Хоту уонна Арктика улуустарыгар кыһыҥҥы суол аһылла илигинэн, Халыма сэлиэнньэтигэр уматык саппааһа аҕыйаан, оройуоҥҥа ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэрилиннэ. Улууска уматык эрэ буолбакка, оннооҕор ас-үөл, эмп-томп тиэрдиллэ илик. Олохтоохтор таһаҕаһы толору тиэммит ыарахан уйуктаах массыыналары кэтэспиттэрэ ыраатта. Онон иннэ-бүргэс үрдүгэр олоруу балаһыанньата үөскээтэ.
Халымаҕа тохсунньу 7 күнүттэн олохтоох дизельнэй электростанцияҕа электричество ноҕуруускатын намтаппыттара. Андрюшкиноҕа эмиэ балаһыанньа кытаатта. Хочуолунайга уонна ДЭС-кэ уматыгы кэмчилээн тутталлар. Улууска СӨ нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Виталий Чикачёв салайыытынан суһал бөлөх үлэлиир.
Тохсунньу 13 күнүнээҕи туругунан, 13 снегоход уонна 2 вездеход уматыгы тиэйиигэ үлэлииллэр. Бүгүҥҥүттэн Халыма уонна Черскэй хайысхатынан суол аһыллыбытын туһунан СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. Бастаан утаа 5 туоннаҕа диэри уйуктаах массыыналар айанныахтара.
Анивера АКИМОВА.