Халлаан туруга: сорох сиринэн хаар, ардах түһэрэ күүтүллэр

Бөлөххө киир:
Күнү-дьылы билгэлээччилэр сабаҕалыылларынан, бүгүн, муус устар 16 күнүгэр, сорох киин улуустарга итиэннэ Ленскэйгэ кыралаан, оттон Алдан уонна Нерюнгри оройуоннарыгар хаар хойуутук түһүөҕэ.

Алдан, Нерюнгри оройуоннарыгар уонна Арктика кытылынан сөкүүндэҕэ  9-14 миэтэрэ түргэннээх тыал түһүөҕэ.

Муус устар 17-18 күннэригэр арҕаа уонна соҕуруу кыралаан хаардыаҕа.  Муус устар  18 күнүгэр киин оройуоннарга  (арҕаа өттүгэр  сытар киин улуустарга)  хаардыаҕа уонна ардыаҕа.  Булуҥҥа уонна Мииринэйгэ сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэ түргэннээх тыал түһэрин сабаҕалыыллар.
edersaas.ru
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0