Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар хас да күнү быһа күүстээх ардах түһэн, улууһу киин куораты Дьокуускайы кытта ситимниир Элги өрүс хаатыттан тахсан, сүүнэ улахан тимир муоста биэрэги кытта ситимниир кырыытын сууйан кэбиһэн, айан-сырыы бу эҥэр тохтоон турар.
Суолу оҥорор бэдэрээччиттэр уу түһэрин күүтэллэр да, күн аайы ардыы турар буолан, балаһыанньа уустугуран иһэр. Уу түстэҕинэ “Халыма” федеральнай суолун икки өттүттэн – Магадаан уобалаһын уонна Дьокуускай куорат туһаайыыларыттан муоста уонна биэрэк икки ардыгар таас кутуохтаахтара, бүгүҥҥү күҥҥэ кыаллыбакка турар. Күүстээх сүүрүк биэрэги хаһан, ууну дириҥэтэн иһэр.
Уустук балаһыанньа хайдах быһаарылларын билсээри Федеральнай суол Управлениетын салайааччыта Виктор Игнатьевы кытта кэпсэтэ сырыттым.
- Икки улахан суолу оҥорор бэдэрээччит: Өймөкөөн улууһуттан — ДЭП-132, Томпоттон – “Дортранс” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэлэр ыарахан уйуктаах тиэхиньикэлэрэ үлэлэрин саҕалаатылар. Биир ыарахан боппуруоһунан дириҥ ууга таас кутан, муоста уонна биэрэк икки ардын холбооһун буолар. Хайалаах да сир буоллар, түргэн сүүрүктээх үрэҕи быһарга кутуллар көһөҥө тааһы буулуу уустуктардаах. Төһө да тааһы кут, уу кутуллубут тааһы сууйа турар. Ол иһин бэрт ыраах сиртэн улахан таастары аҕалан кутуу соруга турар. Биллэн турар, бу маннык ыарахан балаһыанньаҕа ыстарааталлар артыаллара эрэ көмөлөһөр кыахтаахтар. Улуус муниципалитетын баһылыга Михаил Захаров, төһө да уоппускаҕа сырыттар, бары тэрээһин боппуруостары быһаарса олорор. Онон бу күннэргэ “Западнай” артыал Бадараан руднигын аттыгар муспут көһөҥө таастары 10 самосвалынан таһа сылдьабыт. 6 ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ икки погрузчик, бульдозер уонна экскаватор үлэлиилэр. Маныаха эбии «Күбүмэ» учаастагар үлэлии сылдьар суолу оҥорооччулары эмиэ кытыннаран эрэбит. Элги муостата бэйэтэ бүтүн турар. Суолу кытта холбуур билиитэлэри түргэн сүүрүктээх уу сууйан, муоста сорох чараас конструкциялара тоҕо барда. Ол ону айан суолун оҥордохпутуна, уу түстэҕинэ ситэри өрөмүөннээн биэриэхпит. “Халыма” федеральнай суол атын учаастактарыгар алдьаныы-кээһэнии суох. Буола турар балаһыанньа бырабыытылыстыба уонна улуус салалтатын хонтуруолугар турар.Үлэ хаамыыта ийэ айылҕа туругуттан тутулуктаах.
Айылҕаттан тутулуктаммыт суол
Өскө көрүүлээх-истиилэх федеральнай суол айаны атахтыыр буоллаҕына, тыа сирин куустатыгар айан суола өссө уустук. Айылҕаттан тутулуктаммыт суоллаах тыа сирин олохтоохторо сайын аайы эрэйдэнэр кыһалҕалара, норуокка биллибитинэн «Гуцул» уонна «Наледнай» диэн учаастактар. Урукку кэмҥэ Күбүмэ үрэх эрэйдиир эбит буоллаҕына, билигин үрэҕи туоруур тимир муоста тутуллан, олохтоохтор суол бу учаастагар эрэйи көрбөттөр.
Бэс ыйын ортотугар үбүлүөйдээх ыһыахтарга сылдьаары, «Гуцул» учаастагар хаайтаран, мин тус бэйэм биир суукка суолга хонон туран турабын. Биир хонук буолаары, сүүрбэ хоммут курдугум. Оттон манна дьон нэдиэлэни быһа хаайтараллар дииллэр. Суол икки арда быһыннаҕына, төлөпүөнэ суох сиргэ хаайтаран олоруох диэтэххэ, ыарахан суол. Ол иһин өймөкөөннөр ыраах айаҥҥа туруналларыгар, күнүттэн-дьылыттан тутулуга суох, сытыйбат бордууктаны, кэнсиэрбэни, иһити-хомуоһу өрүү бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьаллар.
Суолга хаайтара олорор дьон:»Бу энбиһиги балаһыанньабытын бэйэҕинэн билбит киһи тустаах инстанициялартан ыйыталаһан билсэриҥ буоллар», — диэбиттэрин ылынан, куоракка кэлэн эппиэттээх салайааччылардыын көрсөн, Өймөкөөн тыатын сирин суолларын өрөмүөнүн туһунан ыйыталастым.
Алексей ФЕДОРОВ, СӨ Массыына суолларын кылаабынай управлениетын генеральнай дириэктэрин солбуйааччы:
- Ааспыт сылларга Өймөкөөн суолугар Куйдуһун, Сунтаар, Агайакаан учаастактарга улахан муосталары оҥордубут. Аны Тирэх муоста өрөмүөннэниэҕэ. Улахан уу кэллэҕинэ эрэ тыҥааһыннаах түбэлтэ тахсар. Турба быраҕан да, туһа суох. Күүстээх сүүрүк син биир сууйан илдьэр. Дьиктитэ баар, ардах тохтоотоҕуна, уу көрүөх бэтэрээ өттүгэр түһэн хаалар. Айылҕа бэйэтэ ханан да улахан кэлэн ааспытын “мэлдьэһэн” кэбиһэр. Кэлиҥҥи сылларга сэбиэскэй кэмтэн ыла өрөмүөнү билбэтэх үөһэ ааттаталаабыт сирдэрбэр саҥа муоста тутарга үп көрдүбүт. «Гуцул» уонна» Наледнай» олох былыргы суол учаастактара. Итиннэ муоста тутарга үтүмэн үп наада. Онон кэлиҥҥи кэмҥэ дьон эрэйи көрөрүттэн сылтаан, бу учаастактары эмиэ болҕомтоҕо ылан үлэлэһэ сылдьабыт. Уус-Ньара туһаайыытыгар баар Төрүт нэһилиэгин олохтоохторун Элги өрүс субу-субу хаатыттан тахсан эрэйдиирин эмиэ билэбит. Онон Силирикээн сиһинэн оҥоһулла турар суолу хайаан да тиһэҕэр тиэрдиэхпит. Бу суолтан эмиэ илиибитин араарбаппыт.
Михаил ЗАХАРОВ, «Өймөкөөн улууһа» МТ баһылыга:
- Өймөкөөн куустатын суолунан мин дьыл араас кэмигэр үгүстүк айанныыр буолан, балаһыанньаны төрдүттэн билэбин. Аҕыйах сыл иһигэр уустук учаастактар муосталарын саҥартыбыт. «Гуцул» уонна «Наледнай» суолларга бу күннэргэ аакталары оҥорон, өрөмүөн үлэтин ыытарга докумуоннары оҥорон киллэрдибит. Өймөкөөн улууһа кыһыннары саамай уустук балаһыанньалаах оройуонунан биллэр. Манна дьон айылҕаттан тутулуктанан олорор.
… Салайааччылар бэлиэтиилэрин курдук, суолу оҥорууга, муосталары тутууга үлэ барбат буолбатах. Хайа да сыллардааҕар, кырдьык, кэлиҥҥи кэмҥэ үлэ күүскэ барда. Ол эрээри бүрүүкээн кэлбит кириисис үгүс кэскилээх былааннары харгыстаан эрэр. Ол онтон биирэ — Өймөкөөн куустатыгар суолу оҥоруу. Ол иһин айылҕаттан тутулуктаах Өймөкөөн дьоно өрүү бэйэ-бэйэлэрин өйөһө сылдьаллар. Биһиги төһө өр хаайтарыахпыт биллибэт этэ, өскө Үчүгэй предпринимателэ Мария Гарифуллина быраатын кытта «Уралынан» кэлэн, «УАЗ» массыыналары биир биэрэктэн иккис биэрэккэ соһон, көмөҕө тиэтэйэн кэлбэтэҕэ буолар. Өскө «Дортранс» ХЭТ суолу оҥорооччута Николай Мельник аҕыйах чаас иһигэр бэйэтин тиэхиньикэтинэн кэлэн, суолу тэҥнээн биэрбэтэҕэ буоллар. Онон хоту сир олохтоохторо бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһүүлэрэ — кинилэргэ сурулубатах сокуон.
Елена ПОТОЦКАЯ