Күн бүгүҥҥү туругунан, ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ Орто Халыма улууһун Сыбаатай, Арҕахтаах нэһилиэктэригэр, Уус Алдан Дыгдалыгар уонна Аллараа Халыма Андрюшкинотыгар салҕанар.
Сыбаатайга уу таһыма 657 см буолла, суукка устата 4 см түһэр. Билигин түөрт дьиэ олбуора, сөмөлүөт түһэр былаһаакката ууга олороллор. Арҕахтаахха уу таһыма 861 см, уу сууккаҕа 2 см эрэ түһэр. Уу биэс ыал дьиэтин, 21 ыал тиэргэнин итиэннэ бөһүөлэк иһинээҕи суолу, сылытар ситими ылан сытар. Андрюшкиноҕа уу таһыма 1006 см тиийдэ, сууккаҕа 2 см эбиллэр. Икки ыал дьиэтэ, оҕо саадын дьиэтэ уонна метеобылаһаакка, бөртөлүөт түһэр сирэ ууга тураллар.
Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1