Ол курдук, «Халыма» федеральнай суол «Чёрный прижим» учаастагар көһөҥө хаар түһэн, айан суолун бүөлээн кэбистэ. Бу туһунан батсаапка Өймөкөөн улууһун суоппардара айанньыттары сэрэтэн ыыттылар.

Билигин хоту улуустарга ыарахан уйуктаах массыыналар сырыыларын саамай үгэнэ. Арай, маннык хаар ыарахан таһаҕастаах массыыналарга кэлэн түстүн? Онон «ыраах айан суолугар сэрэхтээх буолуҥ» диэн суоппардар бэйэ-бэйэлэрин сэрэтэллэрэ оруннаах.

Eлена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: батсааптан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0