Халаан уутугар төһө бэлэммитий?

Бөлөххө киир:

Бүгүн, олунньу 1 күнүгэр, «Саха» НКИХ ханаалыгар 11.00 чаастан СӨ бырабыыталыстыбатын 2019 сыллааҕы үлэтин отчуоттаата.

Аллараа Халыма оройуонуттан Калугина диэн олохтоох эрийэн быһа сибээскэ таҕыста. Кини: «Халаан уутугар эмсэҕэлээн дьиэбит-уоппут барыта ууга барбыта. Быйыл саас тугу күүтэбитий, бу хайысхаҕа туох үлэ ыытылларый?» — диэн ыйытта.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов:

— Саас халаан уута өрүү сэрэхтээх. Быйылгы уу этэҥҥэ ааһыа диэн эрэнэбит. Кадастровай учуокка туруорар наада. Халаан уутугар бэлэмнэниигэ анал үөрэҕи ыытар ыстааптары бэлэмниэхпит. Маны таһынан үп-харчы өттүнэн саппааһырыахха наада.

Олохтоох нэһилиэнньэ сэрэхтээх буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Лепчиков: «Сааскы халаан уутун күнүн-дьылын гидрометео-сулууспалар муус устар 15 күнүн кэнниттэн тиэрдэллэр. Ааспыт сыл уу кэлиитин тохтоппуппут. Онон быйыл даҕаны халаан уутугар бэлэмнэнии үлэтин ыытыахпыт. Сүөһүнү-сылгыны куттала суох сиргэ илдьэр үлэни тэрийиэхпит. Билиҥҥинэн 120 нэһилиэнньэлээх пууннар ууга барар сэрэхтээхтэр», — диэн эттэ.

Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0