Бүлүү Халбаакытыгар Ыһыаҕынан үтэһэлээх этинэн күндүлээтилэр

Бөлөххө киир:

Бүлүү улууһун Халбаакы нэһилиэгэр Үрүҥ Тунах Ыһыаҕы көрсө олохтоохтору үтэһэлээх этинэн, собонон, быырпаҕынан күндүлээтилэр.

Бу туһунан нэһилиэк аҕа баһылыга Алексей Васильев санаатын үллэһиннэ:

— Хас сайын аайы нэһилиэк олохтоохторугар үтэһэлээх эти, быырпаҕы уонна собону түҥэтии биһиги нэһилиэкпит үтүө үгэһэ буолар.

Быйыл коронавирус дьаҥа туран ыһыах онлайн ыытыллар. Ол да буоллар ыһыах тыынын үтүө үгэһин кэспэтибит. Икки сылгыны туттан олохтоохторго үтэһэлээх эт, Нөөкүйэ эбэҕэ балыктаан үөлүллүбүт собо, быырпах түҥэттибит.

Олохтоохтор бары көхтөөхтүк кыттан, бэҕэһээ киэһэ хойукка диэри киһи ахсаанынан ыал аайы аспытын түҥэттибит. Саха киһитэ барахсан самаан сайын кэлбитин быырпах иһэн, үтэһэлээх эт сиэн билэр.

«Халбаакы» кээпэрэтиип көмөтүнэн уонна нэһилиэк үүтүн собуотун оһоҕор астаан Ыһыах үөрүүтүн түбүгүн биир сомоҕо буолан көрсөр үтүө үгэспитин кэспэтибит.

Ульяна Захарова, edersaas.ru

Хаартыскалары баһылык тиксэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0