Арассыыйаҕа бу бырааһынньыгы Славяннар суруктарын-бичиктэрин уонна култуураларын күнүн кэнниттэн сарсыныгар — ыам ыйын 25 күнүгэр бэлиэтииллэр. Тустаах күн атын даҕаны дойдуларга бэлиэтэнэр. Бу бырааһынньык лингвистары, литературоведтары, тыл, литэрэтиирэ учууталларын, уһуйааччыларын, тылбаасчыттары бука барыларын түмэр.
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru
Филолог күнүн хаһааҥҥыттан бэлиэтиир буолбуттара чопчу биллибэт. Сорохтор этэллэринэн, бу үгэс 1990-с сыллар бүтүүлэригэр М.Ломоносов аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай университет филологияҕа наукатын бакылтыатыттан саҕаламмыта дииллэр. Атыттар бу күнү бэлиэтиир туһунан санааны өссө 1930-с сыллар ортолоругар Лондоннааҕы лингвистика оскуолатын үлэһиттэрэ көтөхпүттэрэ дииллэр.
Бу күн филологическай наука эйгэтигэр хандьыдаат, дуоктар диссертацияларын көмүскүүр, араас научнай кэмпириэнсийэлэри, сэминээрдэри ыытар, лиэксийэлэри ааҕар үтүө үгэскэ кубулуйда.
Филолог күнүнэн сибээстээн, СӨ Быһыы киинин дириэктэрэ, мэдисиинэ наукатын хандьыдаата, Сахалыы Бикипиэдьийэ дьаһабыла, тыл үөрэхтээҕэ уонна уопсастыбанньык Николай Павлов-Халантан аҕыйах ыйытыыга хоруйдууругар көрдөстүбүт.
— Николай Николаевич, Сахалыы Бикипиэдьийэ хаһааҥҥыттан, хайдах баар буолбутай?
— 2006 сыл бүтүүтэ Бикипиэдьийэ диэн бэрт туһалаах сир баар эбит, тоҕо сахалыы суоҕуй диэн толкуйдаан, сайабылыанньа биэрэн, балтараа сыл тургутар (тестовай) эрэсиимҥэ үлэлээн баран, 2008 сыллаахха ыам ыйын 26 күнүгэр, саха тылынан суруйан, бырайыагы сайыннарар дьон уонна маннык тыл кырдьык баар эбит, арыйдахпытына үлэлиэ диэн бигэргэппиттэрэ. Итинтэн ыла хоннохпут арыллан үлэлээн барбыппыт.
Күн бүгүн 11 тыһ. тахса ыстатыйа сурулунна. Дьон бэйэтин баҕатынан суруйар, ким даҕаны хамнас ылбат. Сороҕор туох санааттан суруйалларын туоһуластахпына, дьон араастык хоруйдуур, холобур, атын дойдуларга олорор дьон төрөөбүт тылларын умнумаары, оттон сорох дьон — саха тыла хайаан даҕаны интэриниэккэ киириэхтээх уонна сахалыы суруйуохтаахпыт, оҕолорго сахалыы иһитиннэрии тиийбэт диэн этэллэр. Сорохтор бэйэлэрин ааттарын ааттатыахтарын, атыттар — ким эрэ аатын үйэтитиэхтэрин баҕараллар.
— Туох сыалтан Сахалыы Бикипиэдьийэни арыйбыккытый?
— Саха тыла интэриниэт, уопсайынан көмпүүтэр эйгэтигэр киириэхтээх. Оччоҕо эрэ ытыктанар, ыччат көрөн биһиги тылбыт туспа Бикипиэдьийэлээх, интэриниэт ситимигэр туттуллар эбит диэн үөрэтэр баҕатын күүһүрдэр, “сахалыы иһитиннэриини киһи булан ылыан сөп эбит ээ” диэн көрдүү үөрэнэр. Билигин хайдаҕый? Туох эрэ туһунан реферат, атын даҕаны сорудах биэрбиттэрин толороору гыннаҕына, билбэт эйгэтэ буоллаҕына, маҥнай нууччалыы эбэтэр англия тылын Бикипиэдьийэтигэр киирэн көрдүүр.
Сорох дьон “нууччалыыттан тылбаастыыгыт дуо, оччоҕо туохха нааданый” диэн ыйытааччылар. Хоруйа — судургу. Биһиэнэ үүт-үкчү тылбаас буолбат. Холобура, нууччалыытыгар биир өрүтү таарыйбыт буоллахтарына, сахалыыга ону атын өртүттэн көрөн суруйуохтарын сөп. Эбэтэр Нууччалыы Бикипиэдьийэҕэ суох ыстатыйа Сахалыы Бикипиэдьийэҕэ элбэх. Холобур, хаһааҥҥыта эрэ олоро сылдьыбыт аһас дуу, күүстээх дуу о.д.а. омукка биллибит дьон туһунан. Эбэтэр СӨ бочуоттаах ааттарын ылбыт, сэрии бэтэрээннэрин эҥин туһунан. Оннук ыстатыйалары Нууччалыы Бикипиэдьийэттэн булан ылбаккын.
Уопсайынан эттэххэ, тыл уонна социология үөрэхтээхтэрин санааларынан “Бикипиэдьийэтэ суох тыл – кэскилэ суох, өлөр тыл”.
— Бикипиэдьийэҕэ сахалыы суруйалларыгар дьон төһө ыарырҕатарый?
— Кыра эрдэҕиттэн сахалыы саҥара, суруйа үөрэммит киһи суруйарыгар судургу. Оттон куорат, улуус кииннэриттэн төрүттээх устудьуоннары кэтээн көрдөххө, бастаан суруйалларыгар ыарырҕаталлар эбит. Толкуйдуур халыыптара нууччалыы. Маҥнай нууччалыы толкуйдууллар, онтон тылбаастаан сахалыы суруйаллар. Ол иһин этиилэрин тутула нууччалыы, нууччалыы тылы үгүстүк тутталлар, сахалыы туттуллубута ырааппыт даҕаны тыллары нууччалыы суруйаллар. Ол эрээри, биһиги кими даҕаны сыыһа суруйбуккун диэн сирэй-харах анньыбаппыт, төттөрүтүн, кыһаллыбытын иһин хайгыыбыт, сүбэлээн-амалаан биэрэбит.
— Төһө элбэх киһи ааҕарый? Дьон санаата хайдаҕый?
— Сахалыы иһитиннэрии букатын суох буолан, Бикипиэдьийэттэн туһанныбыт диэччилэр бааллар. Ыстатыйаны барытын көрөр кыахпыт суох. Онон, сороҕор, алҕас иһитиннэрии киириэн эбэтэр нууччалыы халыыбынан суруллубут, түөлбэ тыла кыбыллыбыт буолуон сөп. Ону көрбүт дьон кириитикэлиэн эмиэ сөп. Саха киһитэ сахалыы билэбин дэнэр буоллаҕа, онон кини үөрүйэҕинэн суруллубатах түгэнигэр сөпсөһүмүөн сөп. Ол эрээри, оннук алҕас тахсыбытын көрдөҕүнэ, ханнык баҕарар киһи, ханнык баҕарар ыстатыйаны, кимтэн даҕаны көҥүллэппэккэ бэйэтэ көннөрөр кыахтаах.
— Сорох сир-дойду ааттарын сахалыы суруйаллар. Эн итиннэ туох санаалааххыный?
— Саха тыла — туспа тыл. Онон бэйэтин дорҕоонун сокуонунан сайдыахтаах. Тыл уларыйар. Араас атын тыл халыыптара киирэллэр. Билигин нуучча тыла сабыдыаллыыр, сотору англия, кытай тыллара дьайыахтара. Оннук хаһан баҕарар уларыйар. Сорох киһи ону букатын утарар, сорох киһи сайдыы көстүүтүн быһыытынан ылынар. Тус бэйэм, орто сүнньүн тутуһабын. Тыл сайыннаҕына, уларыйдаҕына эрэ ыччат туттар.
— Мин тоҕо ыйытабын диэ, холобура, “Подмосковье” диэн тылы “Москуба анныгар” эҥин дииллэр.
— Ити курдук быһаччы холобурдары атын дьону кытта ырытан көрдөххө биирдэ быһаарыллар. Ханнык баҕарар киһи бэйэтэ туспа көрүүлээх. санаалаах буолуон сөп. Ол эрээри, ити биир киһи санаата буолар. “Чопчу маннык, мин этиим хайаан даҕаны сөп”, — диэн этэр кыаҕым суох. Тоҕо диэтэххэ, баҕар, сыыһарым буолуо, соҕотох эрэ киһи көрүүтэ эбээт. Онон элбэх киһи чопчу тылы илдьиритиһэн эрэ баран туох эрэ сөбүлэҥҥэ кэлиэн сөп.
Билигин, оскуолаҕа үлэлии барар учуутал куурус быһыытынан саха тылын сокуонун үөрэтиэхтээх. Итиэннэ, холобур, география учуутала бэйэтин биридимиэтигэр үгүстүк туттуллар сахалыы лиэксикэни билиэхтээх, холобур, “үрдэл”, “хочо”, “хомо” эҥин курдук кыараҕас эйгэҕэ туттуллар тиэрминнэри.
— Оттон edersaas.ru сайт туһунан туох санаалааххыный? Туох итэҕэс, кыаллыбакка турар диэн көрөҕүнүй?
— Сахалыы эгэлгэ ситим сир баар буолуохтаах. Билигин edersaas.ru ылбыт хайысхата интэриэһинэй. Сахалыы тыллаах элбэх киһи интэриэһин табан олороҕут. Дьону сонурҕатан, сөхтөрөн, буолбут түбэлтэни ырыта, сонуну суруйа охсон, хоруй биэрэн, үүттэн сүөгэйин холбуйан ылаҕыт. Биллэн турар, итини сэргэ арыый туспа, сонуну дириҥник ырытар ыстатыйа эмиэ баар буолуохтаах. Онно «Эдэр саас» сайт киирэрэ табыллыбата буолуо. Тоҕо диэтэххэ, барытын тэҥҥэ сабардыырга дьулустахха, мөлтөөн хаалыан сөп. “Универсальнай” сайтка талаһар, мин көрдөхпүнэ, наадата суох. Ити этэн аһарбытым курдук, саататар, сөхтөрөр, сонуну түргэнник тарҕатар хайысхаҕытын тута сырыттаргыт, анаан сайыннардаргыт үчүгэй этэ.
Баҕа санаа быһыытынан эттэхпинэ, дьон туһунан суруйаргытыгар аҕатын аатын, ханна, хаһан төрөөбүтүн, үөрэммитин туһунан кылгас ыспыраапка киллэрдэргит, биһиэхэ, Бикипиэдьийэҕэ суруйар дьоҥҥо олус туһалыах этэ. Аны ол матырыйаалы суруйбут суруналыыс илии баттааһыныгар, бэйэтин тус электроннай почтата баара ордук этэ. Ыстатыйа туһунан ааҕааччы ыйытаары гыннаҕына, суруналыыска тус бэйэтигэр суруйар кыаҕа суох. Саха киһитэ улаханнык биллиэн-көстүөн баҕарбат, онон ыстатыйа алын өттүгэр суруйбат. Итиэннэ “сайт” диэн тылы “саайт” диэн уһатыылаах аһаҕас дорҕоонунан суруйаргыт уонна сороҕор “ситим-сир” диэнинэн солбуйаргыт буоллар диэн этиилээхпин.
— Санааҕын үллэстибиккэр махтал!
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru