Халаан: Уус Маайа үс нэһилиэгин уу ылла

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 15 күнүнээҕи чахчынан, Уус Маайа улууһугар халаантан Күп уонна Эдьээн эбэҥки национальнай нэһилиэктэрэ, Элдьикээн бөһүөлэгэ эмсэҕэлээтилэр.

Күп: уу 230 тиэргэни, 67 олорор дьиэни ылла. Быстах түһүлгэлэнэр сиргэ 367 киһи, ол иһигэр 107 оҕо көһөрүлүннэ, 33 ынах сүөһү таһаарылынна. Билигин манна 13 быыһыыр сулууспа байыастара, саахал медицинатын быраастара үлэлииллэр.

                                                                                                 Арыыга хаайтарбыт кусчуттары таһаарыы 

Эдьээн: 22 дьиэни уу ылан, быстах олорор сиргэ 65 киһи, ол иһигэр 21 оҕо, олохтонно, 39 киһи, ол иһигэр 28 оҕо Уус Маайаҕа эвакуацияланна. Сүөһү-сылгы үрдүк сиргэ таһаарылынна.

                                                                                                 Эдьээннэр эвакуацияҕа бардылар

Элдьикээн: 419 тиэргэн, 83 дьиэ ууга барда, 423 киһи, ол иһигэр 119 оҕо быстах олорор пууҥҥа олохсутулунна.

                                                                                                 Халаан хараастыылаах хартыыната

Уус Майаттан Евсей Лугинов,“Саха сирэ”, edersaas.ru сайтка анаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0