Халтарыйан охтубат туһугар (СҮБЭ)

Ааптар:  Надежда ЕГОРОВА
09.03.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Билигин уулуссаҕа хаар төһө да уулла быһыытыйдар, муус тоҥмут сирин киһи сэрэнэ-сэрэнэ ааһар. Маннык кэмҥэ эчэйии элбэхтэ тахсар. 

– Аһара үөһээттэн охтубат курдук, олоро түһэргэ кыһан;

– Охтор кэмҥэр былчыҥнаргын күүрт – оччоҕо быһа түһүөххүн эрэ сөп;

– Көхсүгүнэн охтон эрэр буоллаххына, сэҥийэҕин түөскэр ыга тута, онтон илиилэргин икки аҥыы даллаччы тута сатаа;

– Эчэйдэххинэ «03» суһал көмөнү хайаан да ыҥыр.

Атах таҥаһын сөпкө тал

– Халтарааҥҥа охтубат туһугар хаптаҕай уллуҥахтаах эбэтэр кылгас кыбадыраат хобулуктаах атах таҥаһын кэт. Ордук рифленай уллуҥахтаах атах таҥаһа барсар;

– Тоҥоруу кэмигэр арыый атыннык хаамыахтааххын – дьоҕус хайыһардаах киһи курдук кыратык сыыйыллан уонна уллуҥаххынан барытынан үктэнэн хаамар ордук;

— Атаҕыҥ аннын болҕомтолоохтук көрө ис. Килэйэ да сытар мууһу көрбөккө хаалыахха сөп.

Ханна эчэйэллэрий?

45-50 саас кэнниттэн киһи уҥуохтара кэбирииллэр. Ол гынан баран, уҥуох тостуута кырдьаҕас дьоҥҥо эрэ суоһуур дии санаама.

Саас араас сынньатар-аралдьытар комплекстар аһыллар кэмнэригэр хаҥкыттан, сноубордтан, экстремальнай спортан сылтаан эчэйии ахсаана элбиир. Онон, спорт сэрэхтээх көрүҥнэриттэн харыстан.

Хаҥкы

Хаҥкы – киһи эчэйиэн сөптөөх спорт саамай кутталлаах көрүҥэ.

Онон, куттал суох буолуутун тиэхиньикэтин тутуһуохтааххын. Наколеннигы, тоҥолох уонна бэгэччэк сүһүөхтэрин харыстыыр фиксатордары, каасканы булгуччу кэт.

Катокка сааһыттан тутулуга суох ким баҕарар кэлэр. Онон кинилэр хаҥкынан сүүрэр эрчимнэрэ араас-араас. Улахан киһи бэйэтэ төһө  түргэнин кыайан суоттаммакка, кыра оҕону охторон ааһыан сөп.

Сноубордистар чуолаан хоҥхочохторун өлөрөллөр. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр тирэхтэрин сүтэрэн, көхсүлэринэн охтоллор.

Эккин-сииҥҥин чөлүгэр түһэр

— Эчэйии кэнниттэн гипсэ уурбуттарын кэннэ нэдиэлэ аайы бырааска кэлэргин умнума;

— Доруобуйаҕын чөлүгэр түһэрии аһылыккаттан саҕаланар. Эн аһылыккар кальцийдаах, магнийдаах, фосфордаах бородуукталар баар буолуохтаахтар.

Куорат 202 микроройуонугар баар Медицина киинин чөлүгэр түһэрэр терапия уонна реабилитация отделениетыгар эчэйии кэнниттэн көдьүүстээхтик эмтэниэххэ сөп. Ол курдук, манна Абалаах күөлүн бадарааныттан аппликация, физио-эмтээһин, ВТЭС, эмтиир массаас, иглорефлексотерапия, мануальнай терапия, организм ис саппааһын түмэ тардарга көмөлөһөр атын да көрүҥнэринэн туһаныахха сөп.

+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1