Халаан уута ылыан сөптөөх сиргэ олорооччулар истиилэригэр
14.05.2020
Ыам ыйын 14 күнүн 15 чаастааҕы туругунан, Дьокуускай аннынан уу таһыма эмиэ үрдээн эрэр, 850 см тиийдэ (кутталлаах таһым 827 см). Халаан уута ылыан сөптөөх сиргэ олорооччулар истиилэригэр:
edersaas.ru
— Кыһыҥҥы таҥаһы, бытовой тиэхиньикэни, миэбэли уу тиийбэт сиригэр таһаарыҥ.
— Эрдэттэн дөкүмүөҥҥүтүн, сылаас таҥаһы, утуйар таҥаһы, аһылык саппааһын, эми-тому бэлэмнээҥ.
— Халаан уута кэлэр түгэнигэр бэлэмнээбит малгытын ылан эвакуациялыыр пууҥҥа (оскуола дьиэтэ) көһүөххэ, сылгыны-сүөһүнү куттала суох сиргэ үүрэн илдьиэххэ наада.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1