Халлаан тымныйда, халтараан буолла!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу туһунан ЫБММ Саха сиринээҕи салаата биллэрбит. Гидрометеорология уонна мониторинг Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрбитинэн, алтынньы 12 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үгүс оройуонугар былыттаах, хаардаах күн-дьыл турар. Сорох улуустарга 24 кыраадыска диэри тымныйар. 

Арктика кытылыгар сөкүүндэҕэ 10-15 м тыаллаах, күнүһүн тыала сөкүүндэҕэ 20-25 м тиийиэ. Халымаҕа -14-19 С тымныы. Өймөкөөҥҥө -19-24 С, хотугулуу-илин -4-9°. Суол-иис муус килэҥ, халтараан буолуо.

«Халтараантан сэрэниҥ. Үчүгэй тирэхтээх, халтарыйбат атах таҥаһын кэтиҥ. Тиэтэйбэккэ сэрэнэн хаамыҥ. Кырдьаҕастар түгэҕэр эрэһиинэлээх торуоскаланыҥ», — диэн ЫБММ Саха сиринээҕи салаата сэрэтэр.

Маны сэргэ, көлөлөөх дьон суолга-иискэ ордук сэрэхтээх буоларгыт ирдэнэр. «Төһө кыалларынан тус бэйэҕит көлөҕүтүнэн айанныыргытын тохтотуҥ. Ыраах айанныы сатаамаҥ», — дииллэр управление үлэһиттэрэ.

Ыксаллаах быһыыга-майгыга түбэстэххитинэ  «101», «112» РФ ЫБММ баһаарынай-быыһыыр сулууспатын нүөмэрдэригэр эрийэҕит.

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0