Халарча туундаратыгар саҥа табалар кэллилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

“Турваургин” аҕа ууһун общинатын кэпэрэтиибэ өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ көрдөрүүлээҕинэн биллэр. Кэпэрэтиип племенной үлэни утумнаахтык ыытар буолан, үгүс хаһаайыстыбалары табанан хааччыйар. Ону сэргэ, кэмиттэн кэмигэр бэйэтин табаларын хааннарын тупсаран иһэр.


Былырыын, 2018 сыл саҕаланыытыгар, Чукча автономнай уокуругун Билибинскэйдээҕи оройуонугар баар “Островной” диэн хаһаайыстыбаттан 200 атыыр табаны атыыласпыта. Ол эрээри, ити кэмҥэ оройуоҥҥа кыыл ииригирэн ыалдьыыта туран, саас кыайан аҕалбатахтара.
Ол табаларын “турваургиннар” бу күннэргэ үүрэн аҕаллылар. Тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы управлениетын салайааччы Николай Прудецкай иһитиннэрэринэн, Чукотка курдук ыраах сиртэн табаны уон биэс сыллааҕыта атыыласпыттар эбит уонна бу быйыл ылбыттар. Табаһыттар табалары бэрт уустук суолунан айаннаан, сис хайалары уҥуордаан,  аара мэччитэ-мэччитэ, хас да нэдиэлэ устата үүрэн аҕалбыттар. Хоту дойду хоһууннара аара туох да моһолго түбэспэтэхтэр, биир да табаны энчирэппэтэхтэр. Онон табалар туруктара куһаҕана суох, билигин Николай Волков биригэдьиирдээх тохсус ыстаадаҕа харантыыҥҥа тураллар. Ол кэнниттэн сыыйа ыстаадаларынан тарҕатыллыахтаахтар.

Наталья КЕМЛИЛЬ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru сайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0