Халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ туох көмө оҥоһуллар?

16.05.2019
Бөлөххө киир:

Былырыыҥҥы халаан уута өрөспүүбүлүкэҕэ үгүс хоромньуну та­һаарбыта. 14 улууска 60-ча нэһилиэнньэлээх пууннарга уопсайа 1,4 миллиард солкуобайтан тахса суумалаах хоромньу тахсыбыта. 5 тыһыынча киһи олорор 1,5 тыһыынча кэриҥэ дьиэтин уу ылбыта. Ордук Орто Халыма улууһа уустук балаһыанньалаах этэ.

edersaas.ru

Ол эрээри, 2018 сыллаахха халаантан эмсэҕэлээбит дьонтон сорохторо социальнай төлөбүрдэрин билиҥҥэ диэри ыла иликтэр. Тоҕо? Былырыыҥҥы сааскы ха­­лаантан эмсэҕэлээбит дьон ис­­пииһэгэр 600-чэкэ сайабылыанньаны киллэрбэтэхтэрэ, тоҕо диэтэр, дьиэлэригэр бырапыыскалара суох эбит. Онон, уу ылыан сөптөөх сиргэ олорор дьон, бастатан туран, дьиэлэригэр бырапыыска оҥорторо охсуохтаахтар.

Үйэлэрин тухары муспут баайдарын, дьиэлэрин-уоттарын уу ылан, туһаттан таһаарара тус­­таахха сүрдээх ыарахан суол. Судаарыстыба өттүттэн кинилэргэ туох көмө оҥоһулларый?

Бас билээччи эбээһинэһэ

РФ Гражданскай кодексын 209-с ыстатыйатын чэрчитинэн, баайы бас билээччи дьиэтин-уотун, сүөһүтүн, тырааныспарын бэйэтэ көрүөхтээх-харайыахтаах. Халаан уута кэлэрин чугаһыгар сөптөөх миэрэлэри ылыныахтаах: сыаналаах малларын, докумуоннарын, сүөһүтүн уу ылбат сиригэр ил­­дьиэхтээх. Ону тэҥэ, баа­­йын-дуолун эрдэттэн страховкалыыра ордук.

Халаан туһунан информацияны ЫБММ сайтыттан 14.mchs.gov.ru, эбэтэр “Инстаграмҥа” баар страницатыттан көрө-билэ оло­руохтаах. Улахан уу барбытын кэнниттэн, дьиэни куурдар, хаалбыт ууну түһэрэр, о.д.а. үлэни ыытыахтаах. Бу миэрэлэри оҥорботох ­буоллаҕына, судаарыстыба тахсыбыт хоромньуну төнүннэрбэт, ону өйдүөххэ наада!

Көмө кээмэйэ

“Ыксаллаах быһыы-майгы туһунан” федеральнай сокуон чэрчитинэн, эмсэҕэлээбит дьоҥҥо материальнай хоромньулара толуйуллар, дьиэ бэриллэр, үлэ булалларыгар көмө оҥоһуллар. Онуоха туох ирдэбил баарый?

Эмсэҕэлээбит киһи РФ гражданина буолуохтаах; дьиэтигэр бастайааннай олорор бырапыыска ирдэнэр (байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыбыттар, күнүскү үөрэххэ үөрэнээччилэр эмиэ хапсаллар); баайын-дуолун толору, эбэтэр сороҕун сүтэрбитэ мэктиэлэниэхтээх. Оччоҕо СӨ резервнэй пуондатыттан көмө ылар бырааптаах:

— биирдэ бэриллэр көмө – биир киһиэхэ 5 тыһыынча сол­куобай;

— баайын-дуолун толору сүтэрбит киһиэхэ – 20 тыһыынча солкуобай, наадалаах малын-салын сүтэрбиккэ – 10 тыһыынча сол­куобай;

— ыксаллаах быһыыга-майгыга доруобуйалара эмсэҕэлээбиттэргэ: чэпчэки соҕустук – 50 тыһыынча солкуобай, ыараханнык – 100 тыһыынча солкуобай;

— ыксаллаах быһыы-майгы кэмигэр өлбүт киһи дьиэ кэргэнигэр 500 тыһыынча солкуобай төлөнөр.

Оттон федеральнай көмөнү ыларга нуорма-быраап аактата оҥоһулуннаҕына:

— биирдэ бэриллэр көмө – биир киһиэхэ 10 тыһыынча сол­­куобай;

— баайын-дуолун толору сүтэрбит киһиэхэ – 100 тыһыынча солкуобай, наадалаах малын-салын сүтэрбиккэ – 50 тыһыынча сол­куобай.

Сайабылыанньаны суруйуу

Социальнай төлөбүрдэр сайабылыанньа сурулуннаҕына, докумуоннар хомуллан туттарылыннахтарына эрэ, оҥоһуллаллар. Эмсэҕэлээбит киһи бэйэтэ тии­йэн сайабылыанньа суруйбатаҕына, испииһэккэ киирбэт. Ону тэҥэ, докумуоннар ирдэнэллэр, онон халаан буолуон иннинэ, эрдэттэн докумуоннары уу ылбат сиригэр илдьиллиэхтээх.

Испииһэги дьаһалталар оҥороллор. Испииһэккэ киирбэтэх киһи суут нөҥүө эмсэҕэлээбитин дакаастыан наада. Холобур, бырапыыската суох буоллаҕына, үлэтиттэн, буостаттан, дьаһалтаттан, ИДьМ, үөрэх, эмп тэрилтэлэриттэн ыспыраапкалар, аймахтарын, ыалларын көрдөрүүлэрэ, о.д.а. наадалар.

Дьаһалта сайабылыанньаны ылан, 5 күн иһигэр регистра­циялыахтаах, анал хамыыһыйа эмсэҕэлээбит баайы-дуолу көрөн баран, аах оҥоруох­таах. Докумуона барыта баар буоллаҕына, 30 күнүнэн эппиэт кэлиэхтээх. Эппиэт кэлбэтэҕинэ, прокуратураҕа, эбэтэр суукка үҥсэр бырааптаах.

Амма улууһун прокуратурата былырыын 11 ирдиир са­­йабылыанньаны суукка ыыппыта. Ол түмүгэр халаантан эмсэ­ҕэлээбит биэнсийэлээхтэр, сокуоннай саастарын туола илик оҕолор уонна элбэх оҕолоох ийэ материальнай көмө ылар кыахтаммыттара.

Ханнык түгэҥҥэ аккаастыылларый?

Сайабылыанньаны ыларга аккаас төрүөттээх буолуохтаах:

— Бырапыыската суох, эбэтэр ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньата биллэриллибитин кэннэ бырапыыскаламмыт. Холобур, ыам ыйын 26 күнүгэр ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибит, оттон эмсэҕэлээбит киһи ыам ыйын 28 күнүгэр бырапыыскаламмыт. Оччотугар сайабылыанньаны ылбаттар, суут нөҥүө быһаарсаллар;

— Олорор  дьиэ докумуоннара суохтар (суут нөҥүө быһаарыллар);

— Наадалаах мал-сал (холодильник, тэлэбиисэр, билиитэ, ыскаап, орон, дьыбаан, остуол, устуул, хочуол, о.д.а.) эмсэҕэлээбэтэх буоллаҕына. Бу туһунан ха­­йаан да аахха киллэрил­лиэн наада. Холобур, олбуоругар са­­йыҥҥы тутуулар, баанньык, тэпилииссэ, сарай, күрүө-хаһаа, массыына алдьаммыт буоллаҕына, балар аахсыллыбаттар.

Болҕойуҥ! Материальнай көмө ылар туһуттан сымыйа сибидиэнньэлэри биэрии, докумуоннары албыннаан оҥорторуу Холуобунай кодекс “Түөкүннээһин” диэн 159-с ыстатыйатыгар түбэһэр.

Дьиэ сэртипикээтин кимиэхэ биэрэллэр?

Киһи бастайааннай олорор, баар-суох (соҕотох) дьиэтэ ууга баран, кыайан өрөмүөннэммэт туруктаммыт уонна бырапыыска­лаах буоллаҕына, дьиэ сэртипикээтин ылар бырааптаах.

Соҕотох олорор дьоҥҥо 33 м2, икки киһилээх дьиэ кэргэҥҥэ 42 м2, үстэн элбэх киһилээх дьиэ кэргэҥҥэ – хас биирдиилэригэр 18-тыы м2 тиксэрин курдук суоттанар, ол эрээри, урукку дьиэлэриттэн улахана суох иэннээх буолуохтаах.

Дьиэ сэртипикээтэ бэриллиэҕиттэн 3 ый иһинэн, муниципальнай былаас олорор дьиэнэн хааччыйыахтаах. Урукку дьиэлэрэ страховкаламмыт да буоллаҕына, дьиэ сэртипикээтэ бэриллэр.

Сүөһү, сылгы өллөҕүнэ

Саха сиригэр халаан уута сороҕор эмискэччи кэлэр. Олорон биэрэн, сүөһүлэрин, сылгыларын былдьатааччылар. Уһун кыһыны быһа аһатан-сиэтэн, көрөн-истэн баран, илии соттон хаалар, биллэн турар, кыһыылаах.

Ол эрээри, сүөһү өллөҕүнэ, көмө оҥоһуллар. Маннык доку­муоннар наадалар:

  1. Чааһынай хаһаайыстыбаларга: ИНН, ОГРН куоппуйата.

  2. Улуус хамыыһыйата ха­­лаантан эмсэҕэлээбит тыа хаһаа­йыстыбатын кыылларын чинчийбит аахтата (хас биирдии хаһаайыстыбаҕа туспа аах);

  3. Сүөһүлэр, сылгылар өлбүттэрин туһунан сибидиэнньэ (форма 2);

  4. Бэтэринээринэй лаборатория сүөһү хайдах өлбүтүн бы­­һаарыыта. Сүөһү өлүгэ суох буоллаҕына, дьаһалта ыспыраапката ирдэнэр;

  5. 21х15 кээмэйдээх хаартыскалар.

Докумуоннары тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар туттараллар.

Былырыын 63 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 208 төбө сылгы, 36 төбө сүөһү, 242 көтөр ууга баран, 16 мөлүйүөн солкуобайтан тахса хоромньу тахсыбыта. Быйыл ууга барыахтарын сөптөөх сэлиэнньэлэргэ 35 тыһыынча сүөһүнү, 31 тыһыынча сылгыны быстах кэмҥэ үрдүк сиргэ үүрэн көрүөхтэрэ. Онно анаан 1 125 туонна от, 182 туонна комбикорм, 136 туонна туораах бурдук бэлэмнэммит.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0