Күһүҥҥү халтараан кэмэ кэлэн, уулуссаҕа сатыы да, массыыналаах да киһиэхэ улахан мэһэйдэр үөскүүллэр.
edersaas.ru
«Хайдах эрэ гынан охтубатах киһи» диэн санааҕа ылларан, уулуссаны сэрэнэн-сэрбэнэн туоруугун. Аны бу туораан истэххинэ, массыына халтарыйан таарыйан аастаҕына да көҥүлэ. Ол да иһин, бу кэмҥэ оһоллонуу, илиини-атаҕы бүлгүрүтүү эбэтэр уҥуох тостуута икки төгүл элбиир.
Эмчиттэр маннык быраабылалары тутуһарга сүбэлииллэр:
– Халтарыйбат атах таҥаһын кэт;
– Хааман иһэн атаҕыҥ тумсун көр, тоҥ муус үөскээбит сирин «хайыһардьыт» курдук туттан сэрэнэн туораа;
– Кыра-кыратык хардыылаа;
– Уллуҥаххынан сэрэнэн үктэн, тобук сүһүөҕүн арыый босхо ыытан хаам;
– Илиигин сиэпкэр уктарыҥ охтор кутталы улаатыннарар, онон илиигин төһө кыалларынан босхо ыыт;
– Кырдьаҕас киһи эрэһиинэ уллуҥнаах эбэтэр анал тайахтаах сырыт;
– Халтарыйар түгэҥҥэ чэпчэкитик охтор туһуттан түргэнник олоро биэрэ сатаа, турарга тиэтэйимэ, кими эмэ көмөлөһүннэр;
– Ордук көхсүгүнэн, сирэйгинэн түһэртэн сэрэн (мэйии эчэйиитин ылыахха сөп);
— Оһоллонноххуна, бастатан туран, эмчиккэ көрдөрөргүн умнума.
Мууска былдьаннахха:
– Өрүһү элбэх буолан туоруур буоллаххытына, бэйэ-бэйэҕититтэн 5-6 м тэйиччи хаамыҥ;
– Чараас мууһунан туоруургутугар 20 м уһуннаах бөҕө-таҕа быата ылыҥ, быаҕыт ууга түспүт киһи тутуһарыгар көмөлөһүөҕэ;
– Өрүһү туоруурга оһоллонуу үксүгэр тахсар төрүөтүнэн итирик дьон буолаллар. Кинилэр куттал суоһаабытын билбэккэ да хаалар турукка киирэн быстараллар;
– Өскөтүн аргыһыҥ ууга түстэҕинэ, мууска бүтүннүү саба түһүмэ, эн ыйааһыҥҥын уйбакка муус кытыыта тостуо;
– Ууга төбөҕүнэн түспэт курдук, илиигин киэҥник даллат;
– Тосту-туора хамнаммакка, кутталлаах сиртэн төһө кыалларынан сыыллан тэйэ сатаа;
– Дьону көмөҕө ыҥыр;
— Ууга түстэххинэ, төбөҕүн уу үрдүгэр тута сатаа.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru