Кэнники сылларга Саха сирин нэһилиэктэрин туһунан, былыргы баай ис хоһоонноох историяларыттан саҕалаан, бүгүҥҥү олохторун киэҥник сырдатар кинигэлэр үгүстүк бэчээттэнэллэр.
Ол курдук, быйыл 2016 сылга “Чурапчы улууһа. Хадаар нэһилиэгэ” диэн кинигэни “Көмүөл” издательство таһаарбыт.
2015 сылга Хадаар нэһилиэгэр оскуола аһыллыбыта 100 сылын туолбута. Ол кэмнэргэ нэһилиэк историятын кэпсиир кинигэ оҥоһуллан тахсыбыта олус тоҕоостоох.
“…Биллэн турар, бу кинигэ, бастатан туран, биһиги үүнэр көлүөнэбитигэр, ыччаттарбытыгар ананар”, — диир кинигэҕэ аан тылга чурапчылар, хадаардар биир саамай тумус туттар киһилэрэ, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр-көстөр салайааччы Анатолий Романович Саргыдаев. Кини, нэһилиэк биир уратытынан, 10-12 оҕолоох тоҕус Дьоруой Ийэ, 8-9 оҕолоох элбэх дьиэ кэргэннэр араас кэмҥэ үлэлээн-хамсаан, иитэн-такайан, ыччаттара билигин нэһилиэк сайдыытыгар улахан оруолу ылаллар, оттон Эрилик Эристиин аатынан холкуоска, сопхуоска үүтү ыаһыҥҥа, үрүҥ илгэни үрүлүтүүгэ хадаардар көрдөрбүт ситиһиилэрэ историяҕа өтөрүнэн хатыламмат көрдөрүүлэр быһыытынан хаалыахтара , диэн саамай сөпкө бэлиэтиир.
Ханнык баҕарар кинигэ үгүс киһи толкуйун холбоон, улахан, сыралаах үлэттэн тахсара биллэр.
Бу кинигэ сүрүннээн Хадаар ытык кырдьаҕаһа Иннокентий Иванович Давыдов – Сыыһа Көрөр нэһилиэк историятын, бэйэтин олорон ааспыт кэмин, дьонун-сэргэтин туһунан сурукка киллэрэн ампаарын муҥунан мунньан хаалларбыт матырыйаалларыгар уонна дьон ахтыытыгар олоҕуран оҥоһуллубут.
“…Ону салҕаан, улахан уола Иннокентий Иннокентьевич Давыдов эбии үөрэтэн, архыыптары хаһан, саҥа чахчыларынан байытан, биһиэхэ утары ууммута кинигэ буолан күн сирин көрбүтэ — бука барыбыт үөрүүбүт уонна ситиһиибит… Хадаар нэһилиэгэ саха биир уутуйан үөскээбит сиринэн буолар. Хадаардар төрүттэрэ Хадаар Уола Уйулҕа нууччалар кэлиилэригэр баар киһи эбит. Ол нуучча хаһаактарын докумуоннарыгар “Юрга Гадаров” диэн сурукка киирбит. Ол саҕаттан биһиги дьоммут наар ынах-сүөһүнү иитэн, сыспай сиэллээҕи тэнитэн, оҕо-уруу төрөтөн, саха омук сиэринэн “бур-бур” буруо таһааран олорбуттар…”, — диэн суруйар кинигэҕэ киирии тылыгар “Хадаар нэһилиэгэ” МТ баһылыга Афанасий Степанов.
Кэрэ айылҕалаах үтүө дойдулаах хадаардар, түҥ былыргыттан саҕалаан, ыраахтааҕылаах Россияҕа, гражданскай сэрии кэмигэр, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр, Хоту көһөрүллүү ыар сылларыгар, дойдуну чөлүгэр түһэриигэ, 90-с сылларга олох укулаата төрдүттэн уларыйыытыгар, билиҥҥи кэмҥэ хайдах үлэлээн-хамсаан, уйгуну уһансан, сайдан кэлбиттэрин үйэтитиигэ бу бастакы дьоһуннаах кинигэ буолар.
Татьяна Маркова.